Бэс ыйын 1 күнүгэр Чурапчы улууһун Оҕо аймаҕын Үрүҥ Тунах ыһыаҕар “Дьиэ кэргэним үйэлээх баайа” быыстапка буолан ааспыта. Манна оҕо саадын оҕолоро унна алын кылаас үөрэнээччилэрэ кыттыыны ылбыттара.
Бу быыстапка сүрүн сыала – өбүгэ үгэһин, сиэрин-туомун, оҕолор төрүттэрэ тутта сылдьыбыт малларын кэнчээри ыччакка көрдөрүү, дьиэ кэргэни харыстааһын, ытыктааһын. Оҕолор эбэлэрэ, эһэлэрэ тутта сылдьыбыт малларын, иһиттэрин-хомуостарын, кэтэ сылдьыбыт таҥастарын, былыргы суруктарын туһунан кэпсээтилэр. Быыстапка түмүгүнэн оҕолорго анал ааттар туттарылыннылар.
Биһиги оскуолабытыттан IV кылаас үөрэнээччитэ Айсен Косимов ийэтин Алена Васильевнаны кытта кыттыыны ыллылар. Айсен хос эһэтэ Михаил Михайлович Мартьянов биһиги нэһилиэкпит сайдыытыгар улахан кылаатын киллэрбит киһи. Тыыл, үлэ бэтэрээнэ, элбэх ыччаты үлэҕэ уһуйбут наставник, коммунист, хоту көһөрүллүү кыттыылааҕа, Булуҥ улууһун, Хадаар нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, “Республика социальнай-экономическай сайдыытыгар өҥөтүн иһин” бэлиэ хаһаайына.
Бу быыстапкаҕа Айсен хос эһэтэ үлэтигэр туттубут суотун, паапкатын, наҕараадаларын туһунан кэпсээбитэ. Михаил Михайлович в 1965 сыллаахха Чурапчы промкомбинатын биир үчүгэй үлэһитэ буолан, Москваҕа ВДНХ-ҕа баран кэлбит. Онно сылдьан хаартыскалаах шаригы өйдөбүнньүк быһыытынан аҕалбытын көрдөрдө..
Айсен хос-хос-хос-хос эһэтэ Михайло Мартьянов 1885 с. сэтинньи 30 күнүгэр Хадаар нэһилиэгэр старшинанан анаммыт. Урут нэһилиэккэ староста уонна үс старшина талыллар эбит, кинилэр бары анал бэчээттээх буолаллар эбит. Өбүгэтин тус бэчээтэ Хадаар нэһилиэгин докумуоннарыгар харалла сылдьыбыта кэлин аймахтарыгар кэлбитэ.
Бэчээт алтан тимиртэн оҥоһуллубут. Быһыыта төгүрүк, тутарга табыгастаах тутаахтаах, “ММ 1885 г.” диэн суруктаах уонна кыталык ойуулаах. Бу туһунан кэпсээн, дьүүллүүр сүбэ сэҥээриитин ылла.
Ону таһынан эһэтэ Василий Петрович Лукин 1980-с сыллардаахха кэргэнигэр оччотооҕу кэмҥэ муодаҕа киирбит дипломаты бэйэтин илиитинэн оҥорбутун көрдөрдө.
Түмүккэ «Сылааһынан илгийэр кэриэс мал» анал ааты тутта.
Миэхэ эбээ, эһээ туттубут маллара күндү баай буоларын өрүү харыстаан, ытык өйдөбүл оҥостон, дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсии, билиһиннэрэ сырыт, төрүттэргин ытыктыыр үтүө киһи буола улаат диэн суругу туттардылар. Мин онтон наһаа үөрдүм, – диэн Айсен Косимов санаатын эттэ.
Айна БАНДЕРОВА, VI кылаас,
Хадаар орто оскуолатын медиа киинин юнкора, Чурапчы