Бэс ыйын 1 күнүгэр Чурапчыга Маҕаайы алааһыгар Оҕо аймах Үрүҥ Тунах ыһыаҕа буолан ааста. Киэҥ алаас сыһыытыгар оҕолор дьиэ кэргэннэрин үйэлээх малларын, төрүттэрин-уустарын туһунан сырдаттылар.
”Дьиэ кэргэним үйэлээх баайа” уонна “Төрүччү” быыстапкалара ыкса ситимнээхтик ыытылыннылар. Олус сэргээтим. Киһи өйүн-санаатын кэҥэтэригэр, Ийэ дойдуну атын муннуктан көрөргө туһалаах диэн сыаналаатым.
1899 сыллаах самабаар
Мугудайтан Д.Д. Красильников аатын сүгэр орто оскуолатыттан II кылаас үөрэнээччитэ Аина Сивцева эбэтин самабаарын туһунан кэпсээтэ.
Самабаар 1899 сыллаахха Тула куоракка Батышевтар фабрикаларыгар оҥоһуллубут. Кини чаҥ, кыһыл уонна үрүҥ көмүс мэтээллэрдээх. Самабаар мэтээллээх буоллаҕына, бу хаачыстыба бэлиэтэ. Маны таһынан самабаар көрүҥүнэн арахсар: маһынан, керосинынан оттуллар уонна уотунан барар самабаардар.
Самабаар Клара Петровна эбэтиттэн Мария Елесеевна Яковлеваттан хаалбыт.
Бу самабаары биһиги төрүттэрбититтэн илдьэ хааламмыт наһаа маанылыыбыт, күндүтүк саныыбыт, – диэн этэллэр Аина уонна кини эбээтэ Клара Петровна.
Баахыла тимирэ, тимир өтүүк, мас матаарчах…
Кытаанах орто оскуолатыттан Сардаана Потапова хос эбэлээх эһэтин тутта сылдьыбыт малларын көрдөрдө. Ол курдук баахыла тимирэ, тимир өтүүк, мас матаарчах, үс атахтаах таҕа, хочулуок, маллаах иһит, ытарча уонна сыпсы.
Хос эбэтэ иистэнньэҥ эбит. Бэйэтэ суумка уонна олбох тигэр эбит. Ону таһынан кини олус ааҕарын сөбүлүүр буолан кинигэлэрин уура, харыстыы сылдьыбыт. Ордук былыргы кинигэтэ 1956 сыллаах “Букубаар” буолар.
Хос эһэтэ Григорий Гаврильевич Владимиров Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа. Ол туһунан 1942 сыллаахха илиитигэр туппут докумуона күн бүгүнүгэр диэри олус кичэллээхтик хараллан кэлбит.
170 саастаах чороон
Хатылыттан В.С. Соловьёв-Болот Боотур аатын сүгэр орто оскуолатыттан III кылаас үөрэнээччитэ Сайаана Саввина хос-хос эбэтин малын туһунан кэпсээтэ. Хос-хос эбэтиттэн хаалбыт XIX үйэ ортотугар оҥоһуллубут чороонноох. Бу чороон ХVIII үйэттэн уратыта диэн быдан элбэх оһуордаах-бичиктээх эбит.
Сайаана хос-хос эбэтин чорооно быһа холоон 170 саастаах буолуон сөп. Чороону маһынан оҥороллор. Оҥоһугу кытаатыннараары бадарааҥҥа сытыара түһэн баран, сүгэнэн, анал токур быһаҕынан ситэри оҥороллор эбит. Кэлин солуурга оргуйбут тиит хатырыктаах ууга угаллар, оччоҕуна быһыыта-таһаата төкүнүк буолар. Өскөтүн чороон үөһээ өттө айыылар дойдуларын бэлиэтиир буоллаҕына, атаҕа аллараа дойдуну көрдөрөр, ортото орто дойдуну ойуулуур. “Үс дойду үтүө уонна мөкү олох уонна өлүү мэлдьи ситимнээхтэрин бу чороон көрдөрөр”, – диир Сайаана Саввина.
Ити курдук Оҕо аймах ыһыаҕар Чурапчы улууһун үөрэҕин управлениета “Кэскил” оҕо бэчээтин кытта холбоон ыыппыт “Дьиэ кэргэним үйэлээх баайа”, “Төрүччү” быыстапкалара дириҥ ис хоһоонноохтук ыытылынна.
Историческай нэһилиэстибэни харыстааһыҥҥа, үөрэтиигэ улахан көмөлөөх, уопсастыбаҕа дьоһун оруолу ылар дии саныыбын. Бу быыстапкалартан хас да үйэни ситимин булан көрдүм.
Быыстапка туһунан видеоны манна көрүҥ https://t.me/keskil_media2020/11010
Лида БОРИСОВА, Х гуманитарнай кылаас, С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолата
Вилена Кириллина, Вадим Колесов видеолара, А.П. Илларионов аатынан Хайахсыт орто оскуолата