Бэс ыйын 28-29 күнүгэр «Модун» спортивнай комплекс уораҕайыгар Норуоттар икки ардыларынааҕы «Азия оҕолоро» VIII спортивнай оонньуу биир саамай чаҕылхай, тыҥааһыннаах көрүҥэ мас-рестлинг күрэҕэ ыытылыннна.
Мас-рестлинг – саха төрүт спордун көрүҥэ. Урут көннөрү мас тардыһыыта диэн ааттанар этэ. Онтон Саха сирин бастакы олимпийскай чемпиона Роман Михайлович Дмитриев бу аныгылыы ааты туттар буолуохха диэн этии киллэрбит.
Билигин мас-рестлинг Арассыыйа, Аан дойду таһымыгар таҕыста, биһиги төрүт күрэхпитин спортсменнар да, көрөөччүлэр да биһирииллэр.
«Азия оҕолоро» оонньууга бу спорт көрүҥэ 2000 сыллаахтан киирбитэ. Быйылгы спортивнай оонньууга Саха сирин хамаандатын таһынан, Узбекистан, Казахстан, Монголия, Индия, Киргизия курдук дойдулартан спортсменнар кэлбиттэр.
Икки күн устата күүстээх, тыҥааһыннаах киирсии буолла. Спортсменнар бары бэлэмнээхтэр. Хас биирдии киирсиини интэриэстээхтик көрөн олороллор.
Саха сирин чиэһин 2 хамаанда көмүскээтэ. 50 кг ыйааһыҥҥа кыайыылаах аатын ылбыт Тимир Луковцевы кытта кэпсэттибит:
- Мэҥэ Хаҥалас Төхтүрүттэн сылдьабын. VIII кылааһы бүтэрдим. Мас-рестлинг саха төрүт күрэҕэ буолан миэхэ чугас. Күн аайы нэдиэлэҕэ биэстэ дьарыктанабын. Отбор ааһан, «Азия оҕолоро» спортивнай ооньууга кыттарбыттан, Саха сирин чиэһин көмүскүүрбүттэн олус үөрэбин. Утарылаһааччыларым эмиэ кыахтаах уолаттар. Кыайыылаах үрдүк аатын ылан, олус үөрдүм. Төрөппүттэрбэр, тренердэрбэр махталбын тириэрдэбин. Оҕолорго спордунан дьарыктаныҥ, эккитин-хааҥҥытын сайыннарыҥ, күннээҕи режими тутуһуҥ, сөптөөхтүк аһааҥ диэн сүбэлиэм этэ. Бары спортсменнарга ситиһиини баҕарабын, ким үчүгэй бэлэмнээх – ол кыайдын.
Сиһилии видеоҕа көрүҥ.
Матырыйаалы бэлэмнээтилэр
Лилия Чехченнонова, VIII кылаас,
М.Н. Турнин аатынан Тыараһа орто оскуолата, Таатта улууһа
Александра Аммосова, VIII кылаас,
Дьокуускай куорат 26 №-дээх орто оскуолата
Наум Наумов, IX кылаас,
И.Н. Слепцов аатынан Кустуур орто оскуолата, Эбээн Бытантай улууһа,
«Азия оҕолоро» пресс-киин кэрэспэдьиэннэрэ