“Кулаковскай курдук улуу киһини төрөппүт омук кэхтэр кэскилэ суох.
Саха норуота өссө сайдан, албан аатыран иһиэҕэ.
Дьэ ол туһугар үлэлиэҕиҥ, күндү доҕоттоор”
Михаил Ефимович Николаев
СӨ Президенэ М.Е. Николаев анал ыйааҕынан А.Е. Кулаковскай төрөөбүтэ 115 сыллаах үбүлүөйэ киэҥник бэлиэтэммитэ. Биир пуунунан Дьохсоҕон орто оскуолатыгар кини аатын иҥэрии этэ. Үбүлүөй 1992 с. кулун тутар 14 күнүгэр оскуолаҕа ыытыллыбыта, СҺ Суруйааччылар сойууһун Правлениетын секретара Савва Тарасов, суруйааччылар Суорун Омоллоон, Реас Кулаковскай, Август Муран уонна Раиса, Рива, Людмила, Лариса, Алексей Кулаковскайдар, оройуон тэрилтэлэрин салайааччылара, нэһилиэктэр делегациялара кэлбиттэрэ.
1992 с Саха АССР Киин Ситэриилээх Комитетын председателэ 1927 с. уурааҕар олоҕуран, орто оскуола бастакы директора А. П. Пинигин бачыымынан, оскуолабытыгар А. Е. Кулаковскай аата иҥэриллибитэ, музей тэриллибитэ. Бу сылтан Өксөкүлээх Өлөксөйгө аналлаах тэрээһиннэр саҕаламмыттара. Өксөкүлээҕи үйэтитэр сыалтан 1992 сылтан Дьохсоҕон нэһилиэгин «Победа» КП (дириэктэр Е.В. Захаров) салалтата А.Е.Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан стипендияны бастыҥ выпускникка олохтообута күн бүгүнүгэр дылы туттарыллар. Бастакы бириэмийэни орто оскуоланы үрүҥ көмүс мэтээлинэн бүтэрбит Надежда Потапова ылбыта.
Өксөкүлээх төрөөбүтэ 120 сылын 1997 сыл кулун тутар 20 күнүгэр ылбыппыт. Алампа аатынан культура дьиэтигэр оройуон үөрэнээччилэрин ортолоругар “Өксөкүлээх ааҕыылара” аан бастаан ыытыллыбыттара. Якутскайтан культура министерствотыттан, суруйааччылар сойуустарыттан, атын тэрилтэлэр представителлэрэ, Кулаковскайдар аймах, оройуонтан салайааччылар, нэһилиэктэртэн делегациялар кэлбиттэрэ. 2002 с. музей дьиэтэ үлэҕэ киирбитэ. Кулаковскай А.Е. 125 сыллаах үбүлүөйэ 2002 сыл бэс ыйын 24 күнүгэр бэлиэтэммитэ. Нэһилиэк ыһыаҕа ити үбүлүөйгэ ананан, элбэх ыалдьыттаах буолбута. Ыраах Сунтаар оһуохайдьыттара, ырыаһыттара, ол иһигэр Ваня Трофимов, Ангелина Файрушина уо.д.а., барыта 150-ча ыалдьыты көрсүбүппүт. Өксөкүлээх айымньыларынан республика таһымнаах конкурстар оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо буолбуттара, элбэх улуустартан кыттааччылар бааллара. Бу сыл Улуу Өксөкүлээх Өлөксөй 125 сылыгар аналлаах Дьохсоҕоҥҥо «Өлбөт-сүппэт үйэлээх Өксөкүлээх» диэн региональнай научнай-практическай конференция уонна суруйааччы айымньыларынан уус-уран ааҕыылар ыытыллыбыттара. Онно кыттан миэстэлэспит оҕолор үлэлэрин түмэн, С.К.Архипова, Г.К.Давыдова, М.В.Сивцева кинигэ таһаарбыппыт. Биһиги оскуолаттан Петрова Катя «Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕо, айар үлэтэ. Хронологическай таблица» (сал. Давыдова Г.К.), Наумов Женя «Өксөкүлээх Өлөксөй уонна олох историята» (сал. Арылахова Г.Е.), Саввин Женя «Өксөкүлээх Өлөксөй сүөһү иитиитигэр сыһыаннаах итэҕэл сиэрэ-туома», Мочкин Гриша «Өксөкүлээх Өлөксөй — дуобатчыт» (сал. Архипова С.К.), Санникова Уля «Үрүйэ барахсан» (сал. Охлопкова С.П.), Карбаканова Аля «Өксөкүлээх Өлөксөй Өймөкөөҥҥө тиһэх сырыыта» (сал. Сивцева М.В.), Захарова Надя «Уот Хойостоон — Өксөкүлээх доҕоро» (сал. Архипова С.К., Давыдова Г.К.) дакылааттара киирбиттэрэ. 2002с. «Чуораанчык», «Колокольчик» республикатааҕы оҕо сурунаалларын 3-с нүөмэрдэрин толору улуу биир дойдулаахпытыгар анаан үөрэнээччилэрбит өйтөн суруйуулара, хоһоонноро, уруһуйдара тахсыбыттара, оскуолабыт үлэтин, Өксөкүлээх бириэмийэтин лауреаттарын сырдаппыппыт. «Өксөкүлээх уонна Өймөкөөн» документальнай киинэбит Таатта уонна Өймөкөөн көрсүһүүлэригэр тахсыбыта.
