Биһиги, «Кэскил» медиа оскуола юнкордара бу күннэргэ саха норуотун поэта, оҕо суруйааччыта Иван Васильевич Мигалкин төрөөбүтэ 70 сылыгар аналлаах тэрээһиннэри сырдата Уус Алдан улууһугар үлэлии сылдьабыт.
Иван Васильевич кэргэнин Зоя Васильевнаны кытта тэрийбит В.А. Протодьяконов-Кулантай аатынан музей-комплекстарыгар сырыттыбыт. Музей Чараҥ нэһилиэгэр баар.
Мин манна история биир чахчытын туһунан биллим. 1936 сыллаахха балаҕан ыйын 13-14 күннэригэр үс улуус дьонун түмэн тэриллибит Уус Алдан оройуонун ыһыаҕа Чараҥҥа буолбут. Онно 25 нэһилиэк 107 холкуоһуттан уонна ыаллыы сытар Мэҥэ Хаҥаластан тыьынчанан киһи мустубут.
Музей-комплекс сэбиэдиссэйэ Клара Анатольевна Крылова кэпсээбитинэн, бу ССРС саҥа сталинскай конституциятын бырайыагын норуот бүттүүнэ дьүүллэһэ сылдьар кэмэ эбит.
Тыһыынчанан дьоннор ортолоругар Платон Алексеевич Слепцов (Ойуунскай), саха суруйааччыта Николай Егорович Мординов-Амма Аччыгыйа бааллар эбит. Ойуунскай норуот иннигэр трибунаҕа туран «Очуос таас уоттара» хоһоонун аахпыт. Бу бэлиэ суолталаах ыһыах туһунан телевизорга, хаһыаттарга таһаарбыттар.
Ити курдук Иван Васильевич Мигалкин тэрийбит музей-комплекса историяны харыстаан илдьэ сылдьар, көлүөнэттэн көлүөҕэ тиэрдэр.
Катя БАКАЕВА, VIII «Г» кылаас, Дьокуускай куорат 17 №-дээх орто оскуолата