Ырыалаах-тойуктаах норуот — инники кэскиллээх, үтүөҕэ-кэрэҕэ тардыһар аналлаах диэн этэллэр. Саха норуотун ырыатын-тойугун көлүөнэттэн көлүөнэҕэ иҥэриигэ, сайыннаран салҕаан барыыга Үөһээ Бүлүү улууһун тойуксуттара, олоҥхоһуттара дьоһун кылааты киллэрсибиттэрэ. Оннук тыл кэрэтин, ууһун баһылаабыт ылбаҕай ырыалаах, дохсун тойуктаах дьонтон биирдэстэринэн биһиги биир дойдулаахпыт Никита Семенович Александров — Ынта Никиитэ буолар.
Н.С.Александров 1874 сыллаахха Дүллүкү нэһилиэгэр Силбээһик аҕатын ууһугар төрөөбүт. Оччотооҕу оҕолор курдук оскуолаҕа үөрэммэтэх. Кэлин Бодойбоҕо мас кэрдиитигэр үлэлээбит. Дьокуускай куоракка олоро сылдьыбыт. Ол кэмҥэ П.А.Ойуунускай «Туйаарыма Куо» олоҥхотун тыйаатырга туруорууга кыттыбыт. Тыла ууһун-уранын, бэргэнин истибит эрэ хайгыыр эбит.
1925 сыллаахха Г.Торохов, онтон 1941 с. дойду биллэр математига И.Н.Григорьев Ынта Никиитэ «Көр Буурай» олоҥхотун сурукка киллэрбиттэр эбит. Онон бу олоҥхо Тыл уонна литература институтун архыыбыгар киирэн, наука эйгэтигэр тахсыбыт. Олоҥхо 13000 хоһоон строкалаах, ортону үрдүнэн кээмэйдээх кэрэхсэнэр айымньы. «Көр Буурай» олоҥхо хоһооно даҕаны, поэтическай тутула даҕаны бастыҥ олоҥхолор кэккэлэригэр киирсэр айымньы буолар» — диэн филологическай наука доктора, профессор В.В.Илларионов этэр.
Хомоҕой тыллаах олоҥхоһут Н.С.Александров — Ынта Никиитэ Дүллүкү нэһилиэгэр олорбут алааһыгар мэҥэ бэлиэ туруоруллар тэрээһинэ ыытылынна. Бу үөрүүлээх түгэҥҥэ олоҥхоһут аймахтара В.З.Иванова, А.Н.Докторова, баһылыгы солбуйааччы В.В.Софронов, Култуура, сынньалаҥ киинин үлэһиттэрэ Н.В.Васильев, Н.К.Петрова, Я.О.Борисова, ыалдьыттарбыт библиотека үлэһиттэрэ кытыннылар.
Мэҥэ бэлиэни туруоруу олохтоох эдэр поэт Н.В.Васильев- Харыйалаах Уола көҕүлээһининэн, алгыһынан тэрилиннэ.
Никита Семенович Александров «Көр Буурай» олоҥхотунан саха төрүт тыла сайдарыгар дьоһуннаах кылаатын киллэрсибит киһинэн буолар. Биир дойдулаахтара бастыҥ олоҥхоһуппут аатын-суолун, айымньытын үрдүктүк туталларыгар баҕарабыт.
Алина Санникова,
X кылаас,
Дүллүкү, Үөһээ Бүлүү