А.Г. уонна Н.К. Чирээйэптэр ааттарынан Дьокуускай куорат национальнай гимназията Россияҕа дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэҕэ оҕо-аймах сылларынан этнопедагог К.С.Чиряев оҕону дьиэҕэ иитии тосхолунан “Ыал сэһэнэ” Чирээйэптии ааҕыылары иилээн-саҕалаан ыытта.
Куорат биир ураты тутуллаах үөрэх кыһата киирээти кытта быыстапка, атыы-тутуу арааһын тардыбыт. “Кэскил” оҕо бэчээтин кыһата хаһыаттарга, сурунаалларга сурутууну тэрийдэ. “Саха-ковер” бэйэтин бородууксуйатын атыыгар туруорда. Ордук өрөспүүбүлүкэтээҕи “Оскуола бастыҥ остолобуойа” күрэх кыайыылааҕа, Владикавказ куоракка ыытыллыбыт Арассыыйатааҕы “Лучшая школьная столовая – 2023” күрэххэ лауреат аатын ылбыт гимназия остолобуойун атыы–быыстапката сэҥээриини ылла.
“Чирээйэптии ааҕыылар” сэһэргэһии күнүн аһыллыытыгар гимназия дириэктэрэ Пермякова Валентина Семеновна:
«Норуот педагогиката киһи олоҕун эйгэтэ киэҥин курдук олус киэҥ. Онон Чиряевтыы ааҕыыларга ким баҕарар кыттар кыахтаах. Норуот педагогиката дьиэ кэргэҥҥэ иҥэн сылдьар. Төрөөбүт тылы билэр эрэ буоллахха, киһи сайдар. Гимназиябытыгар Норуот педагогикатын киинин арыйбыппыт, бастакы салайааччытынан Анатолий Николаевич буолар. Билигин Жиркова Татьяна Ильинична салайар. Чирээйэптии ааҕыыларга сылын ахсын саҥаттан саҥа сүүрээни киллэрэбит. Быйылгы ааҕыы аҕыс түһүмэҕинэн барыа.
Наумов Петр Иванович – Аан дойдутааҕы Арм-рестлинг чемпиона, Европа арм–лифтинг чемпиона эти-хааны эрчийэр бэйэтин методикатын туһунан кэпсээтэ уонна төрөппүттэргэ оҕолорун кини тэрийэр сайыҥҥы лааҕырыгар сырытыннаралларыгар ыҥырда.
Түһүлгэлэринэн сылдьан иһиттэххэ, оҕо доруобуйатын туһунан сэһэргэһии бэрт интэриэһинэйдик ааста. Бу түһүлгэ модератора, ЯГНГ төрөппүт кэмитиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Вероника Николаевна Кобякова санаатын үллэстэр:
— Ахсыс төгүлүн ыытыллар Чиирээйэптии ааҕыылар бу сырыыга арыый атын быһыылаахтык, ол эбэтэр, түһүлгэлэринэн кэпсэтии-сэһэргэһии курдук үрдүк таһымнаахтык ааста. Хас түһүлгэ аайы араас тиэмэлэри ырытыһыы буолла. Мин эппиэттээх түһүлгэбэр оҕо доруобуйатын тула сэһэргэстибит. Ыҥырыылаах лектордарынан «Күөрэгэй» түмсүү чилиэннэрэ кэлэн, элбэх туһалаах сүбэлэри, бэйэлэрин уопуттарын үллэстэн бардылар. Иккис ыҥырыылаах лекторбыт «Ийэ тыл» түмсүү управлениетын чилиэнэ, Саха өрөспүүбүлүкэтин бэйэни салайыныы сулууспатын туйгуна, гимназибят үөрэнээччилэрин эһээтэ Аркадий Михайлович Самсонов оҕолорун, сиэннэрин сахалыы иитиитин туһунан кэпсээнин кэлбит дьон сэҥээрэ иһиттилэр. Ону таһынан, ыраах Сунтаар