2024 сыл ыам ыйын 26 күнүттэн бэс ыйын 3 күнүгэр диэри Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээккэ «Ойкумена» сайыҥҥы оскуола үлэлээтэ. Манна Нам, Хаҥалас, Үөһээ-Бүлүү, Дьокуускай оскуолаларыттан оҕолор түмсэн 9 күн устата үөрэннилэр.
«Ойкумена» – лидер оскуолатыгар оҕолору кытта араас тиэмэҕэ интэриэһинэй кэпсэтиилэр, ыалдьыттары кытары көрсүһүүлэр буоллулар. Ол курдук, Саха Сиригэр Суд уорганнарын үлэтин туһунан сырдатта Ил Дархан сүбэһитэ, Саха Сирин үтүөлээх юриһа Игорь Игнатьевич Николаев; бэйэни сайыннарыы, бизнес туһунан кэпсээтэ урбаанньыт, блогер, «Күөрэгэй» ийэлэр түмсүүлэрин актыбыыһа Ирина Матвеева; Саха Сирин билиҥҥи кыһалҕаларын, сайдар суолу тобулар толкуй, өбүгэбит историятын үөрэтии туһунан санаатын үллэһиннэ Майа Түмэлин дириэктэрэ, блогер Масаха Мэхээс; социальнай ситимҥэ аныгылыы кылгас видеолары устарга үөрэттэ урбаанньыт, блогер Сарыал Кириллин; өбүгэ оонньууларын, сахалыы эти хааны сайыннарыыга дьарык ыытта этнопедагог, фольклорист, учуутал Дорҕоон Дохсун.
Оҕолор лааҕыр устата лидер хаачыстыбаларын сайыннарыыга дьарыктаннылар: дьон-сэргэ иннигэр саҥарыы, санааларын үллэстии, бэйэни билиһиннэрии, камераҕа саҥарарга үөрэнии, хамаанданан үлэлээһин, бырайыак оҥоруу о.д.а. Түмүгэр саҥа билиилэрин, сатабылларын холбуур, түмүктүүр бизнес бырайыак толкуйдаан, бырайыактарын билиһиннэрэр видео оҥордулар. Саха Сирин улуустарын историятын, социально-экономическай туругун, биллиилээх дьонун үөрэтэн баран, бу улуус араас хабааннаах кыһалҕаларын быһаарарга холонор бизнес-проект толкуйдаатылар. Бу бизнес проектарын туһунан видео устан бэйэлэрин айар, саҥарар, толкуйдуур, инникини былаанныыр, үбү-харчыны суоттуур, бэйэ-бэйэни кытта сүбэлэһэн биир тылы булар дьоҕурдарын сайыннардылар. Дьүүллүүр сүбэ: Ирина Матвеева, Масаха Мэхээс, Сарыал Кириллин – оҕолорбут олус интэриэһинэй идиэйэлээхтэрин, видеоларын хаачыстыбатын хайҕаатылар.
Оҕолор кылгас кэм иһигэр доҕордоһон, сахабыт туруу дьонун кытта көрсөн, элбэҕи билэн, үөрэнэн, айылҕаҕа тахсан сынньанан, Е.М. Ярославскай аатынан Саха судаарыстыбаннай холбоммут история уонна хотугу норуоттар култуураларын түмэлигэр, Арчы дьиэтигэр сылдьан, «Сахаантала» олоҥхо тыйаатырын премьератын көрөн, бириэмэни олус туһалаахтык атаардылар. Бу сайыҥҥы сынньалаҥ оҕолорбут сүрэхтэригэр сылаас истиҥ өйдөбүл, үөрэммит билиилэрэ сатабыллара олохторугар туһалаах буолуо диэн эрэнэбит.
