Саха сиригэр Олоҥхо Ыһыаҕа быйыл 17-с төгүлүн ыытыллар. Ыһыах түһүлгэтинэн Амма сирэ-уота буолар. Биһиги, Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын эдэр кэрэспэдьиэннэрэ, ыһыаҕы сырдатар чиэскэ тигистибит.
Ол курдук, бүгүн, бэс ыйын 19 күнүгэр, Мэҥэ Хаҥалас улууһун ыраах сытар Чыамайыкы нэһилиэгиттэн сарсыарда 8 аҥаар чаастан айаннааммыт, Аммаҕа 2 чааска кэллибит.
Амма дьоно-сэргэтэ границаҕа алгыстаах алаадьынан уонна минньигэс кымыһынан көрүстүлэр. Эмис нэһилиэгэр «Үрүйэчээн», «Далбар» ансаамбыллар, кырдьаҕастар, эдэр ийэлэр түмсүүлэрэ көрсүүүнү тэрийдилэр. Амма улууһуттан төрүттээх, уус тыллаах олоҥхоһут, саха норуотун поэта Владимир Михайлович Новиков-Күннүк Уурастыырап төрөөбүт алааһыгар Саппыйаҕа сырыттыбыт. Манна кини үөскээбит балаҕанын, ампаарын сарайын уһаайбатын, «Үрүмэччи маҥан атын» пааматынньыгын көрдүбүт.
Эмис нэһилиэгин баһылыгын Прокопий Петрович Бубякины көрсөн кэпсэттибит: «Амма улууһугар уопсайа 14 нэһилиэк баар. Дьокуускай куораттан кэлиигэ Амма улууһуттан биһиги бастакы кэлэр нэһилиэк буолабыт. Онон Олоҥхо Ыһыаҕын ыалдьыттарын көрсөр улахан эбээһинэс сүгүллэр. Эмис нэһилиэгэ бэйэтэ Олоҥхо дойдута буолар. Онон бары ыалдьыттары алаадьынан, кымыһынан көрсөн арчылыыбыт».
Маны тэҥэ Чыамайыкы уонна Эмис нэһилиэгэ өрүү доҕордуу сыһыаннаахтарын эттэ: «Биһиги нэһилиэкпит уонна Чыамайыкы нэһилиэгэ ыаллыы сытабыт. Сирдэрэ-уоттара быысаһаллар, ол иһин урут-уруккуттан Чыамайыкы уонна Эмис нэһилиэктэрэ чугастыылар. Мин бэйэм туһунан этэр эбит буоллахпына, оскуолаҕа үөрэнэ сылдьыахпыттан Чыамайыкыга хаста да баран кэлбитим», — диэн Прокопий Бубякин санаатын үллэһиннэ.
Текст: Валерия Романова, Алена Прокопьева,
IX кылаас, С.Н. Михайлов аатынан Чыамайыкы орто оскуолата.
Видео: Гаврил Прокопьев,
VIII кылаас, А.С. Шахурдин аатынан Төҥүлү орто оскуолата
Мэҥэ Хаҥалас