Бүгүн балаҕан ыйын 16 күнүгэр Республиканскай медиа кииҥҥэ художественнай гимнастикаҕа Олимпийскай призердара, Россия, Европа уонна Аан дойду чемпионнара Дина уонна Арина Авериналары кытта көрсүһүү буолла. Бу аҕай иннинэ кинилэр «Газпром – детям» бырайыак чэрчитинэн Саха сирин эдэр гимнасткаларыгар маастар-кылаас ыыппыттар.
Мин биллим хайдах маннык пресс-конференция ыытыылларын. Саалаҕа олорооччу киhи элбэҕэ сөхтөрдө. Саҥа дьону кытта билистим. Диналаах Арина суруналыыстар, эдэр кэрэспэдьиэннэр, эдэр спортсменнар ыйытыыларыгар сүрдээх боростуойдук , өйдөнөр гына эппиэттээтилэр. Бүгүҥҥү спорт сулустарын олус үчүгэй санааны бэлэхтээтэ.
Бары манньыйа сөхпүттэрэ, кыргыттар үчүгэйкээн быыкаайык ыттарын илдьэ сылдьаллар. Онон мин ыйытыым маннык буолла: «Ыккыт туhунан кэпсиэххитин сөп дуо? Кини эhигини кытта куруук сылдьар?»
Кып-кыра маҥан боруодалаах ыттара Бэлла диэн ааттаах, дьигинэн икки ыттаахтар эбит, ол да буоллар биирдэстэрэ эрэ киллэрбиттэр сөмөлүөтүнэн сатаан көтөр кыахтаах. Эрчиллиилэригэр, күрэхтэһии кэмигэр түөрт атахтаах доҕордорун тренердарыгар көрдөрө халлараллар эбит. Ыттара эмиэ художественнай гимнастиканы сөб;лүүр, инвентары кирэр, ордук лиэнтэнэн оонньуурун таптыыр. Кыргыттар күрэхтэһиилэрин болҕойон көрөр. Онон бэйэтэ дьиҥнээх гимнастка дэһэллэр. Сыалгын кыайарга ыараханы уонна бэйэҕин кыайыаххан наада. «Өссө ыраах – улахан кэскил» (дальше – больше) – мин саамай сөбүлээбит Арина уонна Дина Авериналар тыллара. Бүгүҥҥү күн миэхэ элбэх санааны биэрдэ. Маннык дьону илэкөрөн кэпсэтэр кыахтаммыппар бары тустаахтарга махтанабын!
Полина Кузьмина, эдэр кэрэспэдьиэн, 7 №-дээх оскуола, Дьокуускай