Түмүк түһүмэх кэрдиис кэмнэргэ
Үтүөнү үйэтитэр түгэннэргэ
Дьоһун дьоммутун ахтабыт-саныыбыт,
Дьоллоох олохпут иһин махтанабыт.
М. Скрябин.
Кыайыы күнэ — сэрии толоонугар уонна тыылга төрөөбүт дойдубутун өстөөхтөн көмүскээбит аҕа дьоммут үрдүк ааттарыгар сүгүрүйэр, Ийэ сир туһугар ыар кэмҥэ биир ньыгыл кэккэҕэ түмсүбүт улуу дойдубут норуоттарынан киэн туттар ытык күммүт. Дьон-норуот өйүгэр-санаатыгар Аҕа дойду Улуу сэриитин ыар сүтүктээх уонна өрөгөй үктэллээх умнуллубат күннэрэ, сэрии толоонугар охтубуттар, сураҕа суох сүппүттэр сырдык өйдөбүллэрэ умнуллубаттар.
Саха сирин 60 тыһыынчаттан тахса чулуу ыччаттара Аҕа дойду уоттаах сэриитигэр кыттан, Москва, Ленинград, Сталинград куораттары көмүскээбиттэрэ, Курскай Дугаҕа, Старай Руссаҕа, Арҕаа фронт былаһын тухары сэриилэспиттэрэ, Берлины ылсыбыттара. Европа дойдуларын фашистартан босхолооһуҥҥа, милитаристскай Японияны үлтүрүтүүгэ кыттыспыттара. Сэриигэ барбыттартан 40 тыһыынча кэриҥэ биир дойдулаахтарбыт ахтылҕаннаах Сахаларын сиригэр төннүбэтэхтэрэ.
Саха сирин дьоно-сэргэтэ «Барыта — фронт туһугар! Барыта – Кыайыы туһугар!» диэн күүстээх үлэҕэ туруммута, тоҥору-хатары, хоргуйары аахсыбакка, хара көлөһүнүнэн дойду көмүскэлигэр уу харчынан, түүлээҕинэн, көмүһүнэн, аһынан-үөлүнэн, итии таҥаһынан, сэрии сэбинэн-сэбиргэлинэн сөҕүмэр көмөнү оҥорбута. Саха сирин олохтоохторо Арҕаа фроҥҥа икки танковай колоннаны, бойобуой самолеттар эскадрильяларын оҥотторон ыыппыттара.
Үгүс саха ыалын сэрии алдьархайа тумнубатаҕа. Биһиги билиҥҥи көлүөнэ эйэлээх олоххо олорорбут биһиги чугас дьоммут эбээлэрбит, эһээлэрбит туох баар күүстээх санааларын түмэн, өстөөҕү утары ким саа-саадах тутан, ким кытаанах тыыл үлэтигэр сыратын-сылбатын биэрэн чугаһаппыттара. Ол курдук биһиги эһээлээх, эбээбит Тихон Федорович, Пелагея Тимофеевна Находкиннар олохторун туһунан кэпсиэхпитин баҕарабыт.
Находкин Тихон Федорович 1913 сыллаахха атырдьах ыйыгар Нам оройуонугар Партизан нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Аҕа дойду алдьархайдаах сэриитин саҕаланыыта 1941 сыл от ыйын 30 күнүгэр Нам улууһун Арбын нэһилиэгиттэн төрүттээх 1921 сыллаах төрүөх 20 саастаах эдэркээн Иванова Пелагея Тимофеевналыын сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, чугас дьоннорун алгыстарынан Нам оройуонун Хамаҕатта нэһилиэгэр ыал буолан холбоһон Ленин колхуоска үлэлээн саҕалаабыттара. Ол саҕана эдэр ыал Тиэхээн тулаайах хаалбыт быраатын 11 саастаах Ваня диэн уол оҕону бэйэлэрин оҕолорун курдук көрөн-истэн олорбуттара үһү. Эһээбитин Тиэхээни колхуос аатыттан 1942 сыллаахха Дьокуускай куоракка заготовителлэр курстарыгар үөрэнэ сырыттаҕына, Дьокуускай военкомата иккис улахан хомуурга түбэһиннэрэн, дьиэтигэр дьонун кытары быраһаайдаһыннара таһаарбакка даҕаны, суһаллык фроҥҥа ыытан кэбиһэллэр. Улуу Сталинградскай кыргыһыыга кыттан, Ленинград блокадатын төлөрүтүүгэ кылаатын киллэрэн, Ильмень күөл уоттаах, элбэх саха чулуу саллаатын суорума суоллаабыт иэдэннээх быһылааҥҥа бааһыран, Япония сэриитигэр кыттыһан, сэрии кэнниттэн Казахстаҥҥа эйэлээх олоҕу тутууга үлэлээн биһиэхэ, сыдьааннарыгар, холобур буолар олохтоох, чугас киһибит. Улахан уолугар Сергей Тихоновичка сэрии ыар кэмнэрин туһунан маннык кэпсиирэ эбитэ үһү.
