Бэс ыйын 1 күнүгэр Чурапчы улууһугар Ыал саргыта сылынан, «Боотур Уус сыдьааннара» муниципальнай бырагыраамма чэрчитинэн «Оҕо саас уйгулаах ыһыаҕа» диэн үрүҥ тунах ыһыаҕа буолан ааста. Олус элбэх күрэстэһээччи, ыалдьыт кэлэн көхтөөх кыттыыны ыллылар.
Биһиги өбүгэлэрбит урукку кэмнэргэ хайдах олорбуттара, тугунан дьарыгыраллара барыта «Дьиэ кэргэним үйэлээх баайа» быыстапкаҕа сырдатылынна. Олус интэриэһинэй, өрдөөҕү, өр сылларга харыллан кэлбит эбэлэр, эһэлэр сэдэх малларын көрдүбүт. Киһи көрөн олус сэргиир, махтайар.
— Мин аатым ГоголевАртур, Дириҥ оскуолатын 2 кылааһын үөрэнээччитэбин. Бэс ыйын 1 күнүгэр Чурапчыга улахан таһымнаах оҕо ыһыаҕа буолан ааста. Төрөппүттэрбин кытта «Дьиэ кэргэним үйэлээх баайа» быыстапкаҕа хос-хос эһэм Карпов Илья Павлович туһунан,5-с көлүөнэ уһанар тэриллэрин кэпсээтибит. Бу тэрээһиҥҥэ кыттыбыппыттан олус астынным,элбэх саҥаны биллим. Уус эһэбинэн киэҥ туттабын.
Кырачааннар, төрөппүттэр, салайааччылар кыһаллан туран бэлэмнээбит үлэлэрин, долгуйан туран олус сэргэхтик көмүскээтилэр, билиһиннэрдилэр.
«Оҕо саас уйгулаах ыһыаҕа» диэн Чурапчы улууһун оҕо-аймаҕын ыһыаҕар «Дьиэ кэргэним үйэлээх баайа» быыстапка тэриллэн үлэлээтэ. Бу быысапкаҕа дьүүллүүр сүбэ састаабыгар киирэн үлэлээтим. Балаһыанньа быһыытынан оҕолор дьиэ кэргэннэригэр харайа сылдьар ытык малларын аҕалан быыстапкаҕа туруоруохтаахтар, көмүскүөхтээхтэр. Сүнньүнэн оҕолор былыргы (XIX үйэтээҕи), сэргэ сэбиэскэй кэминээҕи маллары аҕалбыттар. Саха ууһа кыһаллан, сатабылын киллэрэн туран уустаан-ураннаан оҥорбут чороонуттан, маллаах иһиттэриттэн саҕалаан сүрдээх астык көрүҥнээх чахчылаах алтан салабаарыгар, эһэлэрин, эбэлэрин тутта сылдьыбыт кэриэс-хомуруос малларыгар тиийэ көрдөрүүгэ туруордулар. Оҕолор бу ытык маллар тустарынан долгуйа кэпсээтилэрю дьиэ кэргэн олус күндүтүк санаан бу маллары уура-харайа сылдьалларын, оҕолоругар төрдүлэрин-уустарын тустарынан үөрэтэллэрин, кэпсииллэрин биһиги хайгыы көрдүбүт. Түмүкпэр дириҥ ис хоһоонноох быыстапка өссө салҕанан барарыгар, дьиэ кэргэн аайы бу курдук үйэлээх маллар оҕолорбутугар төрдүбүтүн-ууспутун кэпсии туралларыгар, ыччаттарбыт — «Дириҥ силистээх-мутуктаах, бигэ тирэхтээх дьоммут» диэн киэн тутта сананалларыгар баҕарабын» — диэн Юрий Толстоухов дьүүллүүр сүбэ чилиэнэ бэйэтин санаатын эттэ.
