Саха норуотун поэта, оҕо суруйааччыта Иван Васильевич Мигалкин олорон, үлэлээн ааспыт олоҕун, суруйан хаалларбыт айымньыларын оҕолор араас өттүттэн көрөн чинчийэллэр. Ол туһунан биһиги Уус Алдан улууһугар бастакы комнадировкабытыгар сылдьаммыт биллибит.
Иван Васильевич 70 сааһыгар аналлаах научнай-практическай конференцияҕа оҕолор чинчийбит үлэлэрин кэпсээтилэр. Кинилэргэ көмөлөспүт дьонноро учууталлар, бибилэтиэкэрдэр буолаллар.
Маргарита Тимофеевна Попова Майаҕас орто оскуолатыгар педагог-бибилэтиэкэрэ. Биһиги киниттэн конференция туһунан кэпсииригэр көрдөстүбүт.
– Мин санаабар, оҕолор үчүгэй баҕайытык кытыннылар. Бүгүҥҥү тэрээhиҥҥэ Иван Васильевич дойдутугар Тулунаҕа оскуолаҕа үөрэнээччилэр наһаа үчүгэйдик көрүстүлэр. Маладьыас оҕолор диэн хайгыы көрдүм. Оскуолаҕа туох ханна баарын барытын көрдөрөн, быһааран биэрэллэр. Тулуна үөрэнээччилэригэр махталбын биллэрэбин, – диэн эттэ Маргарита Тимофеевна.
– Маргарита Тимофеевна, Иван Васильевич Мигалкины эһиги хаһааҥҥыттан билэҕитий?
— Ахсыс кылааска үөрэнэ сырыттахпытына, саха тылын, литературатын учуутала Иван Мигалкины кытта көрсүһүүнү тэрийбитэ. Кини ол көрсүһүүгэ олус элбэҕи кэпсээбитин умнубакка өйдөөн хаалбытым. Биhиги Иван Васильевыһынан киэн туттабыт. Бүлүүгэ педучилищеҕа үөрэнэ сылдьан бэлиэ суолу-иhи хаалларбыт этэ. Учууталларын туһунан куруук киэн тутта кэпсиирэ. Иван Мигалкин айан, суруйан хаалларбыт үлэтэ олус баай, киэҥ. Кини дьиэтигэр сылдьан көрдөхпүнэ, олох бэйэтэ музей курдук буолааччы. Түөрт эркинэ барыта кинигэ. Мин санаабар, Иван Васильевич Мигалкин айар үлэтин чинчийии, үөрэтии үгүс сылларга ыытыллыа.
– Улахан махтал!
***
Научнай-практическай конференция кыттыылааҕа Сааскылаана Малышева Лөгөйдөөҕү лиссиэй-интэринээт VI кылааһын үөрэнээччитэ. Иван Мигалкин “Ийэ уонна Алаа Моҕус” кинигэтин үөрэппит. Бу айымньы оҕону аһыныгас буоларга, куһаҕаны үчүгэйтэн араарарга, ийэҕэ көмөнү, тапталы күүһүрдэргэ үөрэтэр диэн түмүккэ кэлбит. Кини салайааччыта Майя Алексеевна Дьяконова. Сааскылаана чинчийэр үлэтин өссө салгыыр былааннаах.
***
Айыллаана Прибылых Дүпсэ оскуолатын VIII кылааһын үөрэнээччитэ. Чинчийбит тиэмэтэ: “Иван Мигалкин оҕолорго кинигэлэрэ”. Салайааччыта алын сүһүөх кылаас учуутала Раиса Петровна Протопопова. Айыллаана чинчиэйр үлэтигэр Иван Мигалкин оҕолорго анаан таһаарбыт кинигэлэрин хас сыллаахха бэчээттэппитин, хас саастаах оҕолорго анаабытын, кинигэлэрэ хас устуука экземплярынан бэчээттэнэн тахсыбытын – барытын сааһылаан оҥорбут.
Айыллаана аахпытынан, Иван Васильевич кинигэлэрэ 27500 тираһынан бэчээттэммиттэр эбит.
“Кини айымньылара оҕону төрөөбүт дойдуну таптыырга, патриотическай өйү-санааны уһугуннарарга, сиэрдээх буолууга иитэр аналлаахтар. Оскуолаҕа киириэх иннинээҕи уонна кыра кылаас саастаах оҕолорго анаан суруйбут хоhоонноро олус истиҥнэр, оҕо өйүгэр түргэнник хатаналлар, айымньылара иитэр суолталара улахан. Иван Мигалкин кырачааннарга анаабыт хоһоонноругар эбээ, эһээ таптала күүстээҕин көрөбүт. Ааптар тус бэйэтэ сиэннэригэр ураты, эйэҕэс сыһыанын көрдөрөр”, – диэн түмүккэ кэлбит.
***
Тулуна орто оскуолатын үөрэнээччитэ Вика Атласова «Поэт родного края» диэн остуол оонньуутун бырайыагын оҥорбутун туһунан кэпсээтэ. Манна карточкаларынан ыйытыыларга хоруйдаан оонньуохха сөп эбит. Карточкаларга суруйааччы олоҕун, аймньыларын туһунан ыйытыылардаах буолар. Оҕолор сөпкө эппиэттээн истэхтэринэ, инники баран иһэллэр, очко ылаллар. Ким элбэҕи билэр ол элбэх очкону ылар.
***
Оҕолор үлэлэрин сыаналаабыт дьүүллүүр сүбэ эдэр чинчийээччилэр үлэлэрин үрдүктүк сыаналаатылар. Ол эрээри оҕолор үлэлэригэр сыыһалар баалларын эттилэр. Иван Васильевич Мигалкин икки улуус бочуоттаах олохтооҕо буолбакка, үс улуус – Уус Алдан, Бүлүү, Нам улуустарын Бочуоттаах олохтооҕо буолар. Итинник сыыһалары оҕолор аныгыскы сырыыга таһаарбаттарыгар эттилэр.
Оттон биһиги санаабытыгар, конференция үчүгэйдик барда. Ол гынан баран, сорохтор наар кумааҕыттан эрэ ааҕан биэрдилэр. Дьүүллүүр сүбэ диэки көрбөттөр. Ол кинилэр долгуйалларыттан буолуон сөп.
Биһиги бу конференцияҕа сылдьан Иван Мигалкин туһунан элбэҕи биллибит. Ол барыта саха литературатын үөрэтэрбитигэр туһалыа дии саныыбыт.
Катя БАКАЕВА, Алеся НИКОЛАЕВА, VIII “Г” кылаас,
Дьокуускай куорат 17 №-дээх орто оскуолата