Саха норуотун поэта, оҕо суруйааччыта Иван Васильевич Мигалкин үбүлүөйдээх 70 сааһыгар үс күннээх тэрээһиннэр ыытылла тураллар. Биһиги, «Кэскил» медиа оскуола юнкордара, сырдатыы үлэтигэр кыттыыны ыла сылдьабыт.
Үлэбит бастакы күнэ Чараҥҥа «Кулантай үйэлээх бэлэҕэ» диэн В.А. Протодьяконов-Кулантай аатынан түмэлгэ экскурсия буолла. Бу түмэли Зоя Васильевна уонна Иван Васильевич Мигалкиннар 1993 сыллаахха төрүттээбиттэрэ. Онуоха сүрүн тирэҕинэн Кулантай кинигэлэрэ буолбуттар.
https://vk.com/wall-199463452_23047 Түмэл дьиэтэ бастаан медпуун эбит. Онтон Иван Васильевичтаах Кулантай аатынан түмэли тэрийэр идеяларын өйөөн, медпуун дьиэтин көҥүллээн биэрбиттэр. Түмэл арыллар сылыгар аттыгар саха балаҕанын туппуттар. Территориятыгар 8 муннуктаах бабаарына турарын киһи тута бэлиэтии көрөр. Нуучча тылыттан «поварня» диэн буолар. Аатыгар да этиллэрин курдук, дьон-сэргэ түмсэн, мустан аһыыр сирэ. Билигин бабаарынаҕа араас тэрээһиннэр ыытыллаллар.
1995 сыллаахха литературнай гостевой дьиэ тутуллубут. 1996 сыллаахха Саха сирин норуоттарын бастакы спартакидалара Уус Алдаҥҥа ыытыллыбыта. Онно Саха өрөспүүбүлүкэтин Бастакы Президенэ Михаил Ефимович Николаев хонон, ыалдьыттаан ааспыт.
Салгыы хаҥас диэки бардаххына, Мүрү 1 №-дээх оскуолатын выпускниктара оскуолаларыгар бэлэх ууммут часовнялара турар. Бу часовня бастаан, билиҥҥинэн Лөгөй болуоссатыгар турбут, онтон 2003 сыллаахха түмэл аттыгар аҕалбыттар.
Кулантай аатынан түмэлгэ билигин Чараҥ нэhилиэгин историята, В.А. Протодьяконов-Кулантай, Иван Мигалкин айар үлэтин, олоҕун туһунан кэпсиир анал стендэлэр бааллар.
Онтон гостевой дьиэҕэ улуус коллекционердарын чемоданнай быыстапкалара турар. Араас уруучукалар, чаһылар, кинигэлэр о.д.а бииртэн биир интэриэһинэй коллекциялар бааллар. В.А. Протодьяконов-Кулантай аатынан түмэл ветерана Клара Васильевна Бурцева: «Саха норуотун поэта Иван Мигалкин сэдэх коллекциялаах этэ», – диэн кэпсиир https://vk.com/wall-199463452_23046
Павел ГЕРАСИМОВ, VIII кылаас
Родион Перевалов видеота, VIII кылаас
Лөгөй лиссиэй-интэринээт, Уус Алдан