Оҕо көмүскэлин күнүн Матрена, Алексей Павловтар салайааччылаах Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын оҕолорго аналлаах “Тускул” (сал. СӨ култууратын туйгуна Вера Ефремова) уонна “ҮКТэн” (сал. СӨ үтүөлээх артыыһа Мария Данилова) устуудьуйалара “Двенадцать месяцев” уонна “Көтөрдөр хоту көтөллөр” диэн араас саастаах оҕолор кыттыылаах саҥа испэктээкиллэри көрдөрөн, үгүс көрөөччү махталын ылыан ыллылар.
Саха норуодунай суруйааччыта Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон пьесатыгар олоҕурбут “Көтөрдөр хоту көтөллөр” испэктээкилгэ көтөрдөр олоххо тардыһар күүһү, сырдыкка дьулуһар кыаҕы хайдах булбуттарын туһунан араас саастаах оҕолор итэҕэтиилэхтик көрдөрдүлэр. Режиссер уонна худуоһунньук СӨ култууратын туйгуна Прасковья Павлова. Уһуйааччылар, такайааччылар СӨ үтүөлээх артыыската Анна Флегонтова, тыйаатыр артыыстара Татьяна Хомподоева, Елизавета Далбараева, Айталыына Яковлева, Мичил Хомподоев, Сергей Эверстов.
Дьокуускай куорат 12 №-дээх оскуолатын саха тылын, литературатын үрдүк категориялаах учуутала, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ методиһа Клара Борисовна Ксенофонтова:
— Испэктээкилгэ үс үөрэнээччим кытынна: Дархан Иванов, Надя Сергеева, Кыыдаана Давыдова. Испэктээкил дириҥ, иитэр-үөрэтэр хайысхалаах, оҕолору Сахаларын сиринэн киэн туттарга салайар.
Оҕолорбут кэрэни кэрэхсээн, тыйаатыр эйгэтигэр киирэн, олус таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьалларыттан үөрдүм. Айар аартыккыт аана тэлэччи арылыннын! Оҕолорбунан киэн тутуннум! Пааркаҕа ардахха баттатан моһуогурдарбын да, кынаттаах кэриэтэ сылдьабын. Дархан куолаһа билигин да кулгаахпар иһиллэр. Надя оргууй далбарыйа уста сылдьара харахпар бу көстөр. Наһаа элбэхтик саҥардылар уонна биирдэ да иҥнибэтилэр.
Оксана Федоровна Степанова, төрөппүт, Дьокуускай куорат 23 №-дээх оскуолатын учуутала:
— Оҕо көмүскэлин күнүгэр, бэс ыйын 1 күнүгэр оҕолорбун кытары Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар “Көтөрдөр хоту көтөллөр” испэктээкилгэ кэрэхсээн сырыттыбыт. Сахалыы тыллаах оҕолор ооонньуур испэктээкиллэрин аан бастаан көрдүбүт. Оҕолор оонньуулара, сыанаҕа тутта-хапта сылдьаллара идэтийбит артыыстартан итэҕэһэ суох диэн бэлиэтии көрдүм. Суорун Омоллоон айымньытын ис хоһоонун толору арыйдылар уонна көрөөччүгэ толору тириэртилэр. Оҕолорум испэктээкили интэриэһиргээн көрдүлэр, сөбүлээтилэр. Артыыс оҕолорго өссө үрдүк ситиһиилэри, элбэх оруоллары баҕарабыт.
«ҮКТэн» оҕо устуудьуйатын салайааччыта, СӨ үтүөлээх артыыһа Мария Данилова:
— Сахалыы саҥарар, сахалыы тыыннаах оҕолору түмэн, төрөөбүт тылларын сайыннарарга, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буоларга, сахабыт суруйааччыларын айымньыларын ааҕарга, ырытарга уонна сыанаҕа, дьоҥҥо-сэргэҕэ испэктээкили оонньоон көрдөрөргө үөрэтэбит. Оҕо устуудьуйаҕа уһуйуллан сайдар, элбэххэ үөрэнэр, дьон ортотугар сылдьан, ис туругун сайыннарар. «ҮКТэн» устуудьуйа быйыл олунньуга тэриллибитэ. Бу ааты «Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра—эн» уонна үрдүктэн үрдүк үктэлгэ үктэнниннэр диэн талбыппыт. Устуудьуйабытыгар 26 оҕо дьарыктанар. Дьарык нэдиэлэҕэ иккитэ иккилии чаас кэриҥэ буолар. Оҕолор сыанаҕа хамсанарга, саҥарарга үөрэнэллэр, артыыс маастарыстыбатыгар, фольклорга дьарыктаналлар.
Д.К. Сивцев-Суорун Омоллоон пьесатыгар олоҕуран «Көтөрдөр хоту көтөллөр” туруоруу сүрүн худуоһунньуга, режиссера, СӨ култууратын туйгуна Прасковья Павлова:
— Мария Никитична миигин сахалыы тыллаах «ҮКТэн» тыйаатыр устуудьуйатыгар туруорааччы-режиссерунан уонна худуоһунньугунан ыҥырбыта. Онон Суорун Омоллоон пьесатыгар олоҕуран, «Көтөрдөр хоту көтөллөр» испэктээкили туруорарга эрдэттэн быһаарыммытым. Бу айымньы устуудьуйаҕа дьарыктанар оҕолор бары оруолга тиксэллэригэр табыгастаах, көтөр кынаттаах бииһэ бииргэ үөрдүһэн, быыһанар суолу булалларын курдук биир сомоҕо буолалларын көрдөрөр. Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын кэнчээри ыччатын ис кыаҕын толору арыйарга туһуламмыт пьесаҕа оҕолор бары сүрүн оруолу толороллор. Биир даҕаны оҕону чорбоппокко, тэҥник үөрэтэбит. Сүрүн болҕомтобутун хамсаныыга уурбуппут.
Жанна Леонтьева.