«Туох барыта оҕо саастан са5аланар», — дииллэрэ, дьэ, чахчы эбит. Кыра эрдэхпитинэ, уруокка таах мээнэ саҥара, баллыгырыы олорор, барыларын аҥаар кырыытыттан үөҕэр, куолуулаан тахсар идэлээх оҕолорбут билигин да оннук кэмэлдьилээх дьон буола сылдьаллар. Оскуоланы бүтэрэн баран, биир дэ эмэ көрсө түстэххэ, дорообото арааһа суох: «Хайа, киммит ырбайан иһэр диэбиппит, эн эбит дуу?» — диэн күлүү-элэк гыммытынан көрсөллөр. Чэ, онно өһүргэнэн да диэн, бэйэлэрин таһымнара соччо буоллаҕа эбээт. Аны, оннук ис култуурата суох ньүдьү-балай дьону кытта кэлин үлэҥ, дьарыгыҥ, үөрэҕиҥ сүнньүнэн бииргэ алтыһыан турдаҕа эбээт. Оо, ыарахаттардаах ээ…
Дьэ, онон тылгынан кими да (оҕону да, оҕонньору да) хомоппот туһуттан эн бэйэҥ майгыгын билиҥҥиттэн иитиэх тустааххын: сиэрдээхтик сэһэргэһэргэ, дьоҥҥо (эдэриттэн, эмэниттэн, кимиттэн, тугуттан тутулуга суох) ытыктабыллаахтык сыһыаннаһарга, доҕотторгор истиҥ, сайаҕас буоларга, кэлэктииби кытта тапсан үлэлииргэ, «субординация» диэни тутуһарга. Быһата, нууччалыы эттэххэ, «тактичнай” буоларга үөрэниэхтээххин.
Онуоха бу тургутук ыйытыыларыгар хоруйдаан, бэйэҕин быһаар, хайдаххын бил. Сүбэлэри ааҕан, итэҕэскин көннөр, үтүө майгылаах буоларга дьулус!
1. Өр көрбөтөх билэр киһигин көрсө түһэҕин. Аатын өйдүү сатыыган да, төрүт умнан кэбиспиккин. Оччотугар:
A) аатын ааттаабакка эрэ кэпсэтэҕин — 2;
Б) кырдьыгынан билинэҕин — аатын умнан кэбиспиккин уонна: «Бырастыы гын, ким диэн этиҥ?»— диэн ыйытаҕын — 1;
B) билбэккин биллэрбэккэ эрэ, түргэн үлүгэрдик кэпсэтээт ааһа тураҕын — 0.
2. Күрэхтэһиигэ кытта, куоракка кэлбиккин. Учууталыҥ күнүс эйигин остолобуойга аһатар. Эн сөбүлээбэт бүлүүдэҕин атыылаһан биэрэр. Онуоха эн…
A) «Ээ, суох, сиэбэппин», — диэн аккаастанаҕын — 1;
Б) сирбэккэ-талбакка, саҥата суох аһыыгын — 0;
B) кыратык амсайбыта буола түһэн баран: «Тоттум», — диигин уонна тэриэлкэҕин туора уураҕын — 2.
3. Доҕоруҥ баттаҕын бэйэтигэр барсыбат гына кырыйтарбыт.
A) Сымыйалаан: «Үчүгэй», — диэн хайгыыгын — 0;
Б) «Аата сүрүн, дьаабылаабыт дии! Баран ааҕыс, көннөртөр», — диэн сөбүлээбэтэххин биллэрэҕин — 1;
B) «Оттон хайыаххыный, хата, «оригинальнай» дии. Чэ, баттах тиис буолбатах, сотору үүнүө, онон уларытыаҥ буоллаҕа дии», — диигин.
4. Онус кылааска үөрэнэр Баппат Бааска бүгүн эмиэ оскуола остолобуойун таһыгар оҕолору түүрэйдии турар. Эйигин көрөөт: «Миэхэ бэрэскитэ ыл!»— диэн модьуйар.
А) Кутталы кытта сөбүлэһэҕин — 0;
Б) «Миэхэ харчым суох», — диэн куотунаҕын — 2;
В) «Харчыта биэр, ылан биэриэм», — диэн толлубакка хардараҕын –1.
5. Бииргэ үөрэнэр оҕоҕутугар ыалдьыттыы кэлбиккит. Сотору буолаат, эн сүрэҕэлдьиигин, тэһийбэккин. Ол иһин…
А) саҥа-иҥэтэ суох, таҥнан барар төрүөккүн быһаарбакка эрэ дьиэлээн хаалаҕын — 1;
Б) «Бырастыы гыныҥ. Ийэм ыҥырар. Кэлин да кэлэ сылдьыам», — диэн этэҕин уонна ыраас суобастаах бараҕын — 2;
В) ким эмэ барарын кэтэһэҕин. Бастакынан «хайыһардыыр» сүрэ бэрт буолуо дии саныыгын — 0.
8-10. Эн айылҕаттан — дипломаккын. Хайдах баҕарар майгылаах киһини кытта тапсан кэпсэтэр, бииргэ үөрэнэр, үлэлиир, бэйэҕэр тардар, тула түмэр кыахтааххын. Кыыһырбыты начаас уоскутаҕын, тыҥаабыт балаһыанньаны судургутук быһаараҕын, эйэлээх эйгэни түстүүгүн. Ол иһин кылааһын оҕолоро эн тылгыттан тахсыбаттар, эйигин истэллэр, сүбэ-ама ылаллар.
Дьону кытта тапса, биир тылы була, барыларын өйдүү сатыырыҥ хайҕаллаах, кэлин эйигиттэн үчүгэй салайааччы тахсыаҕа.
4-7. Эн олус сайаҕас, аһаҕас киһигин. Туох да кэтэх санаата суох санаабыккын барытын көнөтүнэн этэн иһэҕин. Үөнэ-көлдьүнэ суоҕун, дьоҥҥо истиҥ сыһыаннааҕын кэрэхсэбиллээх. Ол эрээри, сорох дьон ити судургугун, элэккэйгин, кырдьыгынан барытын сирэйгэ этэргин атыннык ылыныахтарын, өһүргэниэхтэрин, сорохтор кэнэн баҕайы диэн сэниэхтэрин, күлүү-элэк оҥостуохтарын, кэннигиттэн саҥарыахтарын, тылга тииһиэхтэрин, уган биэриэхтэрин сөп. Онон ис санааҕын наһаа таскар тэбээмэ, арыый киитэрэй, толкуйдаан баран саҥарар буол. Оччоҕо барыта этэҥҥэ буолуо.
0-3. Оо, эн наһаа сымнаҕас, барытыгар сөпсөһөн иһэр киһигин. Ардыгар «суох» диэн тылы туттар буол. Тус санааҕын хаһан да эппэккин, бааргын биллэрбэккин. Ол иһин эйигин доҕотторуҥ күлүк курдук көрөллөр. Оннук буолбаат? Таах бары соруйаллар, ким тыллаах барыта элэктээн ылар, тугу саныыргын истэ да сатаабаттар. Кэбис, оннук буолума, бэйэҕин сэнэтимэ. Онто суох санныгар олоруохтара, үрдүгэр ыттыахтара, тэпсэн кэбиһиэхтэрэ. Бу олоххо бэйэтин көмүскэнэр, санаатын этэр, тус толкуйдаах, туруулаһар киһи иннин көрүнэн олорор кыахтаах.