Биһиги, «Кэскил» юнкордара буолан Чыамайыкыттан Аммаҕа Олоҥхо ыһыаҕар сарсыарда 8:30 айаннаабыппыт уонна эбиэттэн киэһээ Аммаҕа тиийбиппит. Кэлэн иһэн Амма границатыгар алаадьылаах кымыһынан үчүгэй баҕайытык көрсүбүттэрэ.
Олоҥхо ыһыаҕар олус элбэх дьон кэлбит, биир дойдулаахтарбын, билэр дьоммун көрсөн дуоһуйдум. Юнкордар бары билсиһэн, биир тыл булан, эйэлээхтик сылдьыбыппыт, үлэбитин үлэлээбиппит. Амма кэрэ айылҕатын көрөн астынным, Ыһыах түһүлгэтигэр Муона Чараҥа алааһыгар саха култууратын, фольклорун сырдатар түһүлгэлэригэр сылдьан, интэриэһинэй күрэхтэри, быыстапкалары көрдүм. Сырдатыы үлэтигэр интервью ылан, хаарыскаҕа түһэрэн, видеоҕа устан, юнкор быһыытынан сатабылбын кэҥэттим дии саныыбын.
Валерия Романова, IX кылаас, С.Н. Михайлов аатынан Чыамайыкы орто оскуолата