ВДНХ-ҕа биһиги нэһилиэкпититтэн төрүттээх билигин Хаҥалас оройуонугар олорор Мария Спиридоновна Аянитова сылдьыбыта. Мин киниттэн ВДНХ туһунан кэккэ ыйытыктары биэрэн кэпсэттим.
— Үтүө күнүнэн, Мария Спиридоновна! Мин төрөөбүт Сииттэн оскуолатыттан интервью ылаары таҕыстым. Эн эдэр сылдьан ВДНХ-ҕа сылдьыбыккын иһиттим уонна эйиэхэ кэккэ ыйытыктары биэриэхпин баҕарабын.
— Дорообо! Төрөөбүт дойдум дьоно умнубакка өрүү тахсан билсэ сылдьаргытыттан үөрэбин.
— Эн хас сыллаахха ВДНХ-ҕа сылдьыбыккыный, уонна оччолорго саҥа университеты бүтэрбит киһи Москваҕа барар чиэскэ хайдах тиксибиккиний?
— Мин ВДНХ-ҕа 1988 сыллаахха «Өктөм» совхоз чулуу үлэһиттэрин делегациятын састаабыгар киирсэн бара сылдьыбытым. Ол сыл, совхозка «Сыл бастыҥ бэтэринээринэй специалиһын» үрдүк аатын иҥэрбиттэрэ. Улуу Москва куоракка истиҥник көрсүбүттэрэ. Киһи сөҕө көрөр улахан быыстапката этэ. Ол саҕана Сэбиэскэй Сойуус 15 өрөспүүбүлүкэтин норуот хаһаайыстыбата сайдарыгар анаабыт сөҕүмэр үлэлэрин, оҥорон таһаарбыт оҥоһуктарын араас көрүҥүн, тыа хаһаайыстыбатын үлэтин чэпчэтэргэ туһуламмыт техника эгэлгэтин, үрдүк көрдөрүүлээх боруода арааһын олус сөҕө – махтайа көрбүппүт. Дойдубут норуотун олоҕун, уйгутун тупсарар, улэһит киһини өрө тутар, бэйэ оҥорон таһаарар үрдүк хаачыстыбалаах бородууксуйаларынан норуоту хааччыйар, доруобуйатын тупсарар туһугар ыытар кэскиллээх үлэтин харахпытынан көрөн, итэҕэйэн, ол улэҕэ кыттыһа сылдьарбытыттан астынан кэлбиппит.
— ВДНХ-ҕа сылдьыбытын олоххор тугу биэрбитэй?
— Ити быыстапкаҕа ыраах сытар, тыйыс тымныыны тулуйан, Сахабыт сирин үлэһит дьоно ситиспит үлэҕэ үрдүк көрдөрүүлэрэ, ситиһиилэрэ түмүллэн, тиһиллэн Улуу Москва куоракка, Арассыыйа киэҥ дуолугар көстө турара биһигини олус үөрпүтэ, долгуппута. Бу сырыы инники үлэбитигэр сүдү күүһү, төрөөбүт дойдубутунан киэн туттууну сахпыта.
— Эн үлэлиир биригээдэн туох ситиһиилээх этэй?
— Биьиги үлэлиир биригээдэбит – Уулаах Аан сүөһү иитэр комплекса Бүтүн Сойуустааҕы социалистическай куоталаһыыга үс төгүл бастаабыта.
— Билигин да ветеринарнай бырааһынан Уулаах Ааҥҥа үлэлииргин билэбит. Олоххо көхтөөх киһи буоларгын истэбит. Урукку кэмтэн билигин туох уларыйыы баарый?
— Билигин урукку курдук улахан тэриллиилээх хаһаайыстыба суох. Дьон үксүн чааһынай тутан олороллор. Сүөһү ахсаана аччаан иһэр. Дьон эбии дохуот оҥостон сүөһү-ас туталлар. Бырабыытылыстыба араас кэскиллээх программалара эдэр дьону тыа сиригэр олохсутарга ыҥыра – угуйа тураллар. Онон бу программаларга кыттыһан эдэр дьон үлэлиэ – хамсыа диэн эрэнэбин.
-Мария Спиридоновна, кэпсээниҥ иһин улахан махтал!
Виолетта СЕРГЕЕВА, 8 кылаас, В.Е. Колмогоров аатынан Сииттэ орто оскуолата, Кэбээйи