От ыйын 8-10 күннэригэр Мэҥэ Хаҥалас улууһугар ыытыллыбыт «Тыа сирин оскуолата уонна Үөрэхтээһин маарката» өрөспүүбүлүкэтээҕи XX педагогическай дьаарбаҥка биир саамай элбэх кыттааччылаах түһүлгэтэ «Эркээйи эргиирэ» буолла. Бу былаһаакканы Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үөрэҕириитин уонна Наукатын Министиэристибэтин өйөбүлүнэн СӨ оҕо уопсастыбаннай түмсүүлэрин Сойууһа уонна С.Н. Донской-II аатынан Үөрэҕи сайыннарар уонна идэни үрдэтэр иснститут тэрийэн ыыттылар.
Бу түһүлгэҕэ «Эркээйи эргиирэ» бырагыраама чэрчитинэн семинар ыытылынна. Пилотнай былаһааккалар үлэни-хамнаһы хайдах ыыталларын, оҕону, төрөппүтү, бүттүүн нэһилиэги, улууһу кытта ситимнээх үлэлэрин сырдаттылар.
Ньургуйаана Рожина, «Саһарҕа» уһуйаан, Орто Халыма:
— «Эркээйи эргиирэ» бырагыраама пилотнай былаһааккатын быһыытынан 2021 с. үлэлиибит. Биһиги эҥэр нууччалыы иитиллибит дьон буолан, бастаан киирэригэр олус уустуктук ылыммыппыт, ол эрээри сахалыы өйбүтүн-санаабытын уһугуннарар, оҕолорбутун төрөөбүт тылбытынан үөрэтэр, төрүт дьарыкпытын иҥэрэр баҕа санаа баһаам этэ. Онтон ааҕан, үөрэтэн, педагогическай чаастарга, семинардарга кэпсэтиһэн, ырытан, бастаан уһуйааммыт иһигэр сааһыламмыппыт, онтон оскуолаҕа, олохтоох дьаһалтаҕа тахсан, ситимнээх үлэбит саҕаламмыта. Уһуйааммытыгар хас биирдии иитээччи бырайыактаах. Холобура, «Арктика оонньуулара», «Мин төрөөбүт дойдум — Халымам» курдук бырайыактарга бэйэбит төрүт оонньуубутун, дьарыкпытын, айылҕабытын үөрэтэбит. Билиҥҥи кэмҥэ Интернет ситимин да дьайыытыныан, биһиги улууска интернациональнай дьиэ кэргэн да элбэҕинэн нууччалыы эбэтэр буккуйан саҥарар көстүү элбэх. Ол эрээри онтон санаабытын түһэрэн кэбиспэккэ, сүрүн сыалбыт сахалыы өйү-санааны, толкуйу иҥэрии буолар. Үөрэрбит диэн оҕолор да, төрөппүттэр да онно баҕалаахтар. Онон салҕыы үлэлиибит, сайдабыт. Бу педагогическай дьаарбаҥкаҕа кэлэн, атын дьону-сэргэни көрөбүт, истэбит.
Бу түһүлгэҕэ «Арылы кустук» ситим үлэтин чэрчитинэн «Олоҥхолоох холбука» диэн уһуйаан иитээччилэригэр, алын кылаас учууталларыгар куонкурус киэҥ сэҥээриини ылла.
Кыттааччылар араас матырыйаалы туттан, оҕо олоҥхоҕо интэриэһин көбүтэн, тутан-хабан көрөн, кыттыһан норуот тылынан уус-уран айымньытын үөрэтэллэригэр туттуллардириҥ ис хоһоонноох, дьэрэкээн көрүҥнээх оҥоһуктары аҕалбыттар.
Лена Тарабукина, «Харыйачаан» уһуйаан, Уус Таатта, Таатта улууһа:
— Аптаах холбукабын барытын бэйэм илиибинэн тигэн, дьарыкка туһанабын. Бөлөхпүт төрөппүттэрэ улахан күүс-көмө буолбуттара. Оҕо олоҥхону аҥардас истэн олорорунааҕар, тутан-хабан, тыаһатан көрдөҕүнэ ордук чугастык ылынар. Биһиги олоҥхобут араас жанры барытын хабар. Ол курдук, бу холбуканы арыйан олорон, оҕолор кэпсэтэллэр, хомуска оонньууллар, туойаллар, оһуокай тыла этэллэр, хас биирдии мал-сал суолтатын өйдүүллэр. Биир оҕо кэпсиирин истэн, атын оҕолор саҥаны-сонуну билэллэр.
Вера Старкова, «Кэрэчээнэ» уһуйаан, Хатас:
— Биһиги уһуйааммыт бу куонкуруска хас да үлэни аҕаллыбыт. Мин тус бэйэм холбукам 3D кинигэлээх уонна оруолларынан оонньуурга куукулалардаах. Кинигэҕэ олоҥхоҕо кэпсэнэр 3 дойду баар. Куукулалар эмиэ 3 дойду дьоруойдара. Оҕо манна оруолга киирэн, кинигэ ойуутунан сирдэтэн, олоҥхо туһунан өйдөбүлү ыларыгар улахан көмөлөөх. Бэлэм кыра куукулалары уларытан, сахалыы сирэйдээн, таҥастаан, баатанан куукуланы оҥорор ньыманы туһанан оҥорбутум. Оҕолор олус сэргииллэр, сөбүлээн оонньууллар.
Олоҥхолоох холбукалар тустарынан сиһилии видеоҕа көрүҥ.
keskil14.ru