ПОПОВТАР ПЕДАГОГИЧЕСКАЙ ДИНАСТИЯЛАРА УОПСАЙ ЫСТААҺА 430 СЫЛ
Фекла Николаевна Болдовская – Степан Кузьмич Макаров аатынан Чурапчы гимназиятын саха тылын уонна литературатын учуутала, Поповтар педагогическай династияларын бэрэстэбиитэлэ.
Бу күннэргэ мин кинини көрсөн кэпсэттим. Фекла Николаевна хас сыллаахтан дьиэ кэргэнэ педагогическай династия аатын сүгэрин, династия кимтэн саҕаламмытын, билигин барыта хас киһи баарын туһунан сэһэргээтэ.
– Үтүө күнүнэн, Фекла Николаевна, Эн педагогическай династия чилиэнэ эбиккин, ол туһунан кэпсиэҥ дуо?
– Үтүө күнүнэн, Алина! Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ хас да көлүөнэ учуутал баар, “Поповтар педагогическай династиялара” диэн ааты 2018 сыл ахсынньы 19 күнүттэн сүгэбит.
– Династия кимтэн, хайдах саҕаламмытай?
– Поповтар педдинастияларын уопсай ыстааһа 430 сыл буолар. Династияҕа барыта 17 киһи баар. Кэлин учуутал, баспытаатал идэтин баһылаабыт балтыларбыт, кийииттэрбит династия чилиэнинэн буола иликтэр, онон кинилэр ыстаастарын аахпакка туран бэлиэтиибит. Поповтар педдинастияларын төрүттээччинэн улахан эдьиийбит Матрена Фоминична Попова буолар. Кини ийэтэ Анна Андреевна — саха бастакы лиҥгибиис-учуонайа, саха суругунбичигин төрүттээччи С.А. Новгородов бииргэ төрөөбүт эдьиийэ. Матрена Фоминична – нуучча тылын, литэрэтиирэтин учуутала, Саха АССР үтүөлээх учуутала. Аҕа дойду Улуу сэриитин тыйыс кэмигэр Уус Маайа оройуонун Эдьээн оскуолатыгар ананан үлэлээбит. Ол кэнниттэн төрөөбүт Чурапчытын оройуонун оҕолорун улуу нуучча тылыгар уһуйбут учуутал буолар. Чурапчы, Алаҕар, Хайахсыт, Одьулуун, Хатылы оскуолаларыгар учууталынан, саабыһынан үлэлээбит.
– Династия биллэр-көстөр учууталлара, уһуйааччылара кимнээхтэрий?
– Матрена Фоминична кыыһа Луиза Ивановна Сысолятина Иркутскайдааҕы государственнай пединституту кыһыл дьупулуомунан бүтэрэн, Дьокуускай куорат оскуолаларыгар, кэлин Оҕо дыбарыаһыгар английскай тыл учууталынан айымньылаахтык үлэлээбитэ. Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Матрена Фоминична кыыһа Анна Михайловна Попова Хатылы орто оскуолатыгар алын кылаас учууталынан өр сылларга таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Ийэбит эрдэ олохтон туораан, аҕабытын кытта эдьиийбит Анна Михайловна биһигини, тулаайах хаалбыт оҕолору, атахпытыгар турарга көмөлөспүтэ, ииппитэ. Биһиги дьиэ кэргэнтэн эдьиийим Анна Николаевна Болот Боотур аатынан Хатылы орто оскуолатыгар өр сылларга математика учууталынан айымньылаахтык үлэлээтэ. Анна Николаевна династия салайааччыта буолар. Эдьиийдэрбит Луиза Ивановна, Анна Михайловна РСФСР үөрэҕириитин туйгуннара, оттон Анна Николаевна РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ. Кини кыыһа Туйаара Михайловна Николаева билигин Олимпийскай эрэллэри бэлэмниир Д.П. Коркин аатынан Чурапчы өрөспүүбүлүкэтээҕи спортивнай интернат-оскуолатыгар математика учууталынан үлэлиир, математика учууталларын улуустааҕы мэтэдьиичэскэй холбоһугун салайааччыта. Матрена Фоминична сиэннэрэ, балтыларбыт Саргылаана Дмитриевна Седалищева уонна Туйаара Семеновна Максимова С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын тутаах үлэһиттэрэ, учууталлара. Саргылаана Дмитриевна – алын кылаас учуутала, улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ “Новгородов ааҕыыларын” сүрүннэһэр, Туйаара Семеновна – английскай тыл учуутала. Күтүөттэрбит эмиэ үөрэҕирии салаатыгар үлэлииллэр: Данил Константинович Седалищев – физкультура учуутала, СӨ физическэй култууратын уонна успуордун туйгуна, Афанасий Петрович Максимов – Чурапчы улууһун Үөрэҕин салаатын начаалынньыгын солбуйааччы, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ уопсай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ. Манна биири тоһоҕолоон бэлиэтиэм этэ: улахан убайбыт, норуот суруйааччыта С.А. Попов-Сэмэн Тумат уонна суруйааччы, тылбаасчыт күтүөппүт Алексей Алексеевич Амбросьев иккиэн, оҕо суруйааччыта буолан, педдинастия чилиэннэрэ буолаллар
– Ордук ханнык предмеккэ учууталлар баалларый?