Ильмень күөлү туоруулларыгар саллааттары күөл ортотугар баар арыыга сынньаппыттар. Тиэхээн старшойын кытта (2 миэтэрэ үрдүктээх нуучча киһитэ) ол арыыга тохтообокко үргүлдьү ааспыттар. Сарсыарда эрдэ күөллэрин арҕаа биэрэгин булан эрдэхтэринэ, өстөөх сөмүлүөттэрэ күөл устун хайыһарынан айаннаан иһэр саллааттары сиккиэр буулдьа ардаҕынан ытыалаабыттар, тоҥон турар күөл мууһун буомбанан көҥүтэ быраҕаттаабыттар. Ити ынырык иэдээҥҥэ тыһыынчанан буойун саллааттар суорума суолламмыттара, аҥардас сахалартан 400-тэн тахса киһи былаҕайга былдьаммыта.
Старай Русса дэриэбинэни босхолуур кыргыһыыга Тиэхээн бааһыран санитардар бэрэбээскилээбиттэрин кэннэ нэһиилэ сыһыллан истэҕинэ биир үтүө санаалаах эппиһиэр көрөн: «Сахалартан элбэх буойун өлөн туораата, бу саллааты эмтэтиэххэ наада» диэн санитарнай чааска сурук суруйан эмтэттэрэ ыыппыт. Онно баран истэҕинэ, киэһээ барык-сарык буолуута, дьон саҥаралларын истэн , өстөөхтөргө түбэстим диэн куттаммыт уонна –«Мин бааһырбыт сахабын», — дии-дии хаһыытаабытынан сиргэ охтубут. Саалар сомуохтара тыаһаабыттар да ыппакка нууччалыы ханнык чаастан сылдьарын ыйыппыттар, сааҕын бырах уонна чугаһаа диэбиттэр. Бу курдук хата бэйэтин дьонугар түбэһэн өрүһүммүт.
Бааһа оспутун кэннэ чааһыгар төннөн сулууспатын салҕаабыт. Арай биирдэ окуопаҕа сыттаҕына түүн ким эрэ уһугуннаран аптамаат диискэтин аҕал диэн бирикээстээбит. «Балай эмэ баара дии», — диэн мөҕүттэ-мөҕүттэ ылаары баран истэҕинэ, кэннигэр буомба дэлби тэппит, окуопаҕа хаалбыт бииргэ олорбут дьоно бары өлбүттэр. Тиэхээни буруйга тарда сыспыттар, быыһаммыккын, бэйэҥ тоҕута тэптэрбитиҥ буолуо диэн, хаайан биспиттэр. Үс хоннорон баран, өстөөх миинэтэ дэлби тэппитин быһааран төттөрү ыыппыттар.
Иккис бааһырыытын өттүккэ ылбыт. Өр эмтэнэн баран штабка дьурууһунайынан сулууспалаабыт. Арай биир түүн дьуһуурустубаҕа турдаҕына “баран уута аҕал” диэн соруйбуттар. Онно баран кэлиэн икки ардыгар штабы дэлби тэптэрэн кэбиспиттэр. Эмиэ уорбалаан хос хаайаллар. Бу сырыыга өстөөх буомбата түспүт диэн эмиэ босхолууллар. Үсүһүн бааһыран госпитальга эмтэнэ сыттаҕына, Харковь куораты босхолуурга, бары кыттаҕыт диэн бирикээс кэлэн хас да соххор-доҕолоҥ буолан баран истэхтэринэ биир аттаах генерал түбэһэ көрөн бааһырыылара улахан диэн төнүннэрбит. Сэриилэһэ барбыт саллааттартан ким да тыыннаах эргиллибэтэх. Ол генерал төнүннэрбэтэҕэ буоллар мин эмиэ өлүө эбиппин диэн кэпсиир буолара үһү.
