Бэс ыйын 29 күнэ. “Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы VIII спортивнай оонньууларга кыргыттарыгар волейбол күрэхтэһиитин бастакы күнэ. Уопсайа 8 хамаанда кыттар. Кыттааччылар Узбекистантан, Белорусияттан, Кытайтан, Казахстантан, Дальневосточнай, Уральскай федеральнай уокуруктан, Саха сириттэн бааллар.
“Азия оҕолоро” оонньууларга анаан биһиги өрөспүүбүлүкэбит Дьокуускай куоракка Сайсаар уокуругар “Чыпчаал” диэн элбэх функциялаах спортивнай комплексы тутан олоххо киллэрбитэ. Кыргыттар волейболлара бу саҥа дьиэҕэ ыытылла турар.
Спортивнай сааланы аан дойдутааҕы күрэхтэһии ирдэбилигэр бары өттүнэн сөп түбэһэр гына туппуттар, – диэн күрэхтэһии кылаабынай сэкэрэтээрэ Евгений Владимирович Попов үрдүк сыанабылы биэрдэ.
Мин Китай хамаандатын тренерин көрсөн, тылбаасчыт нөҥүө кэпсэттим. Ли Юнминг Китай Хэйлунцзян провинциятыттан кэлбит.
– Дьиэбитигэр сылдьар курдукпут. Тоҕо диэтэххэ, Кытай уонна Россия бэйэлэрин икки ардыларыгар истиҥ сыһыаннаахтар. Биһигини олус үчүгэйдик көрүстүлэр. Аһыыр аспыт, халлаан туруга кытта үчүгэй. Кытай норуодунай республикатын чиэһин көмүскүүбүт. Хамаандабыт күүстээх састааба улахан экзменнара буолан кыайан кэлбэтилэр. Онон кыраларбытын аҕаллыбыт. Кинилэр атын дойду хамаандаларын тактикаларын көрөн үөрэниэхтэрэ. Оҕолорбут үчүгэйдик оонньуохтара диэн эрэнэбит, – диэн кэпсээтэ.
Салгыы Кытай хамаандатын спортсменын көрсөн кэпсэттим. Кини аата Фан Джунь И, 14 саастаах.
– Мин Кытай Хэйлунцзян провинциятыттан сылдьабын. “Азия оҕолоро” маннык улахан буолуо дии санаабатаҕым. Саха сирин дьоно олус үчүгэйдэр. Олус сылаастык көрүстүлэр. Күрэхтэһии хайдах түмүктэнэриттэн долгуйабыт. Төһө да дойдубутуттан ыраах сиргэ сылдьыбыппыт иһин манна дьиэбэр сылдьар курдук сананным, – диэн санаатын үллэһиннэ.
Ити кэнниттэн Белоруссия хамаандатын ооньооччутун кытта билистим. Кини аата Марина, 16 саастаах. Минскэй куораттан сылдьар. Волейболунан бэһис кылаастан дьарыктанан саҕалаабыт.
– Волейбол олус үчүгэй көрүҥ. Миигин дьонум волейбол өттүнэн ыыппыттарыттан үөрэбин, махтанабын. “Азия оҕолоругар” ыытыахтара диэн билбэккэ сылдьыбытым. Онтон «бараҕын» диэбиттэригэр олус дьолломмутум, долгуйбутум, үөрбүтүм. Дьокуускай куоракка биһигини олус үчүгэйдик көрсүбүттэрэ. Саха сирэ кыраһыабай уонна сылаас баҕайы эбит. Манна биһигини кытта эйэҕэстик кэпсэтэллэр. Бары кыраһыабай баҕайылар. Манна кэлэммин Киргизия, Россия кыргыттарын кытта билистим. “Азия оҕолорун” арыллыытыгар сылдьыбытым. Наһаа интэриэһинэйдик толкуйдаммыт. Саха норуотун үҥкүүтүн сөбүлээтим.
Вадим КОЛЕСОВ, Х кылаас, Хайахсыт, Чурапчы, “Азия оҕолоро” пресс-киин юнкора
Света Заровняева, Вадим Колесов хаартыскалара