Былыр-былыргыттан сахалар түөлбэлээн уу сүнньүн батыһан олохсуйан, кыра алаастарынан ото-маһа баарынан көрөн, сүөһү-ас ииттэн, оҕо төрөтөн олорбуттар. Байаҕантай улууһуттан хоту диэки сахалар көһөн Өймөкөөҥҥө киирэн, Индигиир өрүс саҕаланар төрдүгэр олохсуйбуттара. Сирэ-уота сүөһү иитэргэ туруммуттара.
Советскай былаас олохсуйан, 1930 сылларга колхуостааһын саҕаламмыт. 1934 с. Сталин аатынан колхоз тэриллибитэ. Алта учаастактаах, фермалардаах этэ. Колхуос бас билиитигэр 382 сылгы, 786 ынах сүөһү, 68 таба баара. Ол колхуоска хос-хос эбээм Вензель Мавра Гаврильевна ыанньыксытынан үлэлээбитэ. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр килбиэннээх үлэтин иһин мэтээллээх, онтон 1959 с. бастыҥ көрдөрүүлээх стахановка-ыанньыксыт буолан, «Бочуот Знага» орденынан наҕараадаламмыта уонна Москва куоракка ВДНХ-ҕа Өймөкөөн улууһуттан бастакынан кытта бара сылдьыбыта. Тиийэн Кыһыл болуоссакка хара сарыы этэрбэстээх турар хаартыскатын сиэннэрэ кэм кэрэһитэ оҥосто сылдьабыт.
Кини сыдьааннара, эдэр ыал – элбэх оҕолоох Винокуровтар дьиэ кэргэн сыспай сиэллээҕи дэлэтэн, хороҕор муостааҕы тэнитэн утуму салгыыллар.
Үс кэрэчээн кыыс оҕолор амарах ийэлэрэ буолбута. Хос эбээм Татьяна Романовна Өймөкөөн улууһун Томтордооҕу орто оскуолатын дириэктэринэн өр сылларга үлэлээбитэ. Кини кыыһа, эбээм, Лариса Пииковна алын сүһүөх учууталынан 30-тан тахса сыл үлэлээбитэ. Ийэм Татьяна Романовна Саха өрөспүүбүлүкэтин туйгуна, Томтордооҕу култуура дьиэтин норуодунай тыйаатырын режиссера. Мин ситиһиилээхтик үөрэнэбин, дьоммунан киэн туттабын.
Мирослав Николаев, V кылаас.
Томтор, Өймөкөөн.