1970-80-с сылларга «Дүллүкү» совхоз Үөһээ Бүлүү оройуонугар биллэр биир бастыҥ үлэлээх, үрдүк ситиһиилээх этэ. Бастыҥ көрдөрүүлээх үлэһиттэрбит дойду киин куоратыгар Москваҕа күүлэйдээн, сынньанан кэлэр путевканан наҕараадаланаллара. Биһиги оскуолабыт оҕолоругар сорудах биэрэн, Бүтүн Сойуустааҕы норуот хаһаайыстыбатын ситиһиилэрин быыстапкатын баран көрбүт дьоммут туһунан матырыйаал хомуйдубут.
Ньургун Романов, V кылаас:
Мин хос эһэм Капитон Дмитриевич Герасимов «Дүллүкү» совхоз чемпион–тракториһа этэ. Кини хас да төгүллээх социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕа буолбута. Эһэм үлэтин үрдүктүк сыаналаан, 1975 сылга ВДНХ-ҕа путевка биэрбиттэр.
Онно кини ВДНХ павильоннарыттан, тыа киһитин быһыытынан, тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыаннааҕы сэргээн көрбүт, саҥа техникалары ордук сыныйан көрбүт, «сотору маннык биһиэхэ да кэлиэҕэ» диирэ үһү. Кинотеатрга ачыкы кэтэн баран киинэ көрбүтүн улаханнык сөҕөн кэпсиирэ үһү. Москваҕа Кыһыл болуоссакка, Ленин мавзолейыгар сылдьыбыт, Бочуотунай харабыл уларытыһарын көрбүтүн кэпсээбит. ВДНХ туһунан открыткалары, буклеттары илдьэ кэлбит. Кыһыл болуоссакка түспүт хаартыската кыракый саарык иһигэр баар кып-кыра хайаҕаһынан көрдөххө көстөрүн кэргэнэ, оҕолоро көрөн сөҕүү–махтайыы бөҕөлөр үһү.
Кэргэнигэр, оҕолоругар барыларыгар кэһии аҕалбыт. Оччолорго мээнэ атыыга суох таҥас–сап, оонньуур, ыас, уонна боруобаҕа бакыаттаах “сухой суп” диэни аҕалбытын ыалдьыттарга мииннээн иһэрдибиттэрин сөбүлээбиттэр.
Таня Иванова, VII кылаас :
Хос эбэм Варвара Прокопьевна Лаппарова, сэбиэскэй кэм саҕана өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр туруу үлэһит, уордьаннаах ыанньыксыт этэ. Сэрии саҕана биэс оҕотун кытта огдообо хаалбыт. Үйэтин тухары “Арбаҥда” колхозка ыанньыксытынан үлэлээбитэ.
Кини үлэҕэ үрдүк ситиһиилэрин иһин Сталин мэтээлинэн, Сэбиэскэй Сойуус биир үрдүк наҕараадатынан «Үлэ Кыһыл Знамята» уордьанынан наҕараадаламмыта. Өссө хос эбэм үрдүк көрдөрүүтүн иһин Москваҕа ВДНХ быыстапкатыгар сылдьар чиэскэ тиксибитэ. Быыстапкаттан элбэх сонуннаах, сири-дойдуну көрөн сэргэхсийэн кэлбитин кыргыттара, эдьиийдэрим кэпсээбиттэрэ.
Анита Седалищева, I кылаас:
Хос эһэм Капитон Иванович Ильин 1934 сыл ахсынньы ый 28 күнүгэр Дүллүкү нэһилиэгин Хомустааҕар төрөөбүтэ. Аҕата – Ильин Иван Васильевич, ийэтэ – Агафья Спиридоновна. Хос эбэм Варвара Петровна 1953 с. Намҥа трактористар куурустарыгар үөрэнэн кэлэн хос эһэбин көрсөн, ыал буолан 6 уол, 4 кыыс оҕоломмуттар.
Капитон Иванович “Дүллүкү” совхоз, оройуон бастыҥ тракториһа этэ. 5 сыл “Белорусь”, 15 сыл “ДТ – 54”, 14 сыл “ДТ – 75” трактордарга – барыта 34 сыл үлэлээбит. Өр дьулуурдаах үлэтин иһин “Москвич” массыына, “Урал ” мотоцикл фондаларынан бэлиэтэммит. Норуот хаһаайыстыбатын ситиһиилэрин быыстапкатыгар барар чиэскэ икки төгүл тиксибит, хаста да соҕуруу куораттарга сынньана бара сылдьыбыт.
