Владимир Михайлович Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолатыгар уйулҕа ыйа ыытылла турар.
Бу ый чэрчитинэн алтынньы 16 күнүгэр үөрэнээччилэргэ психология учуутала Анетта Николаевна Гаврильева тэрийээһининэн Килиэп күнэ ыытылынна. Бу күн остолобуойга оҕолорго килиэп сиэттилэр уонна «Дьоһуннааҕы кэпсэтиигэ» аактабай саалаҕа муһан, дьоҕус тэрээһин буолла. Оскуола бибилэтиэкэрэ Ульяна Устиновна Захарова килиэп туһунан хоһоонун аахта.
— Билиҥҥи үйэҕэ килиэп, бурдук төһө да дэлэйбитин иһин, 1941-1945 сс., сут кураан сылларыгар, ыччат дьылҕатын, оччотооҕу ыарахан олоҕу-дьаһаҕы, биир ыал хас да килиэби үллэстэн сииллэрин, ону тэҥэ бурдук суох буолан, кутуйах хасааһыттан аһаан-сиэн, ынах бэрбээкэйин уҥуоҕуттан куукула, оонньуур оҥосто сылдьаахтаабыппыт диэн эбээлээх эһээм ахталлара. Онон кинилэр кэпсээннэригэр улааппыт буолан, итинник кэми, кыһалҕаны олус чугастык ылынабын, — диэн Ульяна Устиновна кэпсиир.
Маны таһынан кини оҕолорго сэрии сылларыгар килиэп, бурдук күндүтүн туһунан кэпсээтэ, ону тэҥэ оҕолорго килиэп туһунан уруһуйдары уонна мультиктары көрдөрдүлэр.
Алена Гаврильева, 8 кылаас үөрэнээччитэ:
— Үгүс оҕо килиэби сүрүн аспыт буоларын быһыытынан харыстыахтаахпыт. Элбэх киһи түбүктээх үлэтин түмүгүн сыаналыах тустаахпыт. Сэрии кэмигэр элбэх киһи хоргуйан өлбүт эбит. Тоорохой килиэп күндү буолын өйдөөтүм, быһыы килиэп оҕото — бу киһи тыыннаах хаалар эрэлэ. Ону билиҥҥи оҕо тото-хана аһыыр буолан, килиэби сиргэ тэпсэ, быраҕа сылдьар буолбута олус хомолтолоох буолар.Ону тэҥэ 6-7 кылаас оҕолоругар «Лисичкин хлеб» диэн кэпсээни аахтылар уонна сынньалаҥ кэмигэр 1984 сылга тахсыбыт «Хлеб» диэн ааттаах ойуулугу, сахалыы, нууччалыы өс хоһооннорун билиигэ тургутук ыыттылар. Тэрээһини олус астынным.
Бу күн үгүс оҕоҕо олус туһалаах буолла уонна оҕолор аһыыр астарын сыаналыахтара диэн эрэнэбит.
Эрчим НИКОЛАЕВ,
IX кылаас, В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолата, Амма.