Бэстибээл чэрчитинэн ыытыллар таарыйбыта талба, оҥорбута оһуор-мандар ойуулаах, тикпитэ дьикти кэрэ талааннаах-дьоҕурдаах эдэр ыччат уонна олохтоох маастардар быыстапкалара буола турар.
Саха сирин араас муннугуттан кэлбит талааннаах дьон бэйэлэрин оҥоһуктарын тэлгэттилэр. Баайыы оҕо оонньуурдарын, кыыс симэх киэргэллэрин, бу бэстибээлгэ анаммыт сувенирдары, киллэһик ньыматынан тигиллибит көбүөрдэри көрөөччүлэр сэргии көрдүлэр. Биһиги эдэр кэрэспэндьиэннэр кыттааччылары кытта сэһэргэстибит.
Лариса Товокалова, салайааччы, Нам улууһа: “Нам улууһуттан колледж бэрэстэбиитэлэ, музыкальнай салайааччы Надежда Александровна устудьуоннар оҥоһуктарын аҕалан, быыстапкалыы уонна атыылыы сылдьар. Оҥоһуктарга керамическай чуорааннар, талахтан ааттаах харандаастар, сандалы остуоллар, мас оҥоһуктар бааллар”.
Туяра Дьячковская, технология учуутала, Кэбээйи нэһилиэгэ: “Быйыл өрөспүүбүлүкэтээҕи эдэр ыччат бэстибээлигэр түөрт эдэр ыччаты прикладной выставкаҕа кытыннардым. Хас да күн бэйэлэригэр биирдиилээн маастар кылаас ыыппытым. Ол түмүгүнэн “Кукольное дело”, “Сувенирная продукция” уонна “Кыл сиэл оңоһук” диэн хайысхаҕа кыттыыны ыллылар”.
Онон, биһиги дойдубут талааннарын арыйар уонна дьон сатабылын көрдөрөр түгэнин бэлэхтиир кэрэхсэбиллээх быыстапканы көрө иликтэр, кэлиҥ, көрүҥ, сэргээҥ диэн ыҥырабыт!
Сайаана Терехова, 9 кылаас, “Дьоҕур” медиакиин, Е.Е.Эверстов аатынан Кэбээйи орто оскуолата.