Дархан Афанасьев, II кылаас:
Хос эһэм Иван Егорович Афанасьев 1929 с. Дүллүкүгэ Тэһэкэй алааска күн сирин көрбүт. Оҕо сааһа сэрии ыар кэмигэр ааспыт. Улаатан баран Үөһээ Бүлүүгэ тракторист идэтигэр үөрэнэн, маҥнай «НАТИ – 50» керосиннай тракторга, салгыы «ГБ – 58» (газобункернай) кылгас мас чуурканан уматык оңостон үлэлиир тракторы аҕалан, Ленин аатынан колхозка тракториһынан үлэлээбит. Салгыы “ДТ-54”, “ДТ-75” трактордарга 40-тан тахса сыл эңкилэ суох улэлээн элбэх бурдук бааһыналарын, ходуһалары оңорууга, араас тиэйэр-таһар үлэлэргэ сылдьыбыт. Колхозка “ДТ-54” тракторынан, аан маңнайгынан бачыым көтөҕөн, 2 от тиэйэр сыарҕанан биирдэ сылдьан, үлэни түргэтэппит уонна 2 сыарҕанан араас таһаҕаһы таһыыны саҕалаабыт. Кини саңа, бастың ньымалары олоххо киллэрсэн, оту субуулаан кэбиһэр агрегаты үлэҕэ киллэрсибит. Оччотооҕуга сарсыарда 4-5 чаастан киэһэ 9-10 диэри үлэлииллэр эбит. Yлэтигэр куруук үрдүк көрдөрүүлээх буолан, хайҕалга сылдьара. Элбэх бочуотунай грамоталардаах, «Коммунистическай үлэ ударнига» бэлиэлээх. Ленин аатынан колхоз үчүгэй үлэтин иһин «Победа» массыынанан наҕараадалаабыта. Ону бэйэтэ өрөмүөннээн сүүрдүбүтэ. Техникаҕа дьоҕурдаах рационализатор буолан, бэйэтэ толкуйдаан от охсор косилканы таңан оңорбут. «Дүллүкү» совхозка сүөһү кыстыыр хотонноругар механигынан үтүө суобастаахтык үлэлээбит.
Ситиһиилээх үлэтин иһин 1972 c. Москваҕа Бүтүн Сойуустааҕы норуот хаһаайыстыбатын ситиһиилэрин быыстапкатыгар баран кэлбит. Онно Дүллүкүттэн кинилиин түөрт киһи баран кэлбит: В. А. Яковлев, А.А.Струкин, М.С.Борисова. Дьиэтигэр кэлэн баран ханна сылдьыбыттарын, араас сонун техниканы көрбүтүн туһунан киэн тутта кэпсээбит. Киин куораттан бэйэтигэр саа ылыммыт, кыргыттарыгар тыа сиригэр дэҥҥэ көстөр хары чаһытын бэлэхтээбит, барыларыгар кими да матарбакка кэһиилээх кэлбит. “Хойукка диэри санаан кэллэҕинэ оҕолоругар, сиэннэригэр Москваҕа сылдьыбытын ахтан-санаан кэпсиир этэ” диэн аҕам балтыбар Сардаанаҕа уонна миэхэ кэпсиир.
Айхал Петров, VII кылаас:
Мин эһэм Семен Петрович Егоров 1982 с. Бастыҥ булчут буолан, Москваҕа ВДНХ-ҕа күүлэйдии барар путевканан наҕараадаламмыт. Ону эбэм Александра Петровна ыалдьан балыыһаҕа киирэн хаалан,кыайан барбатах эбит.
Биһиги былырыын күһүн дьиэ кэргэнинэн Турцияттан кэлэн иһэн Москваҕа бу быыстапкаҕа сылдьыбыппыт. Бары олус сөбүлээбиппит. Киһи бастакы хардыытыттан олус өрө көтөҕүллүүлээх турукка сылдьар ураты сирэ буолар эбит. Мин саамай сэргээн көрбүтүм – “Космос” павильон этэ. Онно араас элбэх самолеттар, космическай аппараттар бааллар. Роботтар, уоттаах кыра сир шара баар этэ. Таһырдьа хааман истэххэ, араас сибэккилэр, мас арааһа үүнэн тураллара көрүөххэ кэрэ этэ. Саамай кэрэ көстүү – Норуоттар Доҕордоһууларын Көмүс фонтаннара. Кэлэн баран тугу көрбүппүн эһэбэр кэпсээбитим. Хаартыскаларбын, видеоларбын көрдөрбүтүм. Эһэм Семен Петрович “мин көрбөтөхпүн оҕолорум, сиэннэрим сылдьан, билэн-көрөн кэлбиттэр” диэн олус үөрбүтэ.
Бу курдук совхоһунан үлэлээн-хамсаан олорор кэмҥэ салалта үлэһит дьону сыаналаан, чиэстээн сынньатар, билиитин-көрүүтүн хаҥатарыгар болҕомтотун уурар эбит. Онтон үлэ дьоно эбии көтөҕүллэн, олохпут күннэтэ тупсарын, сайдарын туһугар кыһамньыларын ууран туран үлэлээбиттэрэ биһиэхэ үтүө холобур буолар.
Айыына Петрова, 7 кылаас,
Дүллүкү орто оскуолата,
Үөһээ Бүлүү