Норуот тылынан уус-уран айымньыта ханнык баҕарар омукка үрдүктүк сыаналанар. Мин ону Аммаҕа ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар сылдьан көрөн баран, өссө төгүл итэҕэйдим.
Хотугу норуоттар түһүлгэлэригэр Саха сирин Арктическай улуустарыттан кыттыыны ыллылар. Ону таһынан Красноярскай кыраай эбэҥки национальнай оройуонун киинэ Тура бөһүөлэгиттэн ыалдьыттар эмиэ кэлбиттэр.
Кинилэртэн биирдэстэрэ Ольга Константиновна Хутакогер. Мини кинини көрсөн кэпсэттим.
Дьоннор бары мичээрдии сылдьаллар
– Биһиги Саха сиригэр Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕар 10 буолан кэллибит. Эһиги кэрэ айылҕаҕытын, ыһыаххытын, ону тэҥэ мас уустара оҥорбут оҥоһуктарын наһаа астына көрдүбүт. Уһуннук айаннаан кэллибит. Дойдубутуттан Красноярскайга диэри самолетунан. Красноярскайтан Дьокуускайга диэри эмиэ самолетунан. Дьокуускайтан Аммаҕа диэри массыынанан айаннаатыбыт. Кэлбиппититтэн олох кэмсиммэтибит. Барыта наһаа үчүгэй. Ыһыах түһүлгэтигэр дьоннор бары мичээрдии сылдьаллар. Киһи бу кэрэ дойдуга кэлэ туруон, кэлэ туруон баҕарар.
Саха дьоно төрүт үгэстэрин дириҥник билэллэр
Биһиги эбэҥки национальнай оройуонун киинигэр Тура бөһүөлэккэ олоробут. Эмиэ эһиги курдук балыктыыбыт, бултуубут. Бөһүөлэкпитигэр 7 тыһыынчаттан тахса киһи олорор. Омукпутунан эбэҥкилэрбит. Икки оскуолалаахпыт. Бэйэбит тылбытын-өспүтүн норуоппут култууратын, фольклорун, ырыатын-тойугун нөҥүө иҥэринэбит https://vk.com/clip-199463452_456241725
Ыһыахха саҥа сылдьар киһи саха дьоно төрүт үгэстэрин, төрөөбүт тылларын маннык дириҥник билэллэриттэн улаханнык сөхтүм. Биһиги хотугу норуоттар дьүһүммүтүнэн майгыннаһабыт. Миигин кытта кэлэн сахалыы кэпсэтиэхтэрин баҕараллар. Ону мин сахалыы өйдөөбөт буолан, нууччалыы кэпсэтэбин. Дьэ уонна уопсай тыл буламмыт, саха уонна эбэҥки икки ардыгар сүрдээх интэриэһинэй кэпсэтии тахсар. Омук омугу кытта уопсай тыл булара, мин санаабар, улахан дьол.
Эбэҥки уонна саха
– Эбэҥки уонна саха таҥастара оннук улахан уратылара суох. Тоҕо диэтэххэ, бу икки омук тымныы дойдулары баһылаан олоробут. Ол иһин саарбаттан, таба тириититтэн тигиллибит бэргэһэ, үтүлүк, сон бары кэтэбит. Аны күҥҥэ, халлааҥҥа, Ийэ айылҕаҕа сүгүрүйэр буоламмыт, таҥастарбыт өҥнөрө майгыннаһаллар. Саха дьонугар биһигини ыҥыран Олоҥхо ыһыаҕар кытыннарбыккытыгар махтанабын.
Эрчим НИКОЛАЕВ, VIII кылаас,
В.М. Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолата, Амма
Ааптар видеота, хаартыската