Саалаах саха уола ытык иэһин толорон ханна-ханна тиийбэтэҕэй? Хас фронт, чаас аайы саха хорсун аатын ааттаппыта. Чуумпу алаастарыттан ырааппатах, саҥа үөрэхтэнэн сайдан иһэр саха уолаттара сүүһүнэн омуктар олохторун аймаабыт, тыыннарын быспыт алдьархайдаах сэриитигэр өстөөҕү үлтүрүтүһэ алаастарыттан аттаммыттара.
Хадаартан сэриигэ уонна үлэ фронугар 135 киһи ыҥырыллан кыттыбыта. Кинилэртэн 68 киһи дойдутугар төннүбэтэҕэ.
Иван Николаевич Диодоров 1918 сыллаахха Уорҕаҕа төрөөбүтэ. 1941 сыллаахха атырдьах ыйын 20 күнүгэр Мыычаахха оттуу сылдьан армияҕа ыҥырыллыбыта. Кини армияҕа сулууспатын туһунан ахтыыта 1996 сыллаахха бэчээттэммит ”Халыҥ Хадаартан Ийэ дойду көмүскэлигэр» кинигэҕэ
суруллубут.
Кинигэҕэ кэпсэринэн, Иван Николаевич Иркутскайга, Мальтаҕа нэдиэлэ курдук буолан баран
Нижнеудинскайга кавалерийскай оскуолаҕа балаҕан ыйыгар диэри үөрэммит. Ый бүтүүтэ аттарын вагоҥҥа уган Москваҕа тиийбиттэр. Москва аннынааҕы Серпухов куоракка кыргыһыыга киирэннэр куораты босхолууллар. Итинтэн салҕыы Кашира, Калинин куораттарга сэриилэһэр. Сталинградка күһүн тиийбиттэр. Муоста алдьаммыт буолан Волганы аттарын харбатан туорааннар оборонаҕа кыттыбытынан барбыттар. Сталинград босхолонуутугар Паулюс бэриммитин кэннэ, быстах ытыалаһыыга тракторнай завод анныгар илиитигэр, көхсүтүгэр оскуолканан бааһырар. Икки аҥар ый госпитальга эмтэнэн чааһыгар төннөр. Итинтэн салгыы Харьков куораты босхолооһуҥҥа кыттар.
1944 сыл сайыныгар Буденнай аатынан Москватааҕы үрдүк офицерскай оскуолаҕа үөрэххэ ыыталлар. Манна үөрэнэ сылдьан Кыайыы парадыгар кыттыбыт.
Үөрэна сырыттаҕына «Сталинград, Москва оборонатын иһин», «Германияны кыайыы иһин» мэтээллэрин туттарбыттар.
Кыайыы парадыгар бэлэмнэна сырыттахтарына, С.М. Буденнай кэлэ сылдьан, строй иннинэ кэрийэ хаама иһэн аттары моонньуларын таптайан баран: «Молодец, казах», – диэбит. Онуоха Иван: «Товарищ Семен Михайлович, товарищ маршал, я не казах, я — якут», – диэбит. Ону Буденнай
«Все ровно молодец», – диэн баран ааһа турбут. Киэһэ стройга генерал-лейтенант Гриценко Махтал биэрбит.
Иван Николаевич 1946 с. демобилизацияламмыта. 1992 сыл сэтинньитигэр олохтон туораабыта.
Аҕа дойду уоттаах сэриитин,1945 сыл бэс ыйын 24 күнүгэр Москва куорат Кыһыл болуоссатыгар ыытыллыбыт фашистскай Германияны Кыайыы парадын кыттыылааҕа, рядовой-кавалерист, биир дойдулаахпыт Иван Николаевич Диодоровынан киэн туттабыт.
”Халыҥ Хадаартан Ийэ дойду көмүскэлигэр» кинигэ матырыйаалларынан
бэчээккэ бэлэмнээтэ Алёна КСЕНОФОНТОВА, Vll кылаас,
С.Д. Флегонтов аатынан Хадаар орто оскуолата, Чурапчы
Иван Николаевич Диодоров аттаах турар портретын уруһуйун
ааптара Иван Семенович Пинигин