Токтогон Алтыбасарова – дьиҥнээх дьоруой, хараҥа уонна куһаҕанынан бүрүллүбүт аан дойдуга сырдыгы, эрэли үөскэтэр. Кини олоҕун холобура болҕомтоҕо уонна ытыктабылга тиксэр. Биһиги кини хорсун быһыытын, итэҕэлин, аан дойдуга биэрбит холобурун өйдүөх тустаахпыт.
Маннык ийэлэртэн биирдэстэрэ буолар – Токтогон Алтыбасарова. Кини, 17 саастаах эрэ кыыс да буоллар, Аҕа дойду Улуу сэриитин бириэмэтигэр Сопхуоз биригэдьиирэ этэ уонна 1942 сыллаахха Ленинград куораттан эвакуацияламмыт 150 оҕону иитэ ылбыта. Улаатан баран иитиллээччилэрэ Сэбиэскэй Сойуус араас уһуйааннарынан тарҕаспыттара. Ол гынан баран, кинилэртэн ким да иитэн-аһатан таһаарбыт ийэлэрин умнубатахтара. Араас СССР куораттарыттанар сурук бөҕө кэлэрэ, онуоха Токтогон күн сириттэн туоруор диэри харыстаан илдьэ сылдьара.
Кинини «150 оҕо ийэтэ» диэн ааттаабыттара эрээри, бэйэтэ төрөппут оҕолоро ахсыалар. Токотогон маннык диирэ: «Бу оҕолору бэйэм киэннэрим курдук таптыыбын уонна куруутун күүтэбин». Токтогон Алтыбасарова элбэх кыргыттарга уһуйааччы, эр санаа холобурун көрдөрбүт көҕүлээччи буолар. Таптал уонна итэҕэл ханнык да мэһэйдэри туоратар кыахтааҕын көрдөрөр.
Ийэ – диэн төрөппүт киһи буолбатах. Улаатыннаран ииппит-такайбыт, сүрэҕин аҥаарын толук ууран биэрбит киһи буолар. Хас биирдии оҕо, төһө да улаатан ырааттар, ийэтин эйэҕэс мичээрин ахтан-санаан ааһар. Кини мэлдьи кэккэлэһэ сылдьан өйүүр, көмүскүүр, таптала саарбаҕа суох. Дьоруой ийэлэр тустарынан остуоруйалар өрүү дьон сүрэҕин долгуталлар, тоҕо диэтэххэ, ордук үрдүк таһымнаахтык, дьаныардаахтык, күүстээхтик тапталларын көрдөрөр түгэннэрэ буолар.
Алена Федорова, Майа лиссиэйин 10 кылааһын үөрэнээччитэ,
Мэҥэ Хаҥалас