Саха Өрөспүүбүлүкэтин үрдүнэн биир кэлим эксээмэҥҥэ 12 оҕо 100 баалы ылары ситистэ. Быйыл литература предметигэр 9 оҕо 100 баалы ылла. Олортон биирдэстэрэ, И.Г. Тимофеев аатынан Майа лиссиэйин выпускнига – Нюргуяна Макарова. Нюргуяна «Кэскил» юнкора, түөрт сыл устата медиа оскуолаҕа дьарыктанан биһигини кытта инники былаанын үллэстэр, эһиил бу предметкэ эксээмэннээх оҕолорго сүбэ-ама биэрэр.
– Ханнык предметтэри биир кэлим эксээмэннэргэ таллыҥ?
– Обществознание уонна литература предметтарын биир кэлим эксээмэннэрбар талбытым.
– Эксээмэҥҥэ 100 баалы хайдах ылары ситистиҥ? Эһиил туттарар оҕолорго сүбэтэ-амата биэриэҥ дуо?
– Литература эксээмэнин бу күһүн эрэ туттарарга санаммытым, онтон ыла кыра-кыратык бэлэмнэнэн киирэн барбытым. Күүстээх дьарыкпын саас саҕалаабытым. Саамай бастакы уонна биир саамай сүрүн эксээмэним буолан, бу предметкэ улахан болҕомтобун уурбутум. Лицейгэ учууталбын Мария Милентьевнаны кытары бэлэмнэммиппит уонна эбии онлайн-оскуолаҕа уерэммитим.
Кэлэр сылга литература эксээмэнин туттарар оҕолорго кодификатор айымньыларын билигин ааҕан саҕалаан диэн этиэхпин баҕарабын, оччоҕуна кэлин бэлэмнэниигитигэр текстын билэр буоллаххытына, учууталгытынаан да, бэйэҕит да ырытаргыт ордук уонна быдан туһалаах буолуоҕа. Практикаҕытын бириэмэнэн оҥорон көрүн, экзамеҥҥа киирэн баран бэриллибит кэми хайдах сорудахтарынан араараргытын билэр гына. Уонна саамай сүрүнэ, бэйэҕитигэр эрэллээх буолуҥ, эксээмэн иннинэ уонна эксээмэн кэмигэр наһаа долгуйуман, барыта табыллыаҕа, барытын сатаан оҥоруоххут, кыайыаххыт!
– Медиа оскуоланы уонна үөрэҕи хайдах дьүөрэлээтин, ыарахан этэ дуо?
– Бу үөрэх сылын устата медиа оскуолабар сырыттым: күһүн видеоларбытыгар уһулларым, сценарийдары суруйарым, ол кэннэ экзамеммар бэлэмнэнээри тохтоон, маайга дылы ыстатыйалары эрэ суруйбутум. Сөбүлүүр дьарыгым инники үөрэххэ туттарсыыбар, идэбэр суолталаах буолан, бэлэмнэнии кэмигэр бириэмэ булан журналистиканан симбиир дьарыктаммытым, күүстээх үөрэх кэмигэр бу аралдьыйарбар олус туһалаабыта.
– Нюргуяна, инникигэр туох былааннааххыный?
– Олохпун журналистика эйгэтин кытта сибээстиэхпин баҕарабын, онон бу салаанан үөрэххэ туттарсыам этэ.
keskil14.ru