Бэс ыйын 3 күнүгэр биһиэхэ Оҕо айар дьиэтигэр площадкабыт аһыллыыта буолбута. Мин «Астык» диэн площадкаҕа сылдьабын, салайааччыбыт аата Мотрена Дмитриевна Терехова. Улахан оҕолорго өссө икки площадка баар. Кинилэр салайааччылара Иванна Ивановна Ефимова, Надежда Юрьевна Никулина. Улахан уолаттар көмпүүтэргэ үөрэнэллэр. Кыргыттар иистэнэллэр, кыыс оҕо сахалыы, эбээннии киэргэллэрин тигэллэр, ыһыахха муода көрдөрөөрү бэлэмнэнэ сылдьаллар. Тэрээһин аһыллыытыгар биһиэхэ Үөрэҕирии салаатыттан Евдокия Григорьевна Кириллина кэлбитэ. Кини оҕолору барыбытын үөрэх сыла түмүктэммитинэн, площадкалар үлэлэрэ саҕаламмытынан эҕэрдэлээбитэ уонна сайыны туһалаахтык атаарыҥ диэн баҕа санаатын эппитэ. Директоры солбуйааччы Елена Степановна Старкова площадкалар тустарынан кэпсээбитэ. Ол кэнниттэн Улахан Чыыстайтан кэлэ сылдьар педагог Сахая Владимировна Самойлованы кытта флешмоб үҥкүүлээбиппит. Бырааһынньыкпыт бүтүүтүгэр минньигэс торт сиэн, сок иһэн, ирэ-хоро кэпсэтэн, чэйдээбиппит.
Бэй ыйын 4 күнүгэр оҕуруоппутун көрбүппүт. Онтон Муоматааҕы айылҕа пааркатын үлэһиттэрэ экологтары кытта үс площадкалар оҕолоро бары «Вода России» диэн бүтүн Арассыыйатааҕы аахсыйаҕа кыттыһан, Индигир өрүспүт биэрэктэрин ыраастыы-хомуйа сырыттыбыт. Бириистэҥҥэ, маякка сырыттыбыт, бөҕү-сыыһы хомуйдубут. Хаартыскаҕа түспүппүт.
Бэс ыйын 5 күнүгэр Мотрена Дмитриевна Аан дойдуга эколог уонна тулалыыр эйгэни харыстыыр күнүн бэлиэтээн онно сыһыаран биһиэхэ «Знаешь ли ты окружающий мир?» диэн викторина ыыппыта. Икки хамаанданан ыйытыктарга хоруйдаабыппыт, ребустары таайбыппыт. Мин бэйэм элбэҕи биллим. Кыайыылаахтарынан Володя Егоров уонна мин Агата Слепцова ааттаммыппыт. Бары кыттыбыт оҕолорго Туоһу сурук, кыайыылаахтарга бириис биэрбиттэрэ.
Бэс ыйын 6 күнэ – нуучча улуу поэта А.С.Пушкин төрөөбүт күнэ. Биһиги бу күҥҥэ Оҕо айар дьиэтигэр бука бары «Мой Пушкин» флешмоб кыттааччылара буолбуппут. Учууталларбыт эмиэ Пушкин айымньыларыттан быһа тардан аахпыттара. Поэт хоһооннорун, остуоруйаларын бэйэбит таламмыт толорбуппут. Ол кэннэ араас элбэх оонньуулары оонньообуппут, оҕуруот көрөргө көмөлөспүппүт. Кабачок олордубуппут.
Ити курдук площадкаларбытыгар күммүт олус интэриэһинэйдик ааһар. Мин маннык сынньанарбын наһаа сөбүлээтим!
Агата Слепцова, Оҕо айар дьиэтин «Астык» площадката,
Хонуу, Муома