2003с. А.Е.Кулаковскай аатынан литературнай музей республика таһымнаах «Школьный музей» сибидиэтэлистибэни ылбыта. Оскуолабыт Өксөкүлээх Өлөксөй аатын сүгэр буолан эппиэтинэс улахан. Биир дойдулаах суруйааччыларбытын үйэтитиигэ саха тылын уонна литературатын методическай холбоһугун чилиэннэрэ Архипова Светлана Климентьевна, Давыдова Галина Константиновна, Сивцева Мария Владимировна былааннаахтык үлэлээбиппит. Хаһыаттарга, сурунаалларга суруйааччыларбытыгар аналлаах балаһалары бэлэмнээн таһаарарбыт. Уруоктарга Өксөкүлээх матырыйаалларын туттуу, улуустааҕы ааҕыылар, конференциялар, төгүрүк остуоллар сыллата үрдүк тэрээһиннээхтик сонуннук ыытыллыбыттара. Өксөкүлээх сыдьааннарын кытары ыкса сибээс олохтоммута. «Жизнь замечательных людей» серияҕа Н. Коняев «Алексей Кулаковский» кинигэтин биһирэмин тэрийэн ыыппыппыт, онно күндү ыалдьыттарынан М.Е. Николаев, Л.Р. Кулаковская о.д.а буолбуттара. Людмила Реасовна биһиэхэ куруутун сылдьан сүбэ-саргы биэрбитин, ааҕыыларга кыттыбытын олус күндүтүк саныыбыт.
Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 145 сылын төрөөбүт Дьохсоҕонун нэһилиэгэр, кини аатын сүгэр оскуолаҕа ньиргиэрдээхтик бэлиэтээтибиппит. Өксөкүлээхпит скверигэр тыыннаах сибэкки уурбуппут, нэһилиэкпит баһылыга Петр Егорович Захаров 2022 сылы Өксөкүлээх Өлөксөй сылынан биллэрбитэ. Бу бэлиэ күн сарсыардатыттан улуу биир дойдулаахпытыгар аналлаах кылаас чаастарын ыыппыппыт. Оҕолорбут «Кулаковскай ыллыгынан», «Сайын кэлиитэ», «АГРО», «А.Е.Кулаковскай», «Айанньыт», «Култууралар кэпсэтиилэрэ», «Амыдай алаас», «Аҕам олоҕо», «Саха дьахталларын мэтириэттэрэ», «Ытык сирдэр» диэн дириҥ ис хоһоонноох хайысхаларынан «Өксөкүлээх үөрэҕэ» билии-көрүү аартыгынан айаннаабыттара. Маны сэргэ, хабылык, хаамыска, өбүгэ оонньуулара көхтөөхтүк барбыта Тэрээһиммитин спортсаала устун тилэри тэлгэммит, оҕолор, учууталлар, нэһилиэк олохтоохторо илиилэрин сылааһын иҥэрбит араас сахалыы оҥоһуктарбыт, иһиттэрбит, харысхалларбыт, “Ытык сирдэринэн айан”, сүдү суруйааччы кинигэлэрин быыстапката киэргэппиттэрэ. “Өксөкүлээх сардаҥата” өрөспүүбүлүкэтээҕи акцияҕа кыттыһан, анал муннук тэрийбиппит, сүгүрүйүү туомугар кыттыбыппыт. Амыдай алааска күһүн педдесаҥҥа бара сылдьан “Хомус”, “Кыраһыабай кыыс” хоһооннорунан видеоролик устубуппут. Бу күн өрөспүүбүлүкэтээҕи «Өксөкүлээх ааҕыылара» научнай-практическай конференция түмүгүн киэҥ араҥаҕа таһаарбыппыт. Тэрээһиммитигэр Дьокуускай, Орто Халыма, Абый, Уус Майа, Өймөкөөн, Сунтаар, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Хаҥалас, Нам, Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас, Чурапчы, Таатта улуустарын араас нэһилиэктэриттэн барыта 126 оҕо, 21 учуутал көхтөөхтүк кытыбыттара. Дьүүллүүр сүбэҕэ Өксөкүлээх Өлөксөй сиэнэ Рива Реасовна Кулаковская, хос сиэнэ Варвара Атосовна Кулаковская, «Араҥас сулус», «Уран тыл» литературнай түмсүү чилиэннэрэ, учууталлар о.д.а үлэлэри сыаналаабыттара. Өссө биир улахан, үгүс киһини, оҕону түмпүт, РФ Президенин Гранын ылбыт үлэбитинэн — Өксөкүлээх «Сайын кэлиитэ» айымньытынан оҕо ыһыаҕын ыспыппыт буолар.
