Кэбээйи нэһилиэгэр олорор элбэх оҕолоох эдэр ыал ийэтин, биһиги оскуолабытыгар омук тылын учууталынан үлэлиир Күннэй Гаврильевна Иванованы кытта кэпсэттим. Тыа сиригэр тоҕо олохсуйбуттарын, эдэр ыалга тыа сиригэр олорор туох үтүө өрүттээҕин уонна ыарахаттарын туһунан ыйытыктарбар хоруйудаата.
— Үтүө күнүнэн! Дьиэ кэргэҥҥит туһунан билиһиннэриҥ.
— Мин Иванова Күннэй Гаврильевна диэммин. Кэбээйи орто оскуолатыгар омук тылын учууталынан үлэлиибин. Дьиэ кэргэммит дурдата-хаххата аҕабыт Обутов Николай Николаевич бэйэтэ тус дьарыктаах. Биһиги элбэх оҕолоох эдэр ыал буолабыт. Улахан уолбут Ярик оскуолаҕа 3-с кылааска үчүгэйдик үөрэнэр, икки кырам – игирэлэр, «Мичээр» оҕо уһуйаанын иитиллээччилэрэ.
- Тоҕо эһиги куоракка олорор оннугар, тыа сиригэр олорорго санаммыккытый?
— Кэргэммин кытта саҥа үөрэхпитин бүтэрэн баран, салҕыы хайдах буолабытый диэн толкуйдаммыппыт. Куоракка бэйэбитигэр табыгастаах үлэ булбакка, төрөөбүт-үөскээбит дойдубутугар Кэбээйигэ көһөн кэлэн, олорбуппут үһүс сылыгар барда. Кэргэним тутанына Газовай сулууспаҕа үлэҕэ киирэн, дьарыктаах буолбута. Мин оҕолорум улааппыттарым кэннэ, учууталынан анаммытым. Тыа сиригэр үлэлиирбитин олус сөбүлүүбүт, дойдубутугар кыым да саҕа үтүөнү оҥорорбутуттан астынабыт.
— Тыа сиригэр олорор эдэр ыалга туох үтүө өрүттээҕий ? Ханнык ыарахаттары көрсөҕүтүй?
— Саҥа ыал буолбут эдэр дьоҥҥо олохторун тыа сириттэн саҕалыыллара ордук дии саныыбыт. Тоҕо диэтэр, төрөппүттэрин, чугас дьонуҥ аттыгар буоланнар, барытыгар күүс-көмө буолаллар. Үп-харчы да өттүнэн ыарахатттары көрсүбэтибит, сыана да чэпчэки. Маны таһынан нэһилиэкпит олоҕо олус сэргэх. Араас тэрээһиннэр, тэрилтэнэн күрэхтэр буолаллар, онно барытыгар дьиэ кэргэмминээн барытыгар көхтөөх кыттыыны ылабыт, онон чуҥкуйбаппыт.
Нэһилиэкпит эдэр ыччаттарын түмсүүтүгэр күүскэ үлэлиибит. Оҕолорго, эдэр ыччаттарга спортивнай күрэхтэри да тэрийэбит, концертарга да кыттабыт.
Ол эрэн улахан наадалаах буоллаххына, Дьокуускайга баран кэлиэххин наада.
— Эдэр ыалларга көрүллэр ханнык көмө программалары туһаммыкытый?
— Быйыл эдэр ыал программатанынан Дальневосточнай ипотеканы туһанан Дьокуускайга дьиэ туттан эрэбит. 2023 сылтан туруоруммут сыалбыт олоххо киирэн эрэриттэн үөрүүбүт муҥура суох.
— Атын эдэр ыалларга тугу сүбэлиэххит этэй?
— Эдэр ыалларга тыа сиригэр олорор үчүгэй! Төрөөбүт дойдугуттан күүс ылан, биир дойдулаахтарыҥ алгыс тылларынан кынаттанан, атаххар тураргар чэпчэки буолар дии саныыбыт. Туохтан да толлубакка, кыра ыарахаттары тулуйан, ааһан, инникигит диэки баран иһэргитигэр, дьиэ кэргэҥҥитигэр, оҕолоргутугар дьолу, үгүс үөрүүнү, ситиһиини баҕарабыт.
Эппиэккит иһин махтал!
Сайаана Терехова, 10 кылаас
«Дьоҕур» медиакиин, Кэбээйи орто оскуолата