Ыччат бэстибээлин чэрчитинэн СӨ норуотун маастара, дэгиттэр уус Артем Алексеевич Киренскэй саха быһаҕын оҥорууга маастар-кылаас көрдөрдө. Сайыҥҥы чаҕылхай сарсыардаттан уус кыһатыгар үлэ күөстүү оргуйда.
Кыстык, кытаҕас, ыпсарар, хатарар, ортолуур, улахан балта… Күөс быстыҥа кэриэтэ эллэйэр, таптайар тыас чыҥыйан иһилиннэ уонна хас да быһах бэлэм буолла. Е.М. Кириллина Артем Алексеевичтыын быыс булан кэпсэтэн үлэ ис хоһоонун ситэрэн биэрдэ. Ол курдук уһанарга кимнээх уһуйбуттарын, тимир уонна быһах арааһын, уһанар оһоҕун, туттар тэриллэрин, үлэ ньыматын, баҕа санаатын туһунан иһиттибит.
Маны барытын мустубут дьон болҕойон көрдүлэр. Кинилэр ортолоругар Мэҥэ-Хаҥалас Төҥүлүтүттэн эдэр уус Петр Владиславович Аргунов. Кини бэстибээл «Оһуор-мандар оҥоһуктар» быыстапкатыгар бэйэтэ оҥорбут быһахтарын, кыптыыйдарын, кытыйаларын, болгуоттан уһаарбыт кутурук кыыннаах быһаҕын көрдөрүүгэ туруорбута. Эдэр уус олохтоох ууспут кыһатыгар быһах оҥордо. Кини ортолоон эрдэҕинэ эмиэ Мэҥэ-Хаҥаластан билиэн-көрүөн баҕалаах эдэр киһи кэлэн үлэҕэ кыттыста.
Ыһыахтыыр түһүлгэбитигэр ыччат дьоҥҥо анаан бастакытын уус кыһата кэскиллээхтик сандаарда.
«Нуклеус» пост, Кэбээйи.