Чурапчы улууһугар буолан ааспыт Оҕо аймах Үрүҥ Тунах ыһыаҕар “Чараас сытыы тыллаах чабырҕахпыт чаҥыйдын” күөн күрэскэ биһиги гимназиябыт үөрэнээччитэ Айыына Евграфова ситиһиилээхтик кытынна. Кини “Добун сурук” I үрдэлэ буолары ситистэ.
Тумус кыһа” пресс-киин югкордара Айыынабытын биир бастакынан эҕэрдэлээтибит уонна тута интервью ыллыбыт.
– Айыына, ситиһиигинэн эҕэрдэлиибит. Аан бастакынан ханнык санаалар охсуллан аастыларый?
– Эҕэрдэҕит иһин, махтал. Бастакы үрдэли тутан туран наһаа үөрдүм. Долгуйдум.
– Чабырҕаҕы олус үчүгэйдик ааҕар эбиккин. Эн сөбүлээн толорор чабырҕаҕын ханныгый?
–«Чабырҕах туһунан санааларым» диэн Мария Андреевна Герасимова-Сэҥээрэ чабырҕаҕын сөбүлүүбүн. Бу айымньыга чабырҕах туох туһалааҕын, ис хоһоонун барытын арыйар.
– Чабырҕаҕы хайдах үөрэтэҕиний?
– Бастаан бытааннык ааҕабын. Илдьиритэбин, ис хоһоонун строканан сааһылаан өйбөр-санаабар, тылбар-өспөр иҥэрэбин. Ис хоһоонун бэрээдэгинэн харахпар оуйуулаан көрөбүн. Дьэ ол кэнниттэн биирдии строканан түргэнник ааҕарга үөрэнэбин.
Оҕолор чабырахтыылларын истэ, көрө олороммун, бу чэпчэкитэ суох көрүҥ буоларын итэҕэйдим. Чабырҕаҕы сатаан ааҕарга хас да соругу тэҥҥэ тутуоххун наада – уһун тыыннаах, тылын-өһүн чуолкай, сыалай биир улахан хартыынаны хамсанан-имсэнэн, туттан-хаптан арыйыаххын наада эбит. Чабырҕаҕынан дьарыктанар төрүт үгэстэри үйэтитэ сылдьар биир саастыылаахтарбын көрөммүн, истэммин астынным.
Валерия СТЕПАНОВА, VII кылаас,
“Тумус кыһа” пресс-киин, С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназията
Чурапчы чабырҕахсыт оҕолорун туһунан ааптар видеотын манна көрүҥ https://t.me/keskil_media2020/11007