Дьоллоох ыал диэн кимнээҕи ааттыылларый? Тыа сиригэр олорор тугунан үчүгэйий? диэн ыйытыылаах нэһилиэкпит дьоһуннаах, элбэх оҕолоох, эдэр ыалыгар Потаповтарга ыалдьыттаатыбыт. Ыал аҕата Евгений Васильевич биһиги нэһилиэкпит ыччата, ыал ийэтэ Аирина Юрьевна ыраах Усуйаана Туматыттан төрүттээх. Аирина Юрьевна Бүлүүтээҕи педколледжка үөрэнэ сырыттаҕына көрсөн харахтарынан хайҕаһан, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн ыал буолбуттар. 4 кыталык кыргыттардаахтар. Улахан кыыс Зарияна 4 кылааска, Вилюяна бастакы кылааска үөрэнэллэр, икки кырачааннар уһуйаан иитиллээччилэрэ.
Евгений Васильевич кыралыын-улаханныын 50ча төбөлөөх улахан хаһаайыстыбаны көрөр-истэр. Бүлүү улууһун тыатын хаһаайыстыбатын департамена өйөөһүнүнэн 50 төбөҕө анаммыт аныгы хотону туттаран кыстыкка киллэрээри сүүрэ-көтө сылдьар. Тоҕо маннык хаһаайыстыба тэринэргэ санаммытын ыйыталастыбыт. Кини кэпсииринэн, араас үлэлэргэ үлэлээн көрөн баран, нэһилиэк тыатын хаһаайыстыбатын специлиһинэн үлэлии сылдьан, мин маны кыайыахпын сөп эбит диэн санааҕа кэлбит. Бу эрэ буолбатах, урут совхоз саҕана нэһилиэк 2 тыһыынча кэриҥэ ынах сүөһү, тыһыынча кэриҥэ сылгыны иитэн турбутун, билигин бу ахсаантан түөрт гыммыттан биирэ эрэ хаалбытын соһуйа, хомойо билбит. Ньурбаттан 2 ынаҕы уонна оҕуһу аҕалан саҕалаабыт. Тыа сирэ сайдар суола тыа хаһаайыстыбата атаҕар турарыттан улахан тутулуктааҕын өйдүүр буолан, сүөһүтүн элбэтэрин, кэҥэтэрин, үлэ миэстэтэ таһаарарын, племенной үлэни ыытыаҕын, сааһыран сүөһүлэрин эһээри соруммут ыаллары өйөөн сүөһүлэрин туруорарын барытын суоттана, былааннана сылдьар эбит. Бэйэ аһынан-үөлүнэн бэйэлэрин эрэ буолбакка, нэһилиэк дьонун хааччыйарга үтүө санаалаахтар. Ыал аҕатын сүҥкэн былааннара туолуохтарын итэҕэйдибит, сайыннаран өссө кэҥииригэр ис сүрэхпититтэн баҕарабыт.
Ыал ийэтэ Аирина Юрьевна илиитигэр талааннаах иистэнньэҥ, минньигэс астаах асчыт. Холобура, дьиэ кэргэнин ыһыахтарга сахалыы таҥаһынан симиир.
Оҕолорун бэйэлэрин холобурдарынан үлэҕэ такайаллар, иитэллэр. Ыал аҕата мин сатыырбын улахан кыыһым барытын сатыыр, ким да күһэйбэтин үрдүнэн бэйэтин баҕатынан сайылыкка көмөлөспүтэ диэн хараҕа тапталынан туолан киэн тутта кэпсиир. Иккис кыыс кыралары көрсөн ийэ биир тутаах көмөлөһөөччүтэ.
Эдэр ыалларга баҕа санааларын, тыабыт сирэ сайдарыгар-үүнэригэр биһигиттэн улахан тутулуктааҕын өйдөөн олохсуйуҥ, үлэлээҥ-хамсааҥ, бу буолар эдэр ыал дьоло, сарсыҥҥыга саргыта, диэн этэллэр.
Саяна Григорьева, Дайаана Нахова, VIII кылаас үөрэнээччилэрэ. Тааһаҕар, Бүлүү.