1956 с. алтынньы 15 күнүгэр Таас Тумуска сири тобулу үүттүүр скважинаттан, Саха сиригэр аан маҥнай, айылҕа гааһа модун күүскэ өрө уһууран тахсыбыта. Бу олус улахан суолталаах арыйыы тыйыс тымныы айылҕалаах төрөөбүт дойдубутугар суолтата тугунан да кэмнэммэт. Айылҕа гааһа ханна хайдах көстүбүтүн, сөхтөрбүтүн туһунан Кэбээйи оройуонун учуутал поэта Иван Романович Петров «Булчут кэпсээнэ» диэн Н.М. Олесовка анаабыт хоһоонугар суруйбута.
Булчут кэпсээнэ
Н.М. Олесовка
Күһүн тыаҕа бултуу сылдьан,
Халлааҥҥа уһуурбут уоттан,
Хайа иэдээн турда диэммин,
Куттаммыппын кэпсиибин…
…Арай онно саһыл сүлэн,
Аһаан бүтэн эрдэхпинэ –
Дьэ доҕоор, «Таас Тумустан»
Дьикти сырдык кыыһар төлен,
Хараҥа түүнү өмүрдэн,
Хайа солоон уһуурбута!
Киһини былдьыах сүрдэнэн,
Кэҥээн-уһаан суостаммыта.
Тусаһабар, үүтэнн дьиэбэр
Тунал күнүс көтөн түһэн,
Сааскы этиҥ сардаҥатын
Сайа ыһан дьиримнэттэ!..
Өй-мэйдээх тулуйбатынан
Өлүү сатата улуйда.
Сэрии буомбатын санатан
Сир-буор титирии ньиргийдэ!
Үүтээн аанын ыга саптан
Өр тыыммакка чуумпурбутум.
Туох-ханнык буоларын күүтэн
Туймаарыйан олорбутум…
Онтон эбэм – Луҥха тамаҕар,
Ойуун күөлүн чугаһыгар,
Ротор сири үүттүүрүн,
Ол сэппит тугу көрдүүрүн,
Оройдоттум, үөрэ түстүм! –
Үс күннээх киистэммит саҕа
Үлүскэннээх үөрүү буолла.
Аал уоппар айах туттум,
Алгыспын биэрэн уоскуйдум:
Дойдубут сундуугун астаҕа,
Дьолбут күүспүт баһыйдаҕа…
Уолан бэрдинии тэмтэйэн,
Ойон тахсан көрбүтүм –
Улуу Лена тумулуттан
Уот гаас уһуутуу умайан,
Күн курдук күлэр чаҕыллаах
Күлүмэх уотунан
Үрдүк мэҥэ халлааҥҥа
Өрө күлүмнүү турбута!..
Хоһооҥҥо Сахабыт сиригэр айылҕа гааһа көстүбүт күнэ – улахан соһуччу үөрүү хомоҕой тылынан сиһилии суруллар. Айымньыны ааҕан ол кэми, дойдубутугар гааһы туһаныы саҕаланыытын чахчытын билсиэҕиҥ.
«Нуклеус» пост, Кэбээйи оскуолата.
keskil14.ru