Атаҕа сүгүн үтүөрбэккэ көнтөс сылдьан, аны Кытай кыраныыссатыгар харабылынан анаммыт. Биир түүн поска часовойдуу турдаҕына ким эрэ нууччалыы «Часовой!»- диэн ыҥырбыт. Чаһытынан солбуйсар бириэмэтэ кэлэ илик буолан, сэрэхэчийэн, Старай Руссаҕа курдук «Я!» — диэн хаһыытаат сыта биэрбит, сонно турбут сиригэр быһах кэлэн батары түспүт, онуоха саатынан ол саҥа туһаайыытынан ытан дьоппуон разведчигын таппыт. Кинилэр инник кэлэн тыаһа-ууһа суох сэбиэскэй часовойдары өлөртөөн бараллар эбит. Ити хорсун быһыытын иһин Находкин Тихон Федорович «За отвагу» мэтээлинэн наҕараадаламмыта.
Сэрии кэнниттэн Казахстаҥҥа эйэлээх олоҕу тутууга биир сыл үлэлээн баран 1946 сыллаахха эһээбит Находкин Тихон Федорович 9 бааһырыылаах, үгүс мэтээллэрдээх төрөөбүт дойдутугар төннөн таптыыр кэргэнинээн Балааҕыстыын колхуоска ньиргиччи эйэлээх олоҕу тутуһа үлэлээн-хамсаан, күүтүүлээх маҥнайгы уол оҕолорун — биһиги аҕабытын Сэргэйи 1948 сыллаахха төрөтөн үөрэ-көтө олордохторуна эбээбит барахсан, ол саҕана элбэх киһи ыалдьар, сэллик ыарыытынан моһуогуран, эрэйи көрөн, эмтэнэ сатаан баран 1951 сыллаахха сырдык тыына быстыбыт. Сэрии сылларыгар тыылга ыарахан үлэни көрсөн, Ааллаах Үүҥҥэ таһаҕасчыттыы сылдьан тоҥон-хатан, аччыктаан доруобуйатын кэбирэппитэ олоҕун кылгаппыта мөккүөрэ суох. Эһээбит тапталлаах доҕорун, сэрииттэн эргиллэн кэлэрин эрэнэ күүппүт кэргэнин Хамаҕатта сиригэр-уотугар кистээбитэ. Эбээбитин Пелагея Тимофеевнаны кинини кытта алтыспыт, бииргэ үлэлээбит дьоно олус истиҥник ахталлара-саныыллара, биһиэхэ кэпсииллэрэ. Биһиги эбээбит Находкина Пелагея Тимофеевна билигин баара буоллар 97 сааһын тулуохтаах этэ… Дьылҕа-хаан оҥоһуутунан баара-суоҕа 30 эдэркээн сааһыгар сэллик ыарыыга ылларан бу орто дойдуттан, биһиги аҕабыт, маҥнайгы собус-соҕотох уол оҕото Сэргэй 3 саастааҕар, быыкаайык уолчааны тулаайах хаалларан күн сириттэн суох буолаахтаабыта.
Аҕабытын тулаайах хаалбытын кэннэ кини ийэтэ Көбөкөн олохтооҕо Барамыгина Ирина Ивановна уонна кини кыргыттара Балааҕыс бииргэ төрөөбүттэрэ: Иванова Татьяна Тимофеевна, Иванова Александра Тимофеевна ииппиттэрэ, көрөн-истэн киһи гына улаатыннарбыттара. Бэйэлэрэ ыал буолбакка, оҕо төрөппөккө, үөлээннэхтэрэ фроҥҥа баран эргиллибэтэхтэригэр соҕотох хааланнар тулаайах буолбут бырааттарын ииппиттэрэ, кэлин, биһигини сиэннэрин үһүөммүтүн, көрөн-истэн улаатыннаран 80-чаларын лаппа ааһан баран аннараа дойдуга аттаммыттара.
