Амма улууһун кэрэ айылҕатынан бигэнэн, онно төрөөн-үөскээн, Саха норуотугар талааннарынан биллибит олоҥхоһуттара, ырыаһыттара элбэхтэр. Олортон биирдэстэрэ норуокка чуор куолаһынан, ураты кылыгырас кылыһаҕынан аатырбыт, номоххо киирбит ырыаһыт-тойуксут, олоҥхоһут, оһуохайдьыт, ырыаһыт, Саха АССР үтүөлээх артыыһа Устин Гаврильевич Нохсоороп буолар.
Ол курдук Аммалыы оһуохай уратыта диэн кини матыыбыгар, үҥкүүтүгэр, хаамыытыгар сытар. Чаҕылхай талааннаах Устин Гаврильевич ыллаан-туойан хаалларбыт матыыбын Аммалыы-Нохсоороптуу оһуохайынан биллэр. Аммалыы оһуохай дьиктитэ диэн кини тардан ылланар, дэгэрэн матыыбынан ылланар оһуохай буолар.
Оһуохай сахаларга өбүгэлэрбититтэн кэлбит үгэс буолар. Кини күҥҥэ үҥүү-сүктүү сиэрин-туомун толоруу быһыытынан айыллыбыт тойуктаах үҥкүү. Бу саха итэҕэлин көстүүтэ. Биир киһи тыл күүһүн туһанан алгыс этэр, үрдүк Айыыларга үҥэр, ону атыттар үтүктэллэр, бары тутуспутунан биир сомоҕо буолаллар.
Дархан этээччилэртэн биирдэстэрэ Сунтаар улууһун Түбэй нэһилиэгиттэн төрүттээх Валентин Хорунов Олоҥхо ыһыаҕар күөн-көрсө кэлбит. «Оһуохайбытын умнубакка, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ биэрэн, сүтэрэн-оһорон кэбиспэккэ сырыттахпытына, саха норуота эмиэ сүппэккэ-оспокко сайдан иһиэ» — диэн эттэ. Кини төрөөбүт дойдутуттан элбэх аатырбыт олоҥхоһуттар, оһуохайдьыттар, норуот ырыаһыттара төрөөн-үөскээн ааспыттара, холобур, Сергей Афанасьевич Зверев-Кыыл Уола.
Валерия Романова, Алена Прокопьева, IX кылаас,
С.Н. Михайлов аатынан Чыамайыкы орто оскуолата