улууһуттан кэлэ сылдьар ыалдьыт,эдэр ийэ, Алена Алексеевна Сергеева, бэйэтэ тылланан үлэтигэр, дьиэ-кэргэнигэр төрөөбүт тылы иҥэрэр ньымаларын кэпсээн, видеоролик көрдөрөн, сэргэхситтэ. Ол курдук түмүгэр оҕо доруобуйата айылҕаны кытта элбэх алтыһыыттан, эрэсиими тутуһууттан, араас химиялаах аһылыгы буолбакка, бэйэ олохтоох аһылыгын рациоҥҥа элбэтииттэн, үлэҕэ кыраларыттан такайыыттан ордук чэбдигирэр диэн кэпсээтэ. «Барҕарыы» пуондаттан Поисеева саха тылын эйгэтигэр үлэлииллэрин, сахалыы электроннай алпабыыт онорбуппуттарын, Айыына диэн ааттаах искусственнай интеллект оҥоро сылдьалларын кэпсээтэ.Бэйэтэ түөрт уол оҕолоох буолан, кыра эрдэхтэриттэн айылҕаҕа сыһыарар, наар похуоттарга сылдьар эбиттэр. Мустубут дьон, бастатан туран, дьиэ кэргэммит иһиттэн саҕалаатахпытына, биһиги кэнэҕэски сахабыт ыччата чэгиэн-чэбдик буолуо диэн бары биир санааҕа кэллибит.
“Олорор биһикпит, ньээкэ уйабыт —биһиги дьиэбит” түһүлгэҕэ Екатерина, Вячеслав Яроевтар дьиэ кэргэн «Өбүгэлэрбит оҥорбут тутууларын билиҥҥи кэмҥэ хайдах туттуохха, оҥостуохха сөбүй?» диэн тиэмэҕэ дьиэ ис -тас тутуута, истиилэ, дизайна хайдах буолуохтааҕын туһунан кэпсээтилэр. Ыаллар холобурдарын истии-көрүү буолла.
“Оһуор ойуу мандар” — саха ойуутун-бичигин туһунан сэһэргэһии» түһүлгэҕэ Айыы үөрэҕин дьөһүөлдьүтэ Анатолий Павлов-Дабыл «Айыы холумтанын олордуу. Кут-сүр кыһа” өйдөбүлүн туһунан сэһэргээтэ.
“Дьиэ кэргэҥҥэ ааҕыы култууратын үрдэтии” түһүлгэҕэ сахалыы ааҕыыга саҥа ньымалары “Ааҕар Саха сирэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи хамсааһын салайааччыта, ГЧИ үрдүкү научнай үлэһитэ Ноева Саргылана Еремеевна билиһиннэрдэ.
Саха таҥаһын тула сэһэргэһиигэ “Сыахай” уһуйааччыта , норуот маастара Иванова Айталина Петровна, норуот маастара Федорова Анисия Иннокентьевна, “Кэрэ” ателье салайааччыта Колесова Александра Саввична, иис маастара Юмшанова Мария Николаевна, дизайнер Александра Охлопкова кытыннылар.Холобур, Анисия Иннокентьевна сахалыы таҥас нэмиэтигэр маастар-кылааһы көрдөрдө. Сахалыы таҥас быыстапката көрдөрүүгэ турда.
“Күн сандалы” саха аһын түһүлгэтигэр бэрэпиэссэр Константин Максимович Степанов лекторынан буолла. “Ситим” эбээ түмсүүтэ дьиэ кэргэн сандалытын тардан, холобур көрдөрдүлэр.
«Дьиэ кэргэҥҥэ оҕону олоҥхонон иитии педагогиката» түһүлгэҕэ олоҥхону тарҕатааччы Наталья Иннокентьевна Мордовская оҕону олоҥхоҕо уһуйуу туһунан бэйэтин уопутун үллэһиннэ. Тэрээһин арыллыытыгар гимназия III кылаастара Наталья Иннокентьевна уһуйуутунан олоҥхоттон быһа тардан толорбуттара кэрэхсэбили ылбыта.
