Саха норуотугар «Оҕолоох ыалтан оннооҕор уот иччитэ үөрэр» диэн өс хоһооно баар. Былыр былыргыттан элбэх оҕолонуу — утуму ууһатыы, удьуору уһатыы, сирдээҕи аналы толоруу быһыытынан сыаналанара. Бүлүү улууһа өрөспүүбүлүкэҕэ саамай элбэх Герой ийэлээх улууһунан биллэр. Биһиги улууспутугар барыта 105 Герой ийэлээхпит. Олор истэригэр Тааһаҕар нэһилиэгэр олорор 10 оҕо күн-күбэй ийэтэ, элбэх сиэн эйэҕэс эбэтэ, Герой ийэ Харлампьева Матрена Акимовна — биһиги бүгүҥҥү ыалдьыппыт.
Матрена Акимовна олоҕун аргыһын Семенов Михаил Петровиһы көрсөн, сүрэхтэринэн сөбүлэһэн, харахтарынан хайҕаһан 1987 сыллаахха сэтинньи 27 күнүгэр уруу киэһэтин тэрийэн, ыал буолбуттара. Сэмиэнэптэр дьиэ кэргэн, сиэр быһыытынан, аал уоту оттунан, алаһа дьиэни тэринэн, иитэр сүөһүнү күрүөлээн, төрүүр оҕону төлкөлөөн, Тааһаҕар нэһилиэгэр олохсуйбуттара. Кинилэр 10 оҕону көрөн-харайан, улаатыннаран, Матрена Акимовна 2004 сыллаахха Герой ийэ аатын сүкпүтэ. Оҕолор этэҥҥэ улаатан, үөрэнэн, үлэһит буоллулар, ыал буолан тарҕастылар. Кыра уол Владимир быйыл оскуоланы бүтэрээри сылдьар. Матрена Акимовна билигин орто уонна кыра уолаттарын кытта олорор. Хомойуох иһин, улахан ыал аҕа баһылыга Михаил Петрович аҕыйах сыллааҕыта ыалдьан соһуччу күн сириттэн күрэммитэ, дьиэ кэргэн ыар сүтүктэммитэ. Ол да буоллар, Матрена Акимовна мындыр толкуйунан, санаатын күүһүнэн, оҕолорун көмөтүнэн улахан хаһаайыстыбаларын ыспакка тутан олорор.
— Оҕо сылдьан элбэх оҕолонуом дии саныыр этиҥ дуо?
— Элбэх оҕолонуом дии санаабат этим эрээри, оҕолору буостуктаһарбын сөбүлүүр да этим, элбэх оҕолоох ыалларга наар оҕо көрөөрү сылдьар этим.
— Бастакы оҕоҕун оҕоломмуккар туох санаа кууспутай?
— Бастакы оҕом уол, ону кыыстамматым диэн ытаабытым (күлэр), тоҕо ытыыгын өссө да оҕолонуоҥ дии диэбиттэригэр, кырдьык даҕаны диэн, уоскуйбутум.
—Элбэх оҕоҕо астыыр сылаалаах буолуо. Оҕолор саамай сөбүлүүр астара ханныгый?
— Суох, оннук буолбатах, ханнык да ыал ийэтэ астыырын курдук астыыгын, арай элбэх эрэ. Саамай сөбүлүүр астара чебурек уонна роза буолар, кэллэхтэринэ билигин да ирдииллэр. Ийээ, чебуректа, розата диэбитинэн киирэллэр.
— Онтон оҕолор астыылларыттан ким аһын ордороҕун?
— Улахан кыыһым Айна буһарар лагмана минньигэс. Мин буһардахпына аҕабыт Айна лагманыгар амтана тиийбэт диэччи.
— Саамай түбүктээх Саҥа дьыл бырааһынньыга. Оҕолоруҥ мааскалара саамай үчүгэй, интэриэһинэй буолааччы. Барыларыгар хайдах толкуйдаан тигэргин сөҕөр этибит.
— Отой ис-испиттэн үөрэ-көтө тигэр этим. Оннооҕор саҥатык бэйэм таҥаһым барсар диэтим да, көтүллэн мааска буолара.
— Хаһаайыстыбаҕытыгар төһө сүөһүлээххитий?
— Тоҕус төбө кыстаан турар, ону таһынан куурусса 3 арааһа уонна кус иитэбит. Сайынын оҕолор мустан оттуубут.
— Эдэр ыалларга баҕа санааҕын тиэрдиэҥ дуо?
— Элбэх оҕолоох үчүгэй, оҕолор-сиэннэр муһуннахтарына үөрэбин-көтөбүн, дьиэҕэ киһи элбэҕэ үчүгэй. Доруобуйаҕыт уйар буоллаҕына элбэх оҕолонуҥ, сирдээҕи дьол диэн бу буоллаҕа.
Саяна Григорьева, Дайаана Нахова,
«Дабаан» эдкордара,
Тааһаҕар, Бүлүү.