Быыстапкаҕа дьүүллүүр сүбэнэн Ю. С. Толстоухов Чурапчы улууһун А. А. Саввин аатынан устуоруйа уонна этнография түмэлин научнай исписэлииһэ, А. Э. Местникова «Чуораанчык» оҕо сурунаалын эрэдээктэр-консультана, С. Ф. Софронова С.Д. Флегонтов аатынан Хадаар оскуолатын учуутала, А. И. Сотникова Чурапчытааҕы С. К. Макаров аатынан гимназия 10 «А» кылааһын үөрэнэччитэ үлэлээтилэр. Сыанабыл түмүгүнэн маннык анал ааттары биллэрдилэр:
«Бастыҥ көмүскээччи» — Сивцева Айыына, Мугудай оскуолатын 2 кылааһын үөрэнээччитэ;
«Бастыҥ көмүскээччи» — Барашков Айастаан, Бахсы оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччитэ;
«Бастыҥ көмүскээччи» — Попова Марина, П. В. Васильев аатынан Соловьев оскуолатын 3 кылааһын үөрэнээччитэ;«Саамай өрдөөҕү мал» — Саввина Сайаана, Мырыла оскуолатын 3 кылааһын үөрэнээччитэ;
«Саамай өрдөөҕү мал» — Кононова Сайыына, С. А. Новгородов аатынан оскуола 1 кылаас үөрэнээччитэ;
«Сэдэх мал» — Макаров Стас, Дириҥ оскуола 2 кылааһын үөрэнээччитэ;
«Сэдэх мал» — Максимов Егор, Улахан Күөл оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччитэ;
«Сэдэх мал» — Захаров Рома, С. А. Новгородов аатынан оскуола 4 кылаһын үөрэнээччитэ;
«Өйдөбүнньүк докумуоннар» — Макаров Сёма, Улахан Күөл оскуолатын 4 кылааһын үөрэнээччитэ;
«Өйдөбүнньүк докумуоннар» — Элясова Сайаана, С. А. Новгородов аатынан оскуола 3 кылааһын үөрэнээччитэ;
«Дьиэ кэргэним үйэлээх баайа» — Скрябина Сахалита, 6 саастаах;
«Дьиэ кэргэним үйэлээх баайа» — Григорьева Наташа, С. А. Новгородов аатынан оскуола 4 кылааһын үөрэнээччитэ;
«Сылааһынан илгийэр кэриэс мал» — Емельянова Виолета, Арыылаах оскуолатын 2 кылааһын үөрэнээччитэ;
«Сылааһынан илгийэр кэриэс мал» — Хоютанов Арылхан, «Березка» уһуйаан иитиллээччитэ;
«Сылааһынан илгийэр кэриэс мал» — Косимов Айсен, Хадаар оскуолатын үөрэнээччитэ;
«Үйэлээх мааны сэрбиис» — Потапова Сахая, Кытаанах оскуолатын 3 кылааһын үөрэнээччитэ;
«Өрдөөҕү мал» — Романова Амелия, Хатылы оскуолатын үөрэнээччитэ;
Маны таһынан, кыттааччыларга барыларыгар туоһу сурук уонна «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын аатыттан сурунаал бэлэх туттарылынна.
— Андросова Татьяна Егоровна диэммин, Чурапчы улууһун Т. М. Каженкин аатынан Арыылаах оскуолатын саха тылын уонна литэрэтиирэтин учууталабын. «Оҕо саас уйгулаах ыһыаҕа» тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ааспытыттан олус астынным. Бары ытыктыыр, кыра эрдэхпититтэн ааҕар, сэҥээрэр «Кэскил» оҕо кыһатын бэчээтэ кэлэн «Дьиэ кэргэним үйэлээх баайа», «Төрүччү» быыстапкаларын тэрийбиттэриттэн сүргэбит көтөҕүллүбүтэ. Хас да килэмиэтир ыраах сиртэн хомунан, бэлэмнэнэн, бу тэрээһини көтүппэккэбит кыттыыны ылан бардыбыт. Уһуйаан иитиллэччилэрэ уонна алын кылаас оҕолоро кэлэн кыттыбыттара олус үчүгэй. Кыра саастарыттан кэпсиир, толкуйдуур билэр-көрөр дьоҕурдара сайдар, кэҥиир, иитэр суолтата улахан дии саныыбын. Быыстапкаҕа олус элбэх саха норуота өрдөөҕү туттар иһиттэрэ-хомуостара, дьиэ тэриллэрэ бааллара. Ону таһынан, сэрии кэминээҕи тиэмэ эмиэ таарыллыбыт. Саамай сэҥээрэ көрбүт малым – былыр дьахтар туттар атын ыҥыыра. Биһиги эбэбит 19-с үйэтээҕи холбукатын, холбуйатын уонна эһэбит тус бэйэтинн ааттаах бэчээтин көрдөрүүгэ аҕалбыппыт. Маннык тэрээһин ыытыллара олус үчүгэй, сөптөөх дии саныыбын. Тоҕо диэтэр, өбүгэлэрбит сэдэх малларын, устуоруйаларын сүтэрэн, умнан кэбиспэккэ илдьэ, өйдүү-саныы сылдьабыт. Тэрийээччилэргэ махталбын тиэрдэбин, салгыы маннык тэрээһиннэр ыытылла турдуннар.
Кыттааччылар төрүччүлэрин устуоруйаларын, өйдөбүнньүк сэдэх малларын сыаналыыллара, харыстыыллара тута көстөр. Оҕолор үрдүк таһымнаахтык бэлэмнэнэн кэлбиттэр.
Анастасия Местникова,
хаартыскаҕа түһэрдэ Лида Борисова, 10 кылаас,
С. А. Новгородов аатынан Чурапчы оскуолата