Бүгүн, от ыйын 3 күнүгэр, VIII «Азия оҕолоро» оонньууларын оҕо пресс-киинин эдэр кэрэспэдьиэн оҕолоро ыраахтан сылдьар аҕам саастаах волонтёр дьону кытары көрүстүбүт.
Емельян Ярославскай аатынан кыраайы уонна историяны үөрэтэр мусуойга сэргэ таһыгар мустаммыт ыалдьыттары алгыстаан, быырпаҕынан уонна кымыһынан күндүлээтибит, оһуохай кытары үҥкүүлээтибит. Ол кэннэ хас биирдии кэрэспэдьиэн бэлэмнээбит боппуруоспутун кинилэртэн ыйыттыбыт. Сүрүннүүн мин маннык ыйыттым уонна бу курдук хоруйдары туттум.
— Волонтёр буоларга ханнык күүс-уох, күүстээх санаа ылаҕытый?
— Мин медиа-волонтербын, ону бииргэ үлэлиир дьоннорбуттан «Тоҕо волонтердуу кэлбиккитий?» диэн ыйыппытым, бары уопсайа 30 хоруй биэрбиттэрэ, ону барытын кытары сөбүлэһэбин.
— Мин барыларын кытары өссө көрсүөхпүн баҕарабын, үчүгэй сири барытын көрөҕүн, араас тэрээһиҥҥэ сылдьаҕын.
— Мин санаабар барыта мотивацияттан тахсар, биһиги үлэлиир, оҥорор үлэбит барыта аан дойду дьыалатыгар киирсэр, маны таһынан, волонтер буоллаххына элбэх доҕордоноҕун, сири-дойдуну көрөҕүн.
Иккис боппуруоһум маннык этэ: «Волонтёр буоллаххына, тутатына туохха өҥө баар буоларый?»
— Биһиги үлэлиир тэрээһиммитигэр босхо киирэбит, араас көрсүһүүлэргэ ыҥыраллар.
— Биллиилээх дьону кытары көрсөҕүн, ити баар бастыҥ чиэс. Ити барыта эйигин уопсастыбаҕа биллэр киһи оҥорор.
— Сылдьарга тоҕоостооҕо. Ханнык боростуой киһи миниистэри, чемпиону көрсүөҕэй?
Мин бэйэм санаабар волонтер үлэтэ интэриэһинэй уонна ыарахан эбит. Уонна биллэн турар бу баҕа өттүнэн үлэ буолан төлөбүрэ суох. Аһаҕас дууһалаах, олоххо көхтөөх дьон волонтер буолаллар эбит.
Николай Степанов, оҕо пресс-киинин эдкора.