Лааҕыр туһунан оҕолор санаалара
«Лааҕыры олус астынным уонна сөбүлээтим. Минньигэс аһылык, интэриэһиргиир лекциялар уонна араас оонньуллар. Пааркаҕа, айылҕаҕа, Арчы дьиэтигэр уонна маҕаһыыннарга сылдьыбыппар үөрбүтүм. Махтанабын учууталларга, вожатайгарна уонна повардарга»
Саян БАРДЕЕВ, ПСОШ №1, 7 кылаас үөрэнээччитэ
«Мин санаабар, «Ойкумена» лааҕыр олус интэриэһинэйдик ааста. Бастаан элбэх киһини билбэт буоламмын кыбыстар аҕай этим, ол кэннэ аа-дьуо билсиһэн-алтыһан, бииргэ үлэлээн, бэйэ бэйэбитигэр арыллан испиппит. Элбэх үчүгэй оҕону кытары билистим, тэң интэриэстээх дьону кытары булсан саңа доҕоттордоннум. Бу лааҕыр миэхэ олус да элбэх саҥа билиини, умнуллубат кэмнэри, ахтыылары бэлэхтээтэ! Салайбыт дьоҥҥо уонна миигинниин бииргэ сылдьыбыт оҕолорго махталбын тиэрдиэм этэ»
Диана ЯКОВЛЕВА, РЛИ, 10 кылаас үөрэнээччитэ
«Миэхэ «Ойкумена» лааҕыр олус кэрэхсэбиллээхтик ааста. Бастаан соччо кэлиэхпин баҕарбатаҕым, онтон сөбүлэҺэн кэлбитим. Кэлбиппиттэн олох кэмсиммэппин.Мин бу лааҕырга кэлэн олус элбэх оголору кытта билсиҺэн-алтыҺан,араас блогердары кытта көрсүҺэн элбэх сананы биллим. Лааҕырбыт бүтэҺик күнүгэр чочур мырааҥҥа барбыппытын хаҺан да умнуом суоҕа. Бииргэ сылдьыбыт оҕолорбор махталбын тиэрдэбин»
Нелли БОЖЕДОНОВА, Чурапчы гимназиятын 7 кылааһын үөрэнээччитэ
«Мин санаабар «Ойкумена» лаагыр олус үчүгэйдик ааста. Элбэх интэриэһинэй мероприятиялар, оонньуулар буолбуттара. Саамай өйдөнөн хаалбыт күнһм — пааркаҕа сылдьыы. Куп-куйаас күн көрөр. Оҕолор буоламмыт араас аттракционнарга барбыппыт. Парк санҥа арыллыбытын иһин наһаа элбэх киһи баара. Онтон киэһээ бары түмсэн эрдэхпитинэ эмискэ курулаччы ардах түспүтэ. Бары ардахха баттаппыппыт, ибис иинчэҕэй этибит. Биллиилээх дьон биһиэхэ кэлэн сүбэ биэрбиттэрин мин олус себулээбитим. Бизнеһы хайдах арыйарга, бэйэлэрин опыттарын, дьон интернекка эн видеогын көрөрүн курдук хайдах телефоҥҥа устарга кэпсээн ипсээн ааспыттара»
Нарияна СИВЦЕВА, РЛИ, 8 кылаас үөрэнээччитэ
««Ойкумена» лааҕыр олус үчүгэйдик ааста, араас биллэр, интэриэһинэй дьону кытары кэпсэппиппит, элбэх баҕайы саҥа доҕордоннум, Саха норуотун историятын туһунан элбэҕи да биллим!»
Саша НИКИФОРОВ, Өктөм орто оскуолатын 10 кылаас үөрэнээччитэ
««Ойкумена» лааҕыр бэйэтэ интэриэһинэйдик ааспыта. Бастаан билбэт оҕолорум буоланнар кыбыыстыы баар курдук этэ, онтон оҕолору кытта алтыспыппыт, билсиспиппит кэнниттэн олус үчүгэй буолбута. Оҕолор бары наһаа үчүгэйдэр, биир интэриэстээх уонна баҕалаах оҕолор кэлбиттэриттэн үөрбүтүм аҕай. Мин араас лекциялартан бэйэбэр элбэх саҥаны биллим. Араас интэриэһинэй сирдэргэ сырыппыппыт олус үчүгэй этэ. Салайааччыларга уонна оҕолорго махтаныам этэ»
Амилия ВАСИЛЬЕВА, РЛИ 10 кылаас үөрэнээччитэ
Амилия ВАСИЛЬЕВА, РЛИ 10 роснефть кылаас,
Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт