Дьокуускайдааҕы национальнай гимназия кэллэктиибэ А.Г.уонна Н.К. Чирээйэптэр ааттарын үйэтитэргэ элбэх үлэни ыытар. Ыам ыйын 17 күнүгэр Россияҕа дьиэ кэргэн, өрөспүүбүлүкэҕэ оҕо-аймах сылынан “ЫАЛ СЭҺЭНЭ” төрөппүккэ аналлаах күҥҥэ ыҥырабыт.
Гимназия иһинэн үлэлиир “Олох үөрэҕэ” норуот педагогикатын Киинин салайааччыта Татьяна Жиркова этнопедагогика туһунан бэйэтин санаатын үллэстэр:
Экодухуобунас — бу этнопедагогика дьиэтэ
— Сайдыы саҥа үктэллэринэн, норуот үйэтин тухары бэйэтин олоҕун акылаатын уурунан, ньээкэ көмүс уйатын оҥостон оҕо-уруу, аймах-билэ тэнитэн, “бур-бур” буруо таһаарынан олорон кэллэҕэ.
Саха бэйэтин ыччатын иитэр төрүт үтүө үгэстэрин хаһан да ыһыктыбатаҕа, омук быһыытынан баарын тухары илдьэ кэллэ—ОЛОХ ҮӨРЭҔИН .
Дьокуускай куорат национальнай гимназията улуу этнопедагогтар Чирээйэптэр халыҥ династияларын үгэстэрин салгыыр , сайдыы саҥа саҕахтарын арыйан, саха интеллигенцията иитиллэр кыһаларыттан биир бастыҥнара буолар.
Аҕыйах кэмтэн бэттэх этнопедагогика биир сүрүн салаатынан буолар —Экодухуобунас сайдыы үөрэҕин бэйэтин хонноҕун анныгар киллэрэн , ыччат дьон уонна Дьылҕаны салайынар буоларыгар иитиини бэлэмнээн эрэр ( ааптар физик, атомщик-учуонай Иоганн Максимов) . Бу сайдыы саҥа үөрэҕэ, бастатан туран, ыалга олохсуйар , ыал үтүө үгэстэрин кытта бииргэ тутуллар .
Биһиги гимназиябытыгар ыалга туһуламмыт араас быһыылаахтык тэриллэр “Чирээйэптии ааҕыылар” төрөппүт күнэ уруккуттан ыытыллар, үтүө үгэс быһыытынан сыллата тэриллэр. Төрөппүт бу билиҥҥи син дьалхааннаах бутумах кэмҥэ оҕотун соһутан, дьиктиргэтэн сөптөөхтүк иитэригэр саҥа сонун ньымалар ханныктарый? Ыал сэһэнэ үксэ бу тула барар.
“Дьиэ кэргэн иитэр күүһэ—үтүө үгэстэригэр”
Россияҕа дьиэ кэргэн сылынан , өрөспүүбүлүкэҕэ оҕо-аймах сылынан
этнопедагог К.С.Чиряев оҕону дьиэҕэ иитии тосхолунан
“ЫАЛ СЭҺЭНЭ” төрөппүккэ аналлаах күҥҥэ ыҥырабыт.
Буолар күнэ : Ыам ыйын 17 күнэ., 17 чаастан.
Ыытыллар ньымата : сэһэргэһии, быыстапка, дьаарбаҥка.
Түһүлгэлэрэ:
1. “Олорор биһикпит , ньээкэ уйабыт —биһиги дьиэбит”. Дьиэ ис -тас тутуута, бараана, истиилэ, дизайна. Ыаллар холобурдарын көрүү.
Лектор —Яроевтар дьиэ кэргэн : «Өбүгэлэрбит оҥорбут тутууларын билиҥҥи кэмҥэ хайдах туттуохха , оҥостуохха сөбүй? »
— “Саха ковер” табаарын дьаарбаҥката.
— Быыстапка .
2. “Оһуор ойуу мандар” —саха ойуутун-бичигин туһунан сэһэргэһии.
Лектор—“Көмүлүөк” саха иһитин хампаанньата.
Саха иһитин, ойуутун, оһуорун үөрэтээччилэр, тарҕатааччылар .
3. “Дьиэ кэргэҥҥэ ааҕыы култууратын үрдэтии” —сахалыы ааҕыыга саҥа ньымалар.
Лектор —“Ааҕар Саха сирэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи хамсааһын салайааччыта.
4. Бренд —саха таҥаһын тула сэһэргэһии.
Сахалыы таҥас быыстапката, дьаарбаҥка , саха таҥаһын тарҕатааччылар түмсүүлэрэ.
— Анджела Токарева «Магия бисера» маастар- кылааһа (төлөбүрдээх).
Лектор—А.П.Иванова , “Сыахай” уһуйааччыта , норуот маастара.
5. “Күн сандалы” —саха аһын сандалыта.
Лектор —К.М.Степанов , профессор уонна “Ситим” эбээ түмсүүтэ.
Дьиэ кэргэн сандалыта , дьаарбаҥка ( саха аһын култууратын тарҕатааччылар , ыаллар ).
6. Төрөппүтү иитии.
— Лектор —“Күөрэгэй” түмсүүтэ.
7. «Дьиэ кэргэҥҥэ оҕону олоҥхонон иитии педагогиката». Үгэстэр, видео устуулары көрүү.
Лектор — олоҥхону тарҕатааччы Н.И. Мордовская.
Күндү төрөппүт! Бу күн эйиэхэ уонна дьиэ кэргэҥҥэр ананар, тулабытыгар баар кэрэни сатаан өйдөөн көрүөххэ, сайдыы саҥа үктэллэрин дабайыахха.