Горнай улууһун дьаһалтата оскуола үөрэнээччилэрин үгүс ситиһиилээх, дьоҥҥо көмөлөөх, үөрэххэ дьулуурдаах, мааны бэрээдэктээх буоларга көҕүлүүр соруктаах күрэс ыыппыта уонтан тахса сыл буолла. Улуус хас биирдии кылааһа үөрэх сылын устата анал тэтэрээт толорор, күрэс ирдэбиллэринэн ылсан үлэлиир. Биһиги кылааспыт эмиэ сыл аайы бу күрэскэ киирсэр. Былырыыҥҥы үөрэх сылыгар оскуолабытыгар кыайбыппыт, улуус күрэһигэр тэйиччиттэн кыттыбыппыт.
Оттон быйылгы бэс ыйын 1 күнэ кылааспытыгар олус үөрүүлээхтик ааста. Сарсыардаттан Солоҕонтон оскуолабыт массыынатынан айаннаан, Бэрдьигэстээххэ тиийбиппит. Оҕо көмүскэлин күнүгэр аналлаах тэрээһин саҕаланыытыгар улуустааҕы “Сыл бастыҥ кылааһа” күрэс түмүгүнэн кыайыылаахтарга харчынан сертификаттары туттарбыттара. Кыра уонна улахан бөлөхтөргө Маҕарас оскуолатын кылаастара, оттон орто бөлөххө биһиги кылааспыт кыайан, ыҥырыллан тиийбиппит. Улууспут баһылыга Никита Викторович Андреев биһиэхэ 80 тыһыынчалаах сертификаты туттарда. Сыанаттан олус үөрбүппүтүн кэпсээбиппит, махталбытын тиэрдибиппит. Аны төрөппүттэрбитиниин ханна баран сынньанарбыт туһунан сүбэлэһэрбит хаалла.
Кыраайы үөрэтэр түмэлгэ тиийбиппит, сабыылаах буолан биэрбитэ. Салгыы Валерий Моисеевич Дьячковскай — Сиэн Харах “Умсулҕаннаах дьарыгым — бар дьоммор” диэн быыстапкатын олус астына көрдүбүт-иһиттибит, кылааспыт урбааныгар саҥа санаа, күүспүтүгэр күүс эбиннибит. Антонина Николаевна Дьячковская хас биирдии экспонаты олус сэргэхтик, киһи эрэ болҕойон истэрин курдук кэпсиир. Маннык быыстапка биһиги улууспутугар баарыттан киэн тутуннубут, олус сөхтүбүт. Дьячковскайдар дьиэ кэргэҥҥэ улахан махтал!
Бу быыстапкаҕа бары хаартыскаҕа түстүбүт. Сорох экспонаттар Солоҕоммутугар үүнэн турбут силистэртэн, удьурҕайдартан оҥоһуллубуттарын истэн сөхтүбүт, тулабытын болҕомтолоохтук көрөргө кыһаллыахпыт дии санаатыбыт. Быыстапка арыллыбыта өр буола илик эрээри, олус элбэх киһи көрбүт, кинилэр хаартыскаларын туспа альбом оҥорбуттарын сэргээтибит уонна биһиги хаартыскабыт эмиэ киириэн сөп эбит дии санаатыбыт.
Быыстапкаҕа сылдьан баран, Бэрдьигэстээххэ тиэргэн зоопаркатыгар сырыттыбыт, кыыллары (таракааннары эмиэ) тутан, имэрийэн, батукка ыстаҥалаан, дуоһуйа сынньанныбыт. Кыыллар тустарынан оҕолор олус бэркэ кэпсииллэр. Дьиэ кэргэннэрин дьарыгын астыналлара, кыһамньылаахтык сыһыаннаһаллара көстөр. Тиэргэн зоопаркатын тутан олорор ыалга улахан махтал, эһиги дьарыккыт дьоҥҥо үөрүүнү бэлэхтиир!
Солоҕоннуохпут иннигэр Бэрдьигэстээх маҕаһыыннарыгар сылдьыбыппытыттан эмиэ олус астыммыппыт. Бу күнү быһа биһигини тиэйэн илдьэ сылдьыбыт суоппарбытыгар Степан Дмитриевич Пахомовка, сүбэлээбит-амалаабыт Максиммыт эбэтигэр Тамара Рафаэловнаҕа, чугас дьоммутугар улахан махтал!
С.И. Тарасов аатынан Өрт орто оскуолатын VI кылааһын бүтэрэн,
саҥа VII кылаас буолбут оҕолор
Аина Иванова, Намыына Охлопкова,
Анна Павлова, Күннэй Павлова,
Максим Перфильев, Сардана Стручкова,
Сайдам Тарасов уонна кылаас салайааччыта
Туйара Александровна Тарасова.
keskil14.ru