Бэс ыйын 1 күнүгэр тапталлаах Чурапчыбытыгар оҕо аймах Үрүҥ Тунах ыһыаҕа буолан ааста. Мааны Маҕаайы бу күн оҕо аймах дьоллоох күлүүтүнэн туолла. Алаас устун дьэрэкээн былааччыйалаах сахалыы таҥастаах оҕолор бытарыһа сүүрдүлэр. Көрөргө наһаа үчүгэй!
Халлааммыт туран биэрэн ыһыахха кэлбит дьон-сэргэ бары үөрэ-көтө сырыттылар. Бары үөрэх тэрилтэлэрин оҕолоро, үлэһиттэрэ сахалыы таҥнан, параадтаан киирэн саҕалаатылар.
2024 сыл Россияҕа Дьиэ кэргэн, Саха өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас, Чурапчы улууһугар Ыал саргытын сыла биллэриллибитэ. Чурапчы улууһун “Боотур Уус сыдьааннара” программа чэрчитинэн, быйыл биһиэхэ Оҕо аймах Үрүҥ Тунах ыһыаҕа ыытылынна.
Бу күн улууспут бары нэһилиэктэрин уһуйаан саастаах иитиллээчилэрэ, оскуолаларын үөрэнээччилэрэ, иитээччилэрэ, учууталлара бары бииргэ ыһыах түһүлгэтигэр түмүстүбүт.
Саха тылын, төрүт култуура учууталлара ыраастаныы сиэрин-туомун ыыттылар. Чурапчы улууһун үөрэхтээһин тэрилтэлэрэ бары бииргэ парадтаан киирдибит. Ыһыах түһүлгэтигэр оҕолорго алгыс үтүө тыллара ананнылар. Төрөппүттэр түмсүүлэрэ алаадьы астаатылар. Чурапчы оскуолаларын дириэктэрдэрэ бары Саха өрөспүүбүлүкэтин гиимин толордулар.
Улууспут баһылыга Степан Анатольевич Саргыдаев, улуустааҕы үөрэх управленитетын начальнига Юрий Павлович Посельскай эҕэрдэ тылларыгар биһиги, Боотур Уус сыдьааннара, үөрэх, култуура, спорт эйгэтигэр – барытыгар ситиһиилээх, төрөөбүт дойдубутун билэ-көрө, кининэн киэн тутта улаатыахтаахпытын туһунан эттилэр. Оҕо аймах ыһыаҕа “Боотур Уус сыдьааннара” улуустааҕы программаҕа олоҕуран ыытылынна.
Үөрүүлээх арыллыы кэнниттэн ыһыах сиэринэн, саха норуотун төрүт үгэстэригэр олоҕуран, олоҥхо, оһуохай, “Толбоннурар уһун суһуох”, чабырҕах, мас тардыһыыта, кыыһы эккирэтии, хапсаҕай, сахалыы таҥас, сандалы, түһүлгэ көрүүтүн күрэхтэрэ ыытылыннылар. Биир саамай улахан түһүлгэнэн VIII-X кылаас уолаттарыгар икки күннээх “Боотур Уус оонньуута” буолла.
Оҕолор оҥоһуктарын көрүү, «Дьиэ кэргэним үйэлээх баайа, “Мин төрдүм-ууһум – мин тирэнэр тирэҕим” быыстапкалар ыытылыннылар.
Биир туспа хайысханан “Бастакылар хамсааһыннарын” үлэтин билиһиннэрии буолла.
Көрөөччү да, кыттааччы да үгүс. Хас биирдии нэһилиэк оскуолалара, уһуйааннара ырааҕыттан-чугаһыттан тутулуга суох үөрэ-көтө кыттан, оҕолор тустарыгар түмсэн, кинилэргэ болҕомторун анаатылар.
Онтон биһиги маннык ыһыаҕа оҕолорго анаан тэрийбит, тэрийсбити, сүүрбүт-көппүт дьоҥҥо барыгытыгар махталбытын тиэрдэбит.
Вадим КОЛЕСОВ, Х кылаас, А.П. Иллприонов аатынан Хайахсыт орто оскуолата;
Кэскилээнэ СИВЦЕВА, VIII кылаас, С.А.Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолата
Алёна КСЕНОФОНТОВА, VII кылаас, С.Д. Флегонтова аатынан Хадаар орто оскуолата, Чурапчы