Мин эһиэхэ икки улахан дьиэ кэргэн ийэлэрин туһунан кэпсиэхпин баҕарабын. Кинилэр миэхэ икки өттүбүттэн эбэлэрим буолаллар. Саас сааһынан кэпсиир буоллахха маннык.
Елена Павловна Солдатова
Аҕам өттүнэн хос эбэм Елена Павловна Солдатова Герой Ийэ, тыыл, үлэ ветерана.1921 с. бэс ыйын 3 күнүгэр төрөөбүтэ. 15 сааһыттан сүөһү көрүүтүгэр үлэлээбитэ. Эдэр-чэгиэн, кыайыгас-хотугас кыыһы таһаҕас таһыытыгар ыыталлара. Уус Майанан, Аллаах Үүнүнэн, Уус Юдома диэн бириискэнэн таһаҕас таһыытыгар сылдьыбыта. Сайынын кураан, кыһынын 50 кыраадыс тымныыга ас-таҥас кырыымчык кэмигэр ыарахан олох этэ.
Эбэм Эмис сириттэн харыс да сир халбарыйбакка, сааһын тухары холкуоска, сопхуоска биир да өрөбүлэ, уоппуската суох 30-тан тахса сыл ыанньыксыттаабыта. Төһө да утуу-субуу оҕолоннор, үлэттэн илиитин араарбатаҕа. Эбэм эһэбин Егор Филиппович Сутаковтыын 55 сыл бииргэ олорон, 12 оҕону төрөтөн, иитэн, үөрэттэрэн, үлэһит оҥортообуттара.
1963 с Илин эҥэр оройуон сэбиэтин депутатынан, 1965, 1967, 1969 сс. Амма оройуонун Сэбиэтин депутатынан талыллыбыта. 1966 с. үлэтигэр бастыҥ көрдөрүүтүн иһин “Саха сирин бастыҥ ыанньыксыта” диэн улахан наҕараадаҕа тиксибитэ. “1941-1945 сс Аҕа дойду Улуу сэриитигэр килбиэннээх үлэтин иһин”, 1970 с. В.И. Ленин төрөөбүтэ 100 сылынан “Үлэҕэ килбиэнин иһин”, 1976 с. “Үлэ бэтэрээнэ”, мантан да үгүс элбэх мэтээллэринэн, грамоталарынан, махтал суруктарынан наҕараадаламмыта.
1955 с Ийэҕэ Албан аат бастакы , 1957 с. Ийэҕэ Албан аат иккис, 1959 с Ийэҕэ Албан аат үһүс степеннээх уордьаннарынан наҕараадаламмыта. Онтон 1962 с. ССРС Үрдүкү Сэбиэтин уурааҕынан “Герой Ийэ” үрдүк аата иҥэриллибитэ.
Хос эбээм 2001 с. 80 сааһыгар күн сириттэн барбыта.
Тамара Петровна Петрова
Ийэм өттүнэн эбэм Тамара Петровна Петрова эмиэ Герой Ийэ. Эбээм 1941 сыллаахха кулун тутар 28 күнүгэр Ураһалаах алааһыгар төрөөбүтэ. Оскуола кэнниттэн 16 сааһыттан Эмис оччотооҕу “Пятилетка” холкуоска субан сүөһү көрүүтүгэр үлэлээбитэ. Наахара уонна Эмис нэһилиэктэрэ холбоһон “Победа” холкуос тэриллибитигэр кинини 1958 с. Олом Күөлгэ ыанньыксытынан анаан ыыппыттара. Дьэ, ити сыллартан эбээм, үрүҥ илгэни үксэтиигэ холхуоска, сопхуоска сыралаһан үлэлээн, дойду экономикатын өрө көтөҕүүгэ үгүс көлөһүнүн тохпута.
Эбэм Тамара Петровна сүөһү иитиитигэр үлэлээбит сылларыгар тириэрдибит сорудаҕы мэлдьи толорон, өссө аһары толорон бастыҥ ыанныксыттар ахсааннарыгар сылдьыбыта.
Олоҕун аргыһын Константин Архипович Петровтыын ыал буолан 10 оҕону төрөппүттэрэ. 1985 с “Герой Ийэ” бочуоттаах аатын ылбыта, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин президиумуттан Бочуотунай грамотанан, ССКП райкомун, райсовет исполкомун, колхоз, совхоз үгүс грамоталарынан, махтал суруктарынан наҕараадаламмыта.
1993 с. Дьокуускайга буолбут Герой Ийэлэр өрөспүүбүлүкэтээҕи конференцияларыгар Амма улууһуттан делегат быһыытынан кыттыыны ылбыта. Эһэлээх эбэм үлэнэн, дьиэнэн эрэ муҥурдаммакка нэһилиэк общественнай, культурнай олоҕор көхтөөхтүк кытталлар этэ. Иккиэн сыана бэтэрээннэрэ, айар дьоҕурдаахтар этэ. Хоһоонноро “Амма олоҕо” хаһыакка, “Амма кытылын поэзията” хомуурунньукка бэчээттэммиттэрэ. Эбэм 1998 с ыарахан ыарыыттан күн сириттэн күрэммитэ.
Мин эбэлэрбинэн киэн туттабын, куруутун өйдүү-саныы, ахта сылдьыам.
“Иэйиэхсиккит эҥэрдэстин,
Айыыһыккыт арыалластын,
Оҕо-уруу төрөтүҥ
Олох дьолун оҥостуҥ”, –
диэн эбэм Тамара Петровна Петрова хоһоонунан түмүктүүбүн.
Нарыйаана СОЛОВЬЕВА, VI кылаас,
В.М.Новиков-Күннүк Уурастыырап аатынан Эмис орто оскуолата, Амма