Чугас дьоно эбээбитин таптаан Балааҕыс диэн ааттыыллара эбитэ үһү. Кини 1921 сыллаахха Арбын нэһилиэгэр Иванов Түмээскэ, Барамыгина Өрүүнэ колхуостаах ыал 16-та оҕоломмуттарыттан 5 оҕо ордон, кини иккис кыыс буолан улааппыта. 1942 сыллаахха кэргэнэ Тиэхээн фроҥҥа барбытын кэннэ эбээбит Балааҕыс соҕотоҕун хаалан Ленин колхуоска атын дьахталлары, кырдьаҕастары, оҕолору кытта барбыт эр дьоннорун солбуйан ыарахан тыыл үлэтигэр көлүллэн сэрии иэдээнин этинэн-хаанынан билбитэ. Ол саҕанааҕы архивка баар дөкүмүөннэргэ көрдөххө кини аата сайынын отчуттар биригээдэлэрин испииһэгэр, күһүн бурдук хомууругар, кыһынын кыладыапсыктыы сылдьыбытын туһунан былыргы сурунаалларга сурулла сылдьар. Сэрии ыар аччыктааһынын тулуйбакка иитэр уоллара Ваня ыалдьан өлөн хаалаахтаабыт.
Биһиги аҕабытын Находкин Сергей Тихоновиһы ииппит эдьиийдэрэ Иванова Татьяна Тимофеевна сэрии кэмигэр Көбөкөҥҥө суотчутунан, Иванова Александра Тимофеевна Намҥа военругунан тыылга үлэлээбиттэрэ. Кинилэр кэнники биһиэхэ кэпсиир этилэр- эбээбит Балааҕыс сэрии ыар сылларыгар 22 саастааҕар Хамаҕатта нэһилиэгин Ленин колхуос айаны кыайар эдэр дьахталлара, эр дьонноро буоланнар Ааллаах Үүҥҥэ кыһыҥҥы кэмҥэ таһаҕас таһыытыгар сылдьыбыттар. Күһүн хас эмэ көлөнөн таһаҕас тиэйэн Ааллаах үүҥҥэ айанныыллара үһү. Уһун сындалҕаннаах айаҥҥа сыарҕалара алдьанан, аара хоно-хоно хас эмэ ыйы быһа айаннаан тиийэн таһаҕастарын туттараллар үһү. Саас төннөн кэлэллэригэр таҥастара алдьанан, астара бүтэн аччыктаан кэлэллэрэ эбитэ үһү. Тиэйэр табаардара үксэ бурдук, тоҥ балык, туттар сэп-сэбиргэл, быа-туһах буолара үһү. Айан ыар сындылҕаннаах сырыыта-аһаҕас халлаан анныгар балааккалаах хонуу, сүүрүгүрэ сытар хаардаах таҥнары аар тумарык туманы быыһынан кэстэрии, саһаан халыҥнаах хаары хаһан айан суолун тэлии дьахтар киһиэхэ олус ыарахан этэ диэн кэпсээбит этэ. Эр санаалаах хорсун саха дьахталлара буолан тулуйан сырыттахтара буолуо.
Кэлин эҺээбит Орджоникидзевскай оройуон Өктөм нэһилиэгиттэн төрүттээх, бэйэтиттэн 25 сыл балыс Ефимова Лидия Степановна диэн эдэркээн дьахтары ойох ылан 8 оҕону төрөтөннөр Находкиннар ааттарын ааттатар элбэх сиэн, хос сиэн төрдө буолбуттара. Эһээбит улахан уолун Сэргэйи улааппытын кэннэ билсэр, оҕолорун билсиһиннэрэн, эһээ буолар дьолу билэн 66 сааһыгар сэриигэ ылбыт баастарыттан ыалдьан 1979 сыллаахха сырдык тыына быстыбыта.Кини көмүс уҥуоҕа төрөөбүт-үөскээбит тапталлаах Бартыһаанын нэһилиэгэр айан суолун кытыытыгар сэрии кыттыылааҕа диэн аалай сулуһунан бэлиэтэнэн харалла сытар. Олоҕун тиһэх күннэрин Орджоникидзевскэй (билигин Хаҥалас) оройуонугар олорбут буолан сэрии кыттыылаахтарын туһунан өйдөбүнньүк «Память» диэн кинигэ 5 чааһыгар Орджоникидзевскэй оройуон сэрии кыттыылаахтарын кытта сурулла сылдьар.
Биһиги, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ эһэлээх эбээбитин төһө да хаартысканан эрэ көрөн билбиппит иһин, кинилэр Кыайыы күнүн чугаһаппыттара, эдэр саастарын эйэлээх олох туһугар анаабыттара диэн киэн туттабыт!
Ольга НАХОДКИНА, хос сиэннэрэ, И.С. Гаврильев аатынан Нам орто оскуолатын 3 кыл. үөрэнээччитэ, Нам улууһа.
keskil14.ru