Кыыс Амма сиригэр ыытылла турар Олоҥхо Ыһыаҕар олоҥхо күрэҕэр оҕолор эмиэ кытталлар. Оҕо олоҥхону үөрэтэригэр уһун тиэкиһи өйүгэр тутара, сахалыы толкуйа, саҥатын сааһылыыр дьоҕура сайдар. Петр Решетников «Күөнэ көҕөччөр аттаах күүстээх-уохтаах Күн Күндүлү бухатыыр» олоҥхотун Орто Халыма улууһун Хатыҥнаах нэһилиэгин VIII кылааһын үөрэнээччитэ Олеся Кудрина толордо. Бу олоҥхоҕо күүстээх-уохтаах Күн Күндүлү бухатыыр Сандаара Куону быыһаары абааһы уолун кытта охсуһар.
— Былыргы үйэҕэ саха дьоно хайдах олоро сылдьыбытын харахпар ойуулаан көрөн, кинилэр оруолларыгар киирэн, тылбын-өспүн байыттым. Салгыы «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхону үөрэтиэхпин баҕарабын. Мин санаабар, олоҥхону этэргэ оҕо бэйэтэ интириэстээх буолуохтаах. Мин бэйэм биэс сааспыттан олонхолоон саҕалаабытым. Аан бастакы салайааччым Кудрина Мария Афанасьевна үөрэппитэ. Кини кэтэҕиттэн хатылыыр этим, онтон оскуолаҕа киирэн бэйэм интириэһиргээн ааҕар буолбутум. Олоҥхону үөрэтэргэ аан бастаан аҕыйах сирэйи өйбүттэн ааҕарга үөрэтэбин, онтон аныгыс күнүгэр эмиэ аҕыйах сирэйи үөрэтэбин. Олонхону интириэһиргиир, ааҕыан баҕарар оҕолорго элбэхтэ дьарыктаныҥ, өйтөн этэргэ үөрэниҥ диэн сүбэлиэм этэ, — диэн Олеся Кудрина санаатын үллэстэр.
Валерия Романова, IX кылаас,
С.Н. Михайлов аатынан Чыамайыкы орто оскуолата, Мэҥэ Хаҥалас