Антонина Гаврильевна, Николай Константинович Чирээйэптэр сырдык ааттарын үйэтитиигэ кинилэр ааттарын сүгэр гимназия кэллэктиибэ элбэх үлэни ыытар. “Чирээйэптии ааҕыы» тэрээһин эдэр төрөппүттэр ортолоругар оҕолорун төрөөбүт тылларыгар уһуйалларыгар, үгэстэринэн иитиллэригэр улахан үлэни, хамсааһыны ыытар.
Лика Федорова ,V “Б” кылаас үөрэнээччитэ ( Дьокуускайдааҕы национальнай гимназия):
— Мин сахабын . Ийэм, аҕам уонна убайым — сахалар . Мин кылааһым оҕолоро , доҕотторум эмиэ —сахалар .
Биһиги сахалыы эйгэлээх үөрэх кыһатыгар үөрэнэбит. Биһиэхэ элбэх сахалыы тыыннаах куруһуоктар бааллар, холобур : “Сахалыы үҥкүү” , «Сыахай уһуйаана», «Олоҥхону үөрэтэбит», «Саха төрүт оонньуулара» о.д.а.
Гимназиябытыгар учууталларбыт биһиэхэ анаан, араас сахалыы тэрээһиннэри ыыталлар. Бэрт соторутааҕыта “Өрөгөй” түһүлгэтэ диэн бастыҥ үөрэнээччилэри чиэстиир күн буолан ааспыта. Бу күнү оҕолор наһаа күүтэллэр уонна кэтэһэллэр. Сотору кылаас барыта гимназия ыһыаҕар түмсүөҕэ . Онно эрдэттэн бэлэмнэнэбит .
Мин үөрэҕим кыһата үс этээстээх, ол эрээри син биир кыараҕас , оҕолор икки симиэнэнэн үөрэнэбит .
Баҕа санаам диэн , куоракка сахалыы эйгэлээх кылаастар элбии турдуннар, сахалыы тыллаах оскуолалар мэлдьитин үүнэ-сайда турдуннар .
Арина Барбасытова , V “Б” кылаас үөрэнээччитэ ( Дьокуускайдааҕы национальнай гимназия):
— Биһиги дьиэ кэргэммитигэр биэспит — икки уол уонна биир кыыс оҕо. Ийэм Сунтаартан төрүттээх, аҕам —Тааттаттан . Убайым IT куруһуогар дьарыктанар . Кыра быраатым робототехникаҕа сылдьар, оттон мин кытай тылын үөрэтэбин .
Ийэбин кытта гимназиям, үөрэҕим , үлэ-хамнас туһунан наар кэпсэтэбит. Аҕам наар үөрэ сылдьар, үтүө-мааны майгылаах.
Ийэм уонна аҕам биһигини ас астыырга үөрэтэллэр. Аҕам дьиҥнээх пуобар курдук минньигэстик астыыр. Ийэм олус минньигэс алаадьы астыыр. Аҕам миэхэ соҕотох кыыс оҕотугар олус истиҥник сыһыаннаһар. Бырааттарым миигин эмиэ таптыыллар .
Биһиги дьиэ кэргэммитигэр биир үтүө үгэстээхпит —хас сылы аайы балаҕан ыйын 1 күнүгэр ханна эрэ барабыт : эрэстэрээҥҥэ, зоопаркаҕа эбэтэр араас сынньалаҥ, аралдьытар кииннэргэ. Өссө биһиги бырааһынньыктарга бары мустан, ас астыыбыт, салааттары оҥоробут .
Сайын дьиэ-кэргэнинэн дэриэбинэҕэ эбэтэр ханна эрэ соҕуруу дойдуга барабыт. Дэриэбинэҕэ биһиги эбээлээхпитигэр көмөлөһөбүт. Дьиэ кэргэнинэн айылҕаҕа сылдьарбытын туохтааҕар да ордоробут. Бырааттарым уонна аҕам минньигэс шашлыгы буһараллар . Оттон мин ийэбин кытта ас тардабыт уонна чэй кутабыт .
Биһиги дьиэ кэргэммитигэр бука бары бэйэ-бэйэбитигэр үчүгэйдик сыһыаннаһабыт .
keskil14.ru