Кыайыы күнүн көрсө, Үөһээ-Дьааны улууһун Баатаҕай орто оскуолатын «Күн» түмсүүтүн оҕолоро бэтэрээннэри ис сүрэхтэриттэн долгуйан, үөрэн-көтөн туран эҕэрдэлээтилэр. Баатаҕайга олорор сэрии сылларын оҕолорун, ытык кырдьаҕас эһэлэрбитин, эбэлэрбитин үөрүү -көтүү аргыстаах көрсүһүүгэ мустубуттарын көрөн олус диэн долгуйдубут, киэн тутта көрүстүбүт.
Улууспут баһылыга Владислав Михайлович Иванов бэтэрээннэри олус долгутуулаахтык, истиҥник эҕэрдэлээтэ. Кини хас биирдии кэлбит кырдьаҕас ыалдьыкка болҕомтотун ууран туран, истиҥ-иһирэх тылларын тириэртэ. Кырдьаҕастар барахсаттар уу чуумпуран хааллылар, олус диэн долгуйа иһиттилэр. Бу кэмҥэ хас биирдиилэригэр харахтарын тугэҕэр сэрии күлүгэ өспөтөҕүн бэлиэтии көрдүм. Онтон салгыы кыайыыны уһансыбыт эһэлэрбитигэр, сырдык олоҕу түстээбит бэтэрээннэрбитигэр «Күн» түмсүү оҕолоро бэйэлэрин эҕэрдэлэрин олус истиҥник тириэртилэр. Баатаҕай орто оскуолатын 3 «А» кылааһын үөрэнээччитэ Рожин Саша «Долгунча» диэн ырыаны баяҥҥа оонньоон кырдьаҕастар сүргэлэрин көтөхтө. Сорохтор истэригэр ботугураан ыллыы олороллорун көрөн астынныбыт. Билигин да эдэр сылдьан ыллаабыт ырыаларын тылын умнубакка сүрэхтэригэр -быардарыгар илдьэ сылдьаллар эбит. Онтон, салгыы хас биирдии оҕо байыаннай таҥастаах тахсан хоһоон ааҕаннар ааспыт олохторун санаттылар.
«Что такое День Победы?» диэн хоһоону 6 «Б» кылаас туйгун үөрэнээччитэ Арылхан Неустроев аахпыта. Бэтэрээннэр дохсун ытыс тыаһынан биһирээбиттэрин биллэрдилэр. Салгыы бары өттүгэр дэгиттэр талааннаах уолбут 5 «Б» кылаас үөрэнээччитэ Чириков Миша «Кыайыы күнэ» хоһоону ааҕан долгутта, онтон салгыы утуу-субуу эҕэрдэлэр баран истилэр. 2 «В» кылаас туйгун үөрэнээччитэ Слепцова Ариадна эйэ туһунан хоһоонун биһирии иһиттилэр. Бүтэһигэр «Малгиннар» диэн ырыаны 4 «А»кылаас үөрэнээччитэ Очиров Павел ыллаан иһитиннэрдэ.
Салгыы, ыам ыйын устата Улуу Кыайыыны уһансыбыт кырдьаҕастарбытын уруйдуу-айхаллыы туруохпут диэн бигэ тылбытын тириэртибит уонна «Туругурдун, Эйэ!Эйэ!Эйэ!», » Сэрии олох буолума!»диэн тылларынан түмүктээтибит.
Васёна Рожина, Баатаҕай орто оскуолатын 5 «Б» кылааһын үөрэнээччитэ