Урукку кэмтэн сылын аайы тимуровскай үлэ диэн баара. Тимуровскай хамаанданы суруйааччы Аркадий Гайдар олохтообут. «Тимур уонна кини хамаандата» диэн кинигэ суруйбута. Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр күүскэ тэнийбитэ. Аҕалара, убайдара сэриигэ барбыттарыгар, дьиэ кэргэҥҥэ аҥардас дьахтар, оҕо-аймах, кырдьаҕас хаалбыттара. Тимуровецтар бу ыалга кистээн, уу таһаллара, мас сааһылыыллара, хаар ыраастыыллара, о. д. а үлэни толороллоро. Бу дьоҥҥо көмөлөһөн, кыра да чэпчэтии, үөрүү оҥоро сатыыллара.
П.И. Яковлев аатынан Амма Наахара орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ кырдьаҕас саастаах дьоҥҥо мас хайытан, сааһылаан көмөлөстүбүт. Тимуровскай хамсааһыҥҥа V кылаастан саҕалаан XI кылаас оҕолоругар диэри бары кытынныбыт. Саастаах дьон олус үөрдүлэр, махтаннылар. Дьоҥҥо үтүөнү оҥорор долгутуулаах эбит, бэйэбит да үөрдүбүт. Биһиги биир да сылы тохтоппокко өрүү саастаах дьоҥҥо көмөлөһөбүт. XXI үйэ тимуровецтара буоларбытыттан киэн туттабыт.
Наина Зыкова, VIII кылаас,
«Аартык» медиакиин эдкора,
П.И. Яковлев аатынан Амма Наахара орто оскуолата, Амма улууһа