– Көстөрүн курдук, тыл, литэрэтиирэ уонна алын кылаас учууталлара элбэхпит, математиктар да бааллар. Холобур, Сэмэн Тумат аҕата Андрей Фомич Хадаарга уонна Булун Саҕастыыр оскуолатыгар ахсаан учууталынан үлэлээбит, онтон убайбыт Иван Фомич Ленинградтааҕы киноинженер институтун бүтэрэн баран, Дьокуускайдааҕы киномеханиктар техникумнарыгар электротехника преподавателинэн наар үлэлээбит, ССРС киномотографиятын туйгуна, РСФСР профессиональнай үөрэхтээһинин туйгуна. Физкултуура учууталлара эмиэ бааллар: Васильев Михаил Леонидович диэн күтүөппүт Дьокуускай куорат 5 №-дээх оҕо спортивнай оскуолатыгар чэпчэки атлетикаҕа тренеринэн таһаарыылаахтык үлэлиир.
– Тус бэйэҥ хайдах учуутал буолбуккунуй?
– Мин ииппит эдьиийим Анна Михайловна, эппитим курдук, алын кылаас учуутала буолан, киниэхэ оҕо эрдэхпиттэн үлэтигэр көмөлөһө улааппытым: элбэх карточка, табылыысса, көрдөрөр-иһитиннэрэр босуобуйалары оҥорсорум. Ол иһин учуутал идэтэ чугас этэ. 8-с кылаас кэнниттэн эдьиийим сүбэтинэн, Н.Г. Чернышевскай аатынан Бүлүүтээҕи педучилищеҕа киирэн үөрэнэн, алын кылаас учуутала дьупулуомнаахпын. Ол эрээри Бүлүүгэ саха тылыгар уһуйбут Василий Иванович Санников диэн учууталым сабыдыалынан училище кэнниттэн тута Саха государственнай университетыгар саха салаатыгар туттарсан киирэн, үөрэнэн, саха тылын, литэрэтиирэтин учуутала буолан, оскуолаҕа 40 сыл үлэлээтим. Оҕолор төрөөбүт тылларын таптаан, умсугуйан үөрэтэн, бэйэлэрин омуктарын уратыларын өрө тутан сайдалларыгар баҕарабын, онно үлэлэһэбин.
– Оҕолор, сиэннэр эһиэхэ хайдах учуутал идэтин талалларый?
– “Династия” диэн өйдөбүл, биллэн туран, мээнэ кэлбэт. Дьиэ кэргэҥҥэ билиигэ-көрүүгэ тардыһыы, үөрэҕи өрө тутуу баар буоллаҕына, учуутал идэтин талыы баар. Учуутал буолуу, иккиһинэн, эппиэтинэһи бэйэҕэ ылыы. Дьиэ кэргэҥҥэ эппиэтинэстээх буоларга иитии улахан суолталаах дии саныыбын. Уонна, биллэн туран, оҕону үөрэтэргэ, сайыннарарга баҕа санаа, оҕоҕо таптал баара улахан суолталаах.
– Эн өйдөбүлгэр, учуутал диэн кимий?
– Хас биирдии киһи учууталлаах. Учуутал диэн оҕо, үөрэнээччи – аҕа доҕоро, эрэллээх мындыр сүбэһитэ, улахан олоххо бэлэмниир тутаах киһитэ. Уопсастыбаны, сайдыыны учуутал оҥорор. Онон учуутал идэтэ куруук бочуоттаах буолуохтаах.
Алина МЕСТНИКОВА, Х кылаас, “Тумус кыһа” пресс-киин,
С.К. Макаров аатынан Чурапчы гимназията