Бүгүн, ыам ыйын 7 күнүгэр, Москва куоракка Владимир Владимирович Путин Россия Президенин дуоһунугар киирэр үөрүүлээх сиэрэ-туома буолан ааста. Бу улахан тэрээһини быһа эфиргэ көрдөрдүлэр. Саха сирин бириэмэтинэн киэһэ алта чааска буолла.
В.В. Путин Президент дуоһунаһыгар киирэр сиэрэ-туома 3 түһүмэхтээх ыытылынна. Бастаан Улахан Кремлевскай дыбарыас Андреевскай саалатыгар Россия былааҕын, Россия Президенын бэлиэтин, Россия Конституциятын үрдүктүк тутан киллэрдилэр. Онтон Владимир Путин Федерация Сэбиэтин чилиэннэрин, Госдума депутаттарын, Российскай Федерация Конституционнай суутун судьуйаларын ортолоругар Россия норуотун иннигэр андаҕар тылын эттэ.
Владимир Владимирович дойду Президенын дуоһунаһыгар бэсиһин киирдэ. Быйыл 2024 сыллаахха саҥа талыллыбыт болдьоҕо 2030 сылга диэри буолар.
Андаҕар тылын эппитин кэнниттэн Конституционнай Суут бэрэссэдээтэлэ Валерий Зорькин В.В. Путин Россия Президенын дуоһунаһыгар киирбитин туһунан иһитиннэрдэ.
Салгыы Соборнай болуоссакка дойду салайааччытын иннигэр Президентскай полка хааман көрдөрдө. Саамай бүтэһик аттаахтар полкалара хааман ааста.
Ити кэнниттэн Россия Президенэ Благовещенскай собуорга сырытта.
***
Мин төһө да ыраах олордорбун Россия Президенэ В.В. Путин дуоһунаһыгар киирэр үөрүүлээх түгэнигэр кыттыспыт курдук сананным. Маннык улахан тэрээһин үрдүк таһымнаахтык ыытылларын көрөммүн сөхтүм. Мүнүүтэтигэр тиийэ барыта чуолкайдык суруллубута, оҥоһуллубута көстөр.
Владимир Владимирович Путин Россия Президеныгар талыллыбыт саҥа болдьоҕор киирэн туран: «Биһиги түмсүүлээх улуу норуоппут. Биһиги барытын кыайыахпыт», – диэн эппитин өйдөөн хааллым.
Саша ЕГОРОВ, VIII кылаас, Ороһу, Үөһээ Бүлүү