Мин быйыл VIII “Азия оҕолорун» күрэҕэр волонтердаатым. Кыһын устата араас отбордары ааһан, түөрт сылга биирдэ буолар «оҕолор олимпиадаларыгар» кэлэн үлэлиир чиэскэ тиксибитим.
Бастакы күннэр лекцияларга, сбордарга, үөрэтиигэ анаммыттара. Онно хас биирдии волонтер кэлэн тугу гыныахтааҕын, ханна барыахтааҕын, куттал суоһуур кэмигэр хайдах буолуохтааҕын туһунан билиһиннэрбиттэрэ. Араас идэлээх дьон туһалаах информациялары кэпсээбиттэрэ.
Мин бэйэм «волонтер главного пресс-центра» диэҥҥэ киирбитим. Биһиги сыалбыт журналистарга көмөлөһөөһүн, күрэх түгэннэрин уһулааһын этэ.
Волонтердарга саамай үчүгэй кэм аһааһын буолара. Бары группабытынан бииргэ мустан олорон сонуннарбытын үллэстэрбит, бэйэ-бэйэбитин кытта билсиһэрбит, кэпсэтэрбит. Повардар олус минньигэстик, тотоойутук, астыктык аһылыкпытын астыыллара. Тото-хана аһаан бараммыт, бөлөхтөргө арахсан күрэхтэһиилэргэ айанныырбыт. Барыбытын тэҥ гына араараллара. Бииргэ сылдьар киһигин кытары өйдөһөн, кэпсэтэн-ипсэтэн сырыттаххына олус интэриэһинэй.
«Азия оҕолоро» күрэҕин туһунан кэпсээтэхпинэ, мин араас көрүҥнэри көрдүм: скалолазание, бокс, тустуу, волейбол, тхэквондо, сүүрүү. Хас биирдии көрүҥ бэйэтин уратытынан киһини сөхтөрөр, кыраһыабай. Спортсменнар бары олус күүстээх дьарыгы ааһаннар, кыахтарын толору туһананнар кииристилэр.
Бу тэрээһин миэхэ элбэх умнуллубат түгэннэри, чугас доҕоттору уонна элбэх туһалаах билиини, уопуту биэрдэ.
Сайаана Захарова, Чыамайыкы орто оскуолатын выпускнига, «Проба пера» юнкора