Оҕолоор, эһиги «Улахан Сэбиэскэй Энциклопедия» – «БСЭ» («Большая Советская Энциклопедия») диэн үгүс туомнаах кинигэни библиотека долбуурдарыгар көрбүт буолуохтааххыт. Бу кинигэ хас сылтан тахсыбытын, онно саха аптаныамыйатын төрүттээччилэртэн ким киирбитин билиэххитин баҕараҕыт дуо?
«Улахан Cэбиэскэй Энциклопедия» – «Большая Советская Энциклопедия» 1926 сылтан тахсар. Барыта 65 туомнаах. Уонна эбии биир туом «ССРС» диэн нүөмэрэ суох тахсыбыт эбит. 21 сыл устата бэчээттэнэн, 1947 с. эрэ бүппүт. О.Ю. Шмидт сүрүн эрэдээктэр. Редколлегияҕа 14 киһи баар, олор ортолоругар Н.И. Бухарин, В.В. Куйбышев диэн салайааччылар бааллар. Бу бастакы энциклопедияҕа уһулуччулаах судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл Исидор Никифорович Барахов 4 туомугар, 695-с сирэйигэр баар, кини туһунан тугу суруйбуттарын туох да уларытыыта суох киллэрдим.
«БАРАХОВ, Исидор Никифорови ч (р. 1898), партийный и советский деятель Якутской ССР. По образованию учитель; окончил Якутскую учительскую семинарию. С 1917 член ВК П (б). В 1918 был одним из инструкторов по организации Советской власти в Вилюйском окр. С 1920 по 1922 работает по партийной линии—секретарь уезд. бюро ВКП (б) в Вилюйске, зав. орг.-инструкт. отд. и затем секретарь губ. бюро ВКП (б) в Якутске, делегат от якутской организации ВК П (б) на X и XII парт.съездах. С конца 1922 по 1923 Б.—временно исполн. должность предревкома, председатель СНК Якутской республики и член президиума ЯЦИК’а . В 1924 поступил на курсы марксизма при Коммунистической академии в Москве; по окончании их — с июня 1926 — секретарь обкома ВК П (б) в Якутске».
Энциклопедия тахсарыгар кини Саха сиригэр обком сэкэрэтээрэ этэ, ол аата билиҥҥинэн Ил Дархан. Кини онно 28 эрэ саастааҕа!
Евдокия Семенова, И.Н. Барахов аатынан СӨ судаарыстыбаннаһын түмэлин үлэһитэ.