Аны 3 сылынан улуу киһибит төрөөбүтэ 150 сылын бэлиэтиэхпит. Онно бэлэмнэнии үлэтэ араас хайысханан бара турар. Ол курдук, бүгүн Дьохсоҕон орто оскуолатын эдэр педагогтарыгар “Өксөкүлээх ааҕыылара” научнай-практическай конференция буолла. Саха тылын, литературатын учуутала М.В. Сивцева Өксөкүлээххэ туох үлэ ыытыллыбытын история быыһын сэгэтэн кэпсээтэ. Хатыламмат, интэриэһинэй үлэлэри иһиттибит. Түмүккэ: айар тыл аҕатын олоҕун кэпсиир кылаас чааһын сырдатан Н.Е. Рожина (физика учуутала) “Өксөкүлээҕи үйэтитээччи”, икки омук бэйиэтэ А.Кулаковскай уонна У.Блейк айымньыларын ырытан А.А. Афанасьева (омук тылын учуутала) “Өксөкүлээх сүгүрүйээччитэ”, “Өксөкүлээх Өлөксөй сүөһүнү иитиигэ көрүүлэрэ” бэрт интэриэһинэй үлэнэн Е.Е. Попова (оҕо тэрилтэтин салайааччы), И.Л. Захарова (алын сүһүөх учуутала) “Чаҕылхай чинчийээччи” анал аакка тигистилэр. Үһүс миэстэ оҕо уһуйаанын иитээччилэрэ С.М. Тихонова, А.И. Наумова “Самыыр” айымньытынан, иккис – математик Л.И. Ефремова “Саха бухатыыра — математикаҕа” уонна нуучча тылын учууталлара Е.А. Аянитова, С.Е.Яковлева оҕолорго А.Кулаковскай олоҕун туһунан тиэкистэр сорудахтарын толкуйдаан, олус сонун үлэни таһааран муҥутуур кыайыылаах буоллулар. Оскуолабыт директора В.Д. Петрова үлэлэри олус сэҥээрбитин, биир идэлээхтэрбит элбэх матырыйаалы хаһыспыттарын, үгүһү иҥэриммиттэрин бэлиэтээн эттэ..
Михаил Ефимович Николаев «…Өксөкүлээх баараҕай нэһилиэстибэтэ норуокка киэҥник тиэрдиллиэҕэ, ону үөрэтэр-чинчийэр үлэ өссө кэҥиэ. Оччоҕуна норуотугар өҥөтө өссө үрдээн көстүөх, өссө дириҥээн арыллыах этэ,»- диэбитэ. Улуу Өксөкүлээх Өлөксөй — хайа да үйэҕэ өрүү инники угуйар-ыҥырар суолдьут сулуспут, өркөн өйбүт. Кини ийэ тылга, саха киһитигэр, төрөөбүт дойдуга бэриниилээх буолуу, муҥура суох таптал, кэскили тэрийии бастыҥ холобура буоларын өйдүүбүт уонна ону олоххо киллэрэргэ дьулуһабыт.
Мария Сивцева, саха тылын, литературатын учуутала,
Дьохсоҕон, Таатта