Вячеслав Анатольевич Штыров аатынан Томпотооҕу киэҥ хайысхалаах гимназия Томпо улууһугар биир бастыҥ оскуола буолар. Ааспыт 25 сыл устата гимназияны 630 выпускник, олор истэригэр 77 кыһыл көмүс, 55 үрүҥ көмүс мэтээлинэн ситиһиилээхтик бүтэрбит оҕолор дойдубут араас муннугар үлэлии-хамсыы, айа-тута сылдьаллар.
Томпо гимназията 1998 сыллаахха 1-кы №-дээх Хандыга орто оскуолатын баазатыгар арыллыбыта. Маҥнайгы дириэктэринэн Наталья Львовна Винокурова анаммыта. Бу кэмтэн 5-11 кылааска диэри гуманитарнай, физико-математическэй уонна естественнай хайысхаларынан үөрэтэн саҕалаабыттара. Гимназия аһыллыаҕыттан араас кэрдиис кэмнэргэ дьулуурдаахтык, таһаарыылаахтык үлэлээн, эдэр көлүөнэ ыччаты үөрэхтээһиҥҥэ кылааттарын киллэрбит учууталлар буолаллар: Софья Андреевна Диченко, Елена Павловна Огнева, Наталья Михайловна Охлопкова, Альбина Акакиевна Николаева, Евгения Банденовна Винокурова, Екатерина Серафимовна Наумова, Павел Валентинович Суслов, Оксана Ивановна Лебеденко, Лидия Афанасьевна Васильева, Любовь Федоровна Куличкина, Людмила Николаевна Ядрышникова, Наталья Юрьевна Зорина.
Саҥа икки мэндиэмэннээх, таас, толору хааччыллыылаах, аныгы олох ирдэбилигэр эппиэттиир 220 миэстэлээх гимназия бастакы сыбаайта 2018 сыллаахха түспүтэ. Онно Вячеслав Анатольевич Штыров аатын гимназияҕа иҥэрбиттэрэ.
Аныгы кэмҥэ олоҕу кытта тэҥҥэ хардыылыыр, ураты көрүүлээх, сайдыылаах, патриоттуу өйдөөх-санаалаах оҕолору иитэн-үөрэтэн таһаарыы – гимназия сүрүн сыала-соруга буолар. Манна оҕо дьоҕурун, талаанын сайыннарыыга араас хайысхалаах эбии дьарыктар тиһигин быспакка ыытыллаллар. Үөрэх биир кэлим федеральнай стандартыгар олоҕуран, уруок таһынан үлэҕэ оҕо сатабылын уонна киһи быһыытынан хаачыстыбатын сайыннарар бырагыраамалар үлэлииллэр. Ол курдук «Пресс центр», тыйаатыр «Кыра оруоллар», байыаннай-патриотическай кулууп «Восток», «Нежность» үҥкүү ансаамбыла, музей, роботехника.
Күн бүгүн гимназияга 214 оҕо 15 класс-кэмпилиэгинэн үөрэнэр. Естественно-научнай, гуманитарнай, физико-математическэй хайысхалаах кылаастардаах. Оҕолорбут аныгы бириэмэҕэ олоҕу кытта тэҥҥэ сайдалларыгар, олук ууралларыгар «Образование» бырайыак чэрчитинэн «Точка роста» естественнай киин үлэлиир. Ону таһнан үс «Цифровая образовательная среда» диэн кабинет арыллыбыта. 2023 с. «Эркээйи эргиирэ» бырагыраамма пилотнай былаһааккатын быһыытынан үлэлиибит.