Учуутал үөрэнээччитигэр элбэх саҥа билиини эрэ иҥэрбэт, кини инники олоҕо ситиһиилээх буоларын туһугар үлэлииллэр, кыһаллаллар.
Оннук уһуйааччылартан биирдэстэрэ, «Аммосовтар» педагогическай дьиэ кэргэн төрүттээччитэ «Отличник образования Республики Саха (Якутия)», «Саха Республикатын үөрэҕин тиһигин бочуоттаах ветерана», «Учитель учителей Республики Саха (Якутия)», «Тит-Арыы нэһилиэгин бочуоттаах гражданина» Аммосова Анфиса Авеловна буолар. Кини бастакы көлүөнэ төрүкүттэн саҕалаан, педагогическай династияны билиһиннэрдэ.
Анфиса Авеловна от ыйын 22 күнүгэр 1954 сыллаахха күн сирин көрбүтэ, билигин Хаҥалас улууһун Чкалов нэһилиэгэр олорор. 1971 сыллаахха Тиит-Арыы оскуолатын бүтэрбитэ. Ол кэннэ 1 №-дээх «С. Ф. Гоголев аатынан Дьокуускайдааҕы педагогическай колледжка» үөрэнэ киирбит. Алын кылаас учууталларын дипломун ылан баран, 1975 сылтан 1977 сылга диэри учууталынан үлэлээбит, онтон эмиэ ити идэҕэ Тумул нэһилиэгэр 1977 сылтан 1992 сылга диэри үлэлээбит. 1992 сылтан 2019 сылга диэри Чкалов нэһилиэгэр көһөн, «И.А. Федоров аатынан Үһүс Малдьаҕар сүрүн уопсай үөрэхтээһин оскуолатыгар» алын кылаас учууталынан үлэлээбит. 44 сыл педагогическай стажтаах.
Дьиэ кэргэн улахан кыыһа Татарина Любовь Юрьевна 1997 сыллаахха Тит-Арыы оскуолатын бүтэрбит. 2010 с. Дьокуускайдааҕы «Государственнай администрация институтун» психология салаатыгар үөрэнэ киирбитэ уонна 2015 с. бутэрбитэ. 2017 сылтан 2019 сылга диэри АОУ РС (Я) ДПО «Институт развития образования и повышения квалификации им. С.Н. Донского-II» – оскуола иннинээҕи саастаах оҕолору иитээччи идэтигэр үөрэммит. 2004-2005 сылларга, Дьокуускай куоракка «Туллукчаан» начаальнай оскуола – оҕо уһуйааныгар, 2005-2008 с., 105 ньүөмэрдээх «Умка» оҕо уһуйааныгар, 2008-2014 с., 10 ньүөмэрдээх «Туллукчаан» оҕо уһуйааныгар, 2016-2021 с., 81 ньүөмэрдээх «Солнышко» оҕо уһуйааныгар, 2022 сылтан «Сардаана» оҕо уһуйааныгар улэлээбит.
Аммосова Анна Юрьевна – ыал орто кыыһа. Кини Тит-Арыы орто оскуолатын 2003 с. бүтэрэн баран «М.К. Аммосов аатынан Саха государственнай университетыгар» саха тылын уонна литературатын учуутала идэтинэн киирбитэ. Диплом ылыаҕыттан күн бүгүнүгэр диэри «И.А. Федоров аатынан Үһүс Малдьаҕар сүрүн уопсай үөрэхтээһин» оскуолатыгар учууталынан үлэлиир.
Никифорова Ирина Юрьевна – ыал кыра кыыһа. Кини Тит-Арыы орто оскуолатын 2007 с. бүтэрэн баран 2 №-дээх педагогическай колледжка үөрэнэ киирбитэ. 2011 с. үөрэҕин бүтэрэн «Мичил»14 №-дээх оҕо саадыгар иитээччинэн үлэҕэ киирбитэ. «М.К. Аммосов аатынан Саха государственнай университетыгар» педагогическай институтка үөрэнэ киирбит, 2016 с бүтэрбит. 14 №-дээх «Мичил» оҕо саадыгар 2 сыл үлэлээбит, онтон 2015 с. күһүн 16 №-дээх «Кэскил» оҕо саадыгар иитээччи идэтинэн сылдьар.
Саамай эдэр утумнааччы Аммосова Сайыына Юрьевна – ыал улахан сиэнэ. 2016 с. МБОУ «Покровская СОШ №1» бүтэрбитэ. Эбэтин суолунан баран «Н. Г. Чернышевскай аатынан Бүлүү педагогическай колледжыгар» үөрэнэ киирбитэ. 2019 с. педагогическай колледжы бүтэрэн алын кылаас учуутала уонна 3 сыл устата 2019 сылтан 2022 сылга диэри Сунтаар улууһугар, «Туойдаах ООШ» үлэлээбит. Онтон Бүлүү улууһугар көһөн кэлэн «М. А. Алексеев аатынан Барпагай Орто оскуолатыгар» үлэҕэ киирбит.
Ол курдук, биһиги нэһилиэкпит киэҥ туттар Аммосовтар дьиэ кэргэнэ уопсай педагогическай стажтара 92 сыл.
Ноева Кристина, 8 кылаас,
III-Малдьаҕар оскуолатын